Алгыстар тустарынан

Алгыстар хас да араас көрүҥҥэ арахсаллар. Саамай улахан алгыстар Айыы Доммноро буолаллар. Айыы доммноро диэн Үөһээ Аар Айыылартан көрдөһүү алгыстара. Айыы Доммноро бу былыргы Аан Дойду Чараас Үрүҥ, Айыылыы эйгэтигэр тахсар күлүүстэр буолаллар. Сахалыы алгыстар үгүстэрэ былыргы улахан култуура мантралара буолаллар. Мантралаах омуктарга Саха алгыстара саамай күүстээхтэргэ киирсэллэр. Айыы доммноро мээнэ тыллары уус-ураннык холбоон алҕааһын буолбатах. Кинилэр туспа кистэлэҥнээхтэр. Ол кистэлэҥнэрэ 24 доммнору барытын билэр  киһиэхэ эрэ толору арыллар.

Аан Дойду Үөһээ Айыылыы эйгэтигэр тылы-өһү, алгыһы иһитиннэрии кистэлэҥэ итиннэ сытар. Эбиитин алгыһы ыытар Айыы ойууна үөһээттэн ситимнээх, аналлаах киһи буолуохтаах. Бэйэлэрэ мантралаах, гимнэрдээх омуктар былыргы тыллар көмөлөрүнэн Орто Дойду, Аан да Дойду араас былыргы, аныгы, инники ис кистэлэҥнэрин аһыахха сөп диэн кистии-саба кэпсииллэр. Аар Айыы итэҕэлин былыргы доммноро эмиэ оннук күүстээхтэр.

Былыргы мантралар, гимнэр, малыыппалар үөскээбит сирдэрэ Азия буолар. Онон азиатскай омуктар сорохторо билигин былыргы, күүстээх тыллары билэллэр. Сахаларга былыргы Аар Айыы доммноро умнуллан, сүтэн, онно-манна ыһыллыбыттарыттан айылҕаттан хомуйдум, үксүн чөлүгэр түһэрдим. Ол эрээри сороҕун, ордук кистэлэҥнээҕин сурукка киллэрэ иликпин.

1696 сыллаахха Аар Айыы итэҕэлэ бобуллубутун кэннэ Айыы доммноро сиртэн умнуллан барбыттара. Сыыйа Үөһээ Аар Айыыларга үҥэр-сүгүрүйэр доммнор умнуллубуттара. Бэрт аҕыйах ахсааннаах, хаҥаластартан төрүттээх дьоннор бу култуураны хойуккуга диэри илдьэ сылдьыбыттара. Олортон Дуоҕа Боотур Лүксүрээнини, Миикээни кытта Бүлүү сиригэр илдьибит культурата ордук күүстээх этэ. Лүксүрээни өлөн, Миикээн үксүн түүн кыырар буолан, Дуоҕа Боотур кырдьан иһэн бэйэтэ Айыы ойууна буолбута. Сүрдээх аптаах-хомуһуннаах Айыы ойууна этэ. Дьэ, ол иһин Лүүчүн аҕатын ууһугар хойукка диэри Айыы ойууттара бааллара. Холобура, Орто Бүлүү улууһун киинигэр Хампаҕа таҥара дьиэтин тутулларыгар (IX үйэ бүтүүтэ), дьиэ олоҕун, тутуллуутун Тумус Мэхээлэ диэн Лүүчүн киһитэ (Айыы ойууна) алҕаабыта. Бэл, христианскай таҥара дьиэтин тутуутун Айыы ойууна алгыыр эбит. Тумус Мэхээлэни билиҥҥи Үөһээ Бүлүү Тумус Мэхээлэтин кытта бутуйумаҥ.

Аар Айыы итэҕэлигэр Айыы доммнорун саҥаран уонна саҥарбакка толоруу диэн баар. Саҥарбакка толоруу өссө уустук,  онно наһаа элбэхтик эрчиллиэххэ, дьарыктаныахха наадалаах. Итиннэ үҥээччилэр биир санааланыылара, тэҥҥэ үҥүүлэрэ, толкуйдааһыннара улахан оруолу ылыахтаах. Ким эмэ туспа туора киһи кыбыллан олордоҕуна үҥээччилэр Салгын Куттара биир күдьүс улахан  уопсай Аар Айыыларга тиийэр курдук улааппат, ыһыллаҕас, тус-туһунан ыллыктаах, туһаайыылаах. Оччоҕо үҥүү тахсыбат. Итинник үҥүүнү Аар Айыылар ылымматтар. Ол иһин Айыы ойууна үҥүүнү ыытарыгар, атын санаалаах киһи кыбылларын суох оҥоро сатыахтаах. Саҥаран алҕааһыҥҥа син биир итинник ирдэбил турар. Үҥүүнү-сүктүүнү соруйан мэһэйдээһин, ыһыы ыар аньыылаах.

Айыы Доммнорун алгыстара Саха норуотугар төннүөхтээхтэр. Тоҕо Айыы доммноро дэнэллэрий? Домм! — диэн Аан Дойду үөскээбит тыаһа, тыла, дорҕооно буолар. Үөһээ Аар Айыыларга тылы, алгыһы, көрдөһүүнү тириэрдэрдии ити улуу дорҕоон көмөтүнэн оҥоһуллар. Ол иһин Аар Айыыларга алгыс Айыы доммноро дэнэллэр. Домм күүһэ, көмөтө суох Аар Айыыларга алгыһынан тахсар кыах, бэл диэтэр, Айыы ойуунугар кыаллыбат. Ол иһин Айыы ойуунун үөрэҕэр Домм үөрэҕэ диэн туспа улахан салаа баар. Онон: «Аар Айыыларга туһаайан саҥардым, алҕаатым да бүтэр», — дии саныыр дьон улаханнык сыыстараллар. Домм үөрэҕэ элбэх ис кистэлэҥнэрдээх. Кинилэр истэригэр былыргы күүстээх тыллар бааллар. Холобур, саамай боростуойун, судургутун эттэххэ, хааны тохтотуу, ыарыыны уҕарытыы тыллара домм тылларыгар бааллар. Оттон саамай улахана Аан Дойду (Вселенная) улахан кистэлэҥнэрин арыйар алгыстар буолаллар.

Сиргэ цивилизациялар солбуһа тураллар. Хас биирдии цивилизация сайдан муҥутууругар тиийэн баран кэхтэр, сүтэр, симэлийэр. Киһи-аймах сиргэ саҥа үөскээн олорор дии санааһын отой сыыһа. Билиҥҥи цивилизация сайдан, чыпчаалыгар тиийэн төннүүгэ барда. Ол көстөн турар. Киһи-аймах хамсааһына — миграцията саҕаланан эрэр. Киһи олус алдьаппытыттан Ийэ Айылҕа оһорунууга, бэйэтин көмүскэниигэ барда. Ийэ Айылҕа киһитээҕэр күүстээх, кинини Аар Айыылар көмүскүүллэр уонна дьэ, кини тоҕо сытан биэрэн тохтоло суох үлтү садаҕалатыаҕай?! Ийэ Айылҕа сүрүн төрүтүн, сир шарын хамсатан, балаһыанньатын уларытан, ыраастаан эмиэ саҥалыы оҥорон, тэрийэн Аар Айыылар үрдүк дьаһалларынан саҥалыы оҥорууга, айыыга барда. Сир шара балаһыанньатын уларытан сир кистэлэҥнэрин тоҥорон уура сытар лабораторияларыгар урукку кэм уһуктан, били былыргы саха улуу дьонноро кэпсииллэринии,  тэҥкэ тиит саҕа улахан дьоннор уһуктан туран сири оҥорон-тутан барыахтара. Ити кэмҥэ билиҥҥи цивилизация төрүт сүтүөҕэ.

Арҕаа Европаттан саҕаламмыт билиҥҥи цивилизация төрүт дьиҥнээх айылҕаны алдьатар, куорҕаллыыр, айылҕаҕа туох да туһаны оҥорбот, аҥардас ылар, былдьыыр, халыыр, уорар адьынаттаах элбэх киһи хаанын тохпут, миллиардынан ахсааннаах  дьон уҥуоҕун үрдүгэр тутуллубут тэрээһин буолар. Киниэхэ ханнык да итэҕэл, ытык быһыы, үтүө санаа суох. Итинник тэриллибит буолан, бу цивилизация наһаа адьырҕа. Бу тэрээһин байыы өйдөбүлүгэр, ухханыгар олоҕурбут буолан итинник. Европеецтар бэйэлэрэ эмиэ итинник этэллэр. Туох барыта күүс, ахсаан, сэбилэнии өттүнэн быһаарыллар — олус судургу, кыыллыы өйдөөх- санаалаах уопсай психология бу цивилизацияҕа баһыйар оруолу ылар. Оттон оннук быһыы өр барар кыаҕа суох. Аан Дойду үрдүкү күүстэрэ итинник цивилизация сүтэригэр олук уураллар. Сиргэ үтүө санаа, кэрэ быһыы, кырдьык, сөптөөх, айылҕаҕа дьүөрэлээх — онон төннөллөрө уолдьаста. Куһаҕана диэн, билиҥҥи сир дьоно итини көрбөккө хаалабыт. Ол эрээри куппут-сүрбүт көрүө, билиэ буоллаҕа дии. Сымыйа, албын быһыы, адьырҕатыйыы баһыйан турар кэмэ үтүө дьон өйүгэр-санаатыгар утарсыыны үөскэтэр. Ити утарсыы күүһэ, санаата чараас эйгэҕэ тахсан, Аан Дойду үрдүкү күүстэригэр тиийэн, бу ыар кэм алдьаныытыгар биир сүрүн олугу угар. Ол иһин этэллэр: «Киһи-аймах санаата- Үрдүкү Таҥара санаата», — диэн.

Айыы итэҕэлэ төннөргө дьулуһуута маны кытта ыга сибээстээх. Түҥ былыргы Аар Айыы итэҕэлэ саамай өрдөөҕү, дьиҥнээх Сир былыргы күүстээх итэҕэллэриттэн биирдэстэрэ буолар. Кини олус өрдөөҕү итэҕэл буоларын быһыытынан, бэрт үгүс кистэлэҥи илдьэ сылдьар. Урут этэн аһарбытым курдук, ол кистэлэҥнэрэ былыргы доммноругар кистэнэн сылдьаллар. Мин 36 доммнору билэбин. Сүүрбэ бэһис доммтон саҕалаан улахан кистэлэҥнэр биллэн бараллар. Ол эрээри сүүрбэ бэһис доммтон ыла Улуу кистэлэҥнэри арыйар олус күүстээх тыллар саҕаланаллар. Былыргы саха итэҕэлин, сэһэнин быһыытынан, сир кистэлэҥэ барыта Үрүҥ Аар Тойон дьаһалынан кыһыл көмүскэ суруллан сиргэ кистэнэн ууруллубут. Кыһыл көмүс дьэбиннирбэт, дьүһүнэ уларыйбат. Онон ол суруктар көстөн кэлиэхтэрин сөп. Саамай улахан кистэлэҥ суруктары аҕыс кырыылаах таас остолбоҕо Уһун Дьурантаайы Суруксут суруйар. Ити остолбону Сүҥ Дьааһын Тойон, Улуу Хотой Айыы баһылыктаах көмүскэстээх Аар Айыы Дьөһүөлдьүттэрэ күннэри-түүннэри тохтоло суох маныыллар. Абааһы күүстэрэ, алдьатыылаах амырыын дьай алларааттара, улуу үөрдэр ити аҕыс кырыылаах таас остолбо суругун уоран ааҕа  сатыыллар. Өскөтүн ааҕар түбэлтэлэригэр Айыы дьонугар иэдээн. Орто Дойду олоҕун отуорун алдьаныыта кэлиэхтээх. Дьэ, ол иһин таҥхалааһын (спиритизм) дьиҥнээх абааһы дьайыыта буолар. Тоҕо диэтэххэ, таҥхаһыттар ити аҕыс кырыылаах остолбо суругун ааҕарга абааһылары быһаччы кигэллэр.

Айыы доммнорун кэнниттэн иккис суолталаах алгыстар уот алгыстара буолаллар. Уот алгыстара сирдээҕи үтүө иччилэргэ ананаллар. Алгыс уот иччитин Хатан Тэмиэрийэни, Аан Дойду иччитэ Аан Алахчын Хотуну, Баай Байанайы, Күөх Боллох Тойону, түөлбэ, сир, дойду иччилэрин ыҥыран айах тутуунан саҕаланар. Алгысчыт, өскөтүн кини ойуун буоллаҕына, көмөлөһөр күүстэрин эмиэ ыҥырыан сөптөөх.

Оттон Айыы ойууна Үөһээ Аар Айыыларга алҕаан баран, алгыһын иккис чааһын уокка алгыыр. Алгыстар Аар Айыылар тыллара буолаллар. Кинилэр Аан Дойдуттан ыарыыны, куһаҕаны тэйитэллэр, Орто Дойду олоҕун олугун чиҥэтэллэр, үчүгэй уонна куһаҕан тэҥнэниитин олохтуур сүрүн күүһүнэн буолаллар. Алгыс суоҕа эбитэ буоллар,  Аан Дойду абааһы дьайынан бүрүллүө, аам-дьаам, бүдүк-бадык буолуо этэ.

Алгыс олус наада кэмэ кэллэ. Аан Дойду олоҕо атыйахтаах уулуу айманар, Орто Дойду олоҕо отохсуйар кутталлара кэллэ. Амырыын күүстэр аҥардастыы айбардыыр буоллулар. Аһыммат адьынат адаҕыйда, өлөрсүү-сүтэрсии өрөгөйдөөтө, өһөхтөөх санаа өрө күүрдэ, былдьыыр былаан былааҕа күөрэйдэ, сүтэрэр санаа сүүнэтийдэ, Сир ийэ симэһинин сиэн бүтэрэргэ дьулуһуу тууһугурда. Аар Айыыларга үҥүү-сүктүү, алгыс күүһэ, Аар Тойон аһыныылаах санаата эрэ быыһыыр кэмэ быһыылаах. Оннук дуу доҕоттоор! Эһиги, туох дии саныыгыт?

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх