Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр✍🏻
Нина Сутакова: Алгыстаах сырыыбыт табылынна ☺️🤲🏻
🍂🍂Дьоммут өтөхтөрүттэн, дьэ, өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэллибит. Дойдубут барахсан хара хаптаҕаһыттан (ити тоҕо итинник ааттанарый диэн ыйытаргыт оруннаах, Атамайга улаханнык аата ааттаммат ытык кырдьаҕаспыт аатын аһаҕастык этиппэт этилэр дьоммут..(моонньоҕонуттан), көмүс хатарыктааҕыттан, мас көтөрүттэн, куһуттан өлүүлээн күндүлээтэ.
🍇🍇Хара хаптаҕас уот сиэбит тыаҕа, лааҥкыга (дьылыттан көрөн) дэлэйдик үүнэр. Үктэлэ олус уустук буолан, сыраны -сылбаны ылар.
Ону ол диэбэккэ битэмииннээх сир аһын хара хаптаҕаһы кыһыҥҥыга хаһааныы, көрдөөн булан үргээһин түмүктэнэр кэмнэрэ.
Ыраах үрэх баһыгар сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Соһуччу тыа хаһаайынын көрсүөххэ эмиэ сөп. Тэйсибэккэ, ыҥырса сылдьыы, ыраахтан көстөр таҥас кэтии булгуччулаах.
Өбүгэлэрбит үгэстэринэн сиэри-туому тутуһа сылдьыллыахтаах. Иһийэн олорон үүтээн чачыгырыыр оһоҕун тыаһын истии, сылааһыгар угуттаныы дириҥ уоскулаҥы иҥэрэр айылгылаах.
Дьонноргут төрүт сирдэрин санаан-ахтан, тумнубакка сылдьан ааһар буолуҥ, күүстээх күүһү-уоҕу, өй-санаа сааһыланыытын төрөөбүт сиргиттэн эрэ булуоҥ.