Алгыстаах саха үҥкүүтун ситимэ быстыбатын!
Убаастабыллаах Александр Иванович!
Кун сирин корбут куннунэн эгэрдэлиибин! Ор сылларга Ункуу театрын салайааччытынан тахсыылаахтык, дьулуурдаахтык улэлээн Ункуу театрын урдук таhымна таhаардын! Ункуу саха омугун биир дирин ис- хосоонноох, айыылартан тардыылаах, итэгэлтэн тирэхтээх, ологун – дьаhагын кытта быстыспат ситимнээх, норуот дьоло, сайдыыта, бигэ туруга, утуо санаата инмит айымньытын биир хатыламмат корунэ буолар. Саха норуотун биир коhоно, дэгиттэр талаана Сергей Зверев – Кыыл Уола аатын сугэр Ункуу театрын ор сылларга чиэстээхтик, дьоhунаахтык сайыннаран, бары куускун, тэрийэр талааннын биэрэргин сэргиибит, ойуубут. Ункуу театрын торуттээччи, уус -уран салайааччы РФ искусстволарын утуолээх деятелэ, СР народнай артыыhа Г.С. Баишевтыын эйэ – дэмнээхик ор сылларга улэлээн театр олугун уурсубутун.
Саха ункуутун театрын аан дойду таhымыгар таhаарсыбыт онолооххун. Таетр араас сылларга ункуу искусствотын аатырбыт маастардарыттан, аан дойду араас норуоттарыттан истин биhирэбили ылбыта, ыла да турарын билэбит.
Саха ункуутэ норуот духовнай баайын быстыспат соргото. Саха ункуутэ норуот дууhата, баарын тухары кэрэгэ тардыhар идеала. Итэгэлбит ункуулэрин сурун ойдобуллэрэ олонхо ситимигэр киирэ сылдьаллар. Айыы боотурдара, намыhын удагаттар, кыталыктар, ыhыах ункуулэрэ тыыннаах костуу буолан олонхого тиhиллэ сылдьаллар. Саха ойууна Аан Айылгыга унэр, ус дойдунан тэлэhийэ котор, кыыл – суол, котор буолар, киэн куйаары анааарар, Сир дойду иччилэриниин алтыhар. Ойуун ункуутэ олох, ус дойду быстыспат ситимин туоhута буолар. Орогойдоох, котутуулээх оhуокайбыт, ологу уруйдуур ункуубут саха киhитин сурэгин чопчута, санаатын чыпчаала. Оhуокай алгыстаах, дьолу, уйгуну — быйаны, баайы- дуолу, сайдыыны тардар ункуу.
Сиртэн – буортан тэйбит айыы оголоро битииhиттэр утуо санаалаах, мааны майгылаах, ой- санаа орукуйуулээх, кэрэ, ыраас санаалаах тогус туруйа уолаттарбыт, агыс кыталык кыргыттарбыт алгыстаах битии ункуутунэн орто дойду дьонун айыылары кытта санаа уорагайынан ситимнииллэр, урун ойуун, алгысчыт алгыhын айыыларга тиэрдэр аналлаахтар. Орогойдоох да, ыарахаттардаах да кэмнэргэ ункуу, норуот музыката, ырыата – тойуга санааны богорготор, олоххо угуйар дьикти куустээхтэр. Саха ункуутун театра норуот айымньыларын корунун барытын куннэтэ саната, кэрэ уобарас буолан алгыы сылдьарын, сыанага, олоххо оруу баар буоларын сыал- сорук оностон ситиhэр. Билигин Сергей Афанасьевич Зверев – Кыыл Уолун аатынан театр биллэрдик сайынна, богоргоото. Айымньыларын ис- хоhооно, идеялара диринээтилэр. Хамсаныы техниката сайынна, мындыр, уустук уобарастар, саналыы коруулэр баар буоллулар. Ункуу театрsгар тэриллибит Н.Н. Петров салайар саха национальнай инструменнарын оркестра куускэ сайынна, репертуарыгар саха композитордарын уустук мухыкальнай айымньылара киирдилэр. Театр ункуутун коллектива, оркестр артыыстара сиппит – хоппут, элбэх урдэли ылбыт, дойдубут, тас да дойдулар билинэр, сэргиир айар коллективтарынан буоллулар. Ити барыта сыралаах улэттэн тахсар.
Александр Иванович сатабыллаах салалтагынан, айар коллективка болгомтолоох, урдук культуралаах сыhыаннынан, убу – харчыны булан театры элбэх киин куораттарга, тас дойдуларга гастроллатан коллектив сайдар суолун тобулагын. Айар улэгэ элбэх сана суурээннэри тохтобула суох киллэрэн сана спектакллар премьералара быыстала суох баралларын ситистин. Салайааччы быhыытынан коллектив инициативатын, айар дьогурун сайыннарарга кыhалларын кэрэхсэбиллээх.
Кэнники сылларга урдук таhымнаах айымньылар репертуары байыттылар. Олор истэригэр Р. Калимуллин музыкатыгар, аан дойдуга биллэр балетмейстер Георгий Ковтун «Дети белого солнца» спектакла, Николай Михеев музыкатыгар, хореограф Светлана Бессонова, режиссер Костас Марсан Сергей Зверев – Кыыл Уола матырыйаалларыгар ологуран туруорбут притча – спектакллара «Хара саhыл», Ян Круль музыкатыгар, Эйфман балетын премьера, балетмейстер Олег Марков олонхого ологуран туруорбут «Ситим» спектакла, Саха таетральнай искусствотын историятыгар туруорулла илик, аан бастаан анаан – минээн оhуокайга анаммыт И. Петров музыкатыгар, режиссер Д.Григорьева туруоруутугар, хореографтар Д.Федотова,Л.Антипина,Ю.Федоров хореографияларыгар турбут «Айыы аймагын биhигэ» спектакллара ураты костуулээх, саналыы коруулээх саха ункуутун инники сайдыыгар дьоhун хардыы буоллулар.
Дьолу, чол туругу, куустээх санааны, айар улэгэр ситhиилэри багарабын. Алгыстаах саха ункуутун ситимэ быстыбатын!
Искусствоведение доктора, Арктикатаагы культура уонна искусство институтун профессора, РФ искусстволарын утуолээх деятелэ Ангелина ЛУКИНА. 10.09.2024
Ранее было опубликовано Александра Алексеева поздравляют
+7 (999) 174-67-82