Алексей Еремеев: Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Күндү Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бу күн 1996 сыллаахха бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев ыйааҕынан олохтоммута. Оттон бу даата мээнэ талыллыбатаҕа. Олунньу 13 күнүгэр биллиилээх тыл үөрэхтээҕэ, саха тылын маҥнайгы алпаабытын оҥорбут киһи Семён Новгородов төрөөбүт күнэ.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх омук олорор буолан, тылларбыт эгэлгэтэ олус баай. Сахабыт сиригэр 2 судаарыстыбаннай тыл баар: саха тыла уонна нуучча тыла. Ону таһынан, 5 официальнай тыллаахпыт: эбээн, эбэҥки, чукча, дьүкээгир, долган тыллара. Бу тылларынан саҥарар дьон олохсуйбут сиригэр бу тыллар судаарыстыбаннай тыллары кытта тэҥҥэ туттуллаллар. Хас биирдии тылбыт биһиэхэ күндүтүн, улахан суолталааҕын биһиги өйдүүбүт. Тылларбыт эгэлгэтин инники көлүөнэлэргэ тиэрдии – ытык иэспит буолар. Тылга норуот туһунан киэҥ билии харалла сылдьар.
Былырыын «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон ылыллыбыта 30 сылын бэлиэтээбиппит. Бу улахан суолталаах бэлиэ түгэҥҥэ СӨ Наука Академиятын иһинэн Тылы үөрэтэр, харыстыыр, сайыннарар киин арыллыахтааҕын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Бырабыытылыстыбатыгар сорук биэрбитэ. Бу киин тыл кыһалҕатын, туругун чинчийэн төрөөбүт тыллары харыстыыр уонна сайыннарар ньымалары тобулар киэҥ хайысхалаах наука тэрилтэтэ буолуохтаах.
Саха сиригэр 2020 сылтан судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары харыстыыр уонна сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир. 2023 сылга бу бырагырааманы үбүлээһин икки төгүл улаатан, 100 мөл. солкуобайга тиийдэ. Судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэрии чэрчитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын сийиэһэ ыытыллар. Онно үүнэр көлүөнэҕэ төрөөбүт тылга уонна култуураҕа тапталы иҥэрии туһунан элбэх кэпсэтии буолар, сөптөөх быһаарыылар ылыллаллар.
Ил Дархан уурааҕынан 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ сокуоннарын барыллара икки судаарыстыбаннай тылынан – сахалыы уонна нууччалыы – Ил Түмэҥҥэ киирэллэрин хааччыйар Саха Өрөспүүбүлүкэтин конституционнай сокуона бигэргэтилиннэ.
Күндү доҕоттор! Өбүгэлэрбит баай култуураларын илдьэ сылдьар төрөөбүт тылбыт биһиэхэ түмсүү, сомоҕолоһуу, доҕордоһуу тирэҕэ буолуохтун!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев
Дорогие якутяне!
От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днём родного языка и письменности!
Этот день был учреждён указом первого президента республики Михаила Николаева в 1996 году. И эта дата выбрана неслучайно. 13 февраля родился выдающийся лингвист, разработчик первого алфавита якутского языка Семён Новгородов.
В нашей многонациональной республике статус государственных имеют русский язык и язык саха. Помимо этого, долганский, юкагирский, эвенский, эвенкийский, чукотский являются официальными языками на территориях компактного проживания данных народов. Наш долг – сохранить для потомства это невероятное разнообразие языков, ведь каждый язык – это неповторимое хранилище информации о народе.
В прошлом году мы отметили 30 лет с момента принятия закона «О языках в Республике Саха (Якутия)». В честь этого знаменательного события на базе Академии наук Республики Саха (Якутия) в прошлом году начата работа по созданию регионального центра по изучению, сохранению и развитию родных языков. Центр создаётся по поручению Ил Дархана Айсена Николаева Правительству республики. Его целью будет научно-исследовательское изучение современной языковой ситуации и выработка научно обоснованных решений по сохранению и развитию родных языков.
В Якутии с 2020 года действует государственная программа по сохранению и развитию государственных и официальных языков. Финансирование данной госпрограммы в 2023 году увеличено почти вдвое, благодаря чему сумма доведена до 100 млн. рублей. В рамках реализации данной госпрограммы проводится съезд учителей якутского языка, литературы и культуры Республики Саха (Якутия), на котором принимаются решения по насущным вопросам, касающимся воспитания у подрастающего поколения любви к родному языку и культуре.
Указом главы Якутии Айсена Николаева обнародован конституционный закон Республики Саха (Якутия), предусматривающий с 1 января 2023 года внесение на рассмотрение Государственного Собрания (Ил Тумэн) законопроектов на двух государственных языках республики – на языке саха и русском языке.
Дорогие друзья! Пусть культурное богатство наших предков, проявляющееся в языке, служит для нас стержнем нашего единства, сплочённости и дружбы народов.
Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) А.И. Еремеев
+7 (999) 174-67-82