Александр Акимов: Саха төрүт көрүҥүн өрөгөйүн бииргэ көрсүөҕүҥ!
Биһиги бүгүн Саха сиригэр, Арассыыйа эбэ хотуҥҥа, бүттүүн аан дойдуга мас тардыһыытын көҕүлээбит, саха төрүт көрүҥүнэн Олимпиадаҕа чарапчыланан көрөр кыаҕы үөскэппит, өрөспүүбүлүкэҕэ спорт бөдөҥ тэрээһиннэрин салайбыт, киэҥ далааһыннаах күрэхтэр ыытыллар улуустарыгар олох-дьаһах, суол-иис, уотунан-сибээһинэн хааччыйыы тупсарын түстээбит киһини – саха саарына, сатабыллаах салайааччы, ирдэбиллээх тэрийээччи, билигин РФ Судаарыстыбаннай Дууматын Федерациятын Сэбиэтин кэмитиэтин салайааччытын солбуйааччы, сенатор Александр Константинович Акимовы кытта сэһэргэһэбит.
Сахалыы мас тардыһыытыгар аан дойду IV чемпионата саҕаланара баара-суоҕа уонча хонук хаалла. Хаһан ким ханна тымтыктанан көрбүтэ баарай, сайыҥҥы киэһэ сайылык тэлгэһэтигэр эбэтэр ыыс-быдан тымныыга имик-самык көмүлүөк уотугар балаҕан буор муостатыгар олорон көрүлүүр оонньуубут, күүһү-уоҕу холоһор дьарыкпыт Сахабыт сирин алаастарыттан тилэһийэ көтөн, киэҥ Арассыыйаны уҥуордаан, аны аан дойдуну баһылыаҕа дии саныа этэй?!
Мас тардыһыыта былыр-былыргыттан күүстээхтэр бэйэлэрин кыахтарын холонон көрөр, бастыҥы быһаарар саамай боростуой уонна судургу көрүҥнэрин быһыытынан, тустууну тэҥэ аан дойду үрдүнэн киэҥник тарҕаммыт буолуохтаах. Мас тоһоҕоһун, сонос мутугу илиигэр ыллыҥ да – сиргэ олоруна түһээт, ким кыайарын быһаарсан кэбиһиллэр. Онон аан дойду араас муннуктарыгар маһы (сорох сирдэргэ тимир ураҕаһы) тардыһыы баар буолбута ханнык да саарбахтааһына суох буолуохтаах. Онон атын омуктар “Биһиэхэ эмиэ баар этэ” диэн устуоруйаларын хасыһан, норуот кэпсээннэрин, үһүйээннэрин үөрэтэр буолбуттарын омнуолуур туспут, “Биһиги төрүт маспыт тардыһыытын иҥэринэ сатыыллар, былдьаан ылар буоллулар” диэн оруна суох айманарга төрүөппүт суох. Биһиги, сахалар, бүттүүн Сир үрдүгэр баар дьон иннигэр үтүөбүт диэн, бу норуот оонньуутун көрөөччү тутатына өйдүүр, сэргиир-кэрэхсиир курдук быраабылалаан, аныгы спорт көрүҥүн быһыытынан сайыннаран баран, бүтүн Арассыыйаҕа, онтон аан дойдуга бүтүннүүтүгэр күндү бэлэх, олоҥхону, ыһыаҕы, хомуһу тэҥэ, саха омук култууратын быстыспат сорҕотун курдук утары ууммуппут буолар. Бу туһунан Арассыыйатааҕы уонна Бүтүн Аан дойдутааҕы мас тардыһыытын федерацияларын докумуоннарыгар бигэргэтиллэн турар.
Мин бу көрүҥмүт төрүт былыргылыы лигиччи хамсаабакка олорон тардыһыытыттан аныгылыы хамсаныылардаах, үгүс дьикти албастардаах көрөөччүнү кэрэхсэтэр саҥалыы тыынын ылбыт кэмигэр, 1992 сыллаахха спорт миниистирин солбуйааччы В.П.Ноговицын, ол саҕана саҥа тэриллибит “Сахаада-спорт” Ассоциация салайааччыта А.Н.Ким этиилэрин ылынан, саҥа тэриллэр Федерацияны салайарга сөбүлэспитим. Онтон ыла отут сыл устата мин тус бэйэм үгүс түбүктэрдээх үлэм таһынан, оолҕум бүтүннүү бу төрүт саха көрүҥүн кытта сибээстээх. Биһиги билигин ыһыахпыт оонньуутун аан дойду таһымыгар таһаардыбыт диэн кимтэн да кыбыстыбакка, киэн тутта этиэхпитин сөп.
Туох да омуна суох, мас тардыһыытын ханнык баҕарар саҥа билсибит, спорка улахан сыһыана да суох киһи тутатына өйдүүр, сэргиир уонна сөбүлүүр. Маспытын ордук күүһү ирдиир уонна утарыта киирсиилэрдээх спорт бэрэстэбиитэллэрэ ордук чугастык ылыннылар. Ыараханы көтөҕөөччүлэргэ биһиги маспыт улахан көмө буолар. Аны туран, мас тардыһыыта утарыта киирсиилээх көрүҥнэртэн саамай “эйэлээхтэрэ” уонна, омуктуу эттэххэ, “джентльменскэйдэрэ” – мадьынылар утарыта киирсэллэригэр сирэйдэрин таһыйсыбаттар, илиини-атаҕы тоһуппаттар, утарсааччыларын кырбаабаттар, көбүөргэ хам баттаабаттар, биир тылынан эттэххэ, киһи дьоһунун түһэрбэттэр, баттыы сатаабаттар. Көннөрү миэтэрэ аҥаардаах мас нөҥүө ким күүстээҕин, кыахтааҕын, тулуурдааҕын, тарбаҕа кытаанаҕын, сиһэ быстыбатын быһаарсаллар. Онуох эбэн эттэххэ, биһиги көрүҥмүтүгэр күрэхтэһэргэ сыаналаах таҥас, уустук оҥоһуулаах тэрил наадата суох, саамай ыарахана – тэбилик мас, ону ханнык баҕарар улахан да ууһа суох киһи оҥостор кыахтаах. Эрчиллэргэ, күрэхтэһэргэ эмиэ улахан ороскуота суох. Онон мас тардыһыыбыт спорт бары көрүҥнэрин кэккэлэригэр олох ураты турар, дьон болҕомтотун тардар көрүҥ. Бу көрүҥмүтүн аан дойдуга таһаараары, бастакы олимпийскай чемпиоммут, аатырбыт тустуук Роман Дмитриев этиитинэн, “мас-рестлинг” диэн сахалыы-английскайдыы аат иҥэрбиппит туһугар эмиэ үтүө сабыдыаллаата диэн махтана саныыбын. Аныгы кэмҥэ спорт тэрээһинэ, тарҕаныыта үксүгэр тэлэбииһэринэн көрдөрүүнү кытта сибээстээх. Дьэ бу өттүнэн мас тардыһыыта сүрдээх кэскиллээх – хапсыһыылар, утарыта киирсиилэр көрөргө умсугутуулаах, түргэн-тарҕан буолан, олус тэтимнээхтик ыытыллаллар, күүстээх маастардар киирсиилэрэ үрдүк таһымнаах, тыҥааһыннаах, ыһыылаах-хаһыылаах буолаллар.
Ол иһин бу отут сыл устатыгар мас тардыһыыта Саха сиригэр сириэдийэ сайдан, 2003 сыллаахха Арассыыйаҕа билиниини ылан, онтон 2011 сылга Аан дойдутааҕы федерация тэриллэн, билигин биһиги кэккэбитигэр 50-тан тахса дойду баар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу көрүҥ биэс континенҥҥа барытыгар тарҕанна, улахан сэҥээриини ылла. Хамсык хаайтарыытын кэмигэр ордук Африка уонча дойдута маһы биһирээн, биһиэхэ киириэхтэрин баҕаралларын биллэрдилэр. Киһи сөҕүөҕэ, алтыс континеҥҥа – Антарктидаҕа – эмиэ мас тардыһыытыгар күрэхтэһиилэр ыытыллан тураллар, онно Соҕуруу полюс станциятын үлэлиир саха уола Айсен Афанасьев бэйэтин баҕа санаатынан тэрийэн, бииргэ кыстыыр доҕотторугар саха көрүҥүн билиһиннэрэн турар. Сорох дойдуларга биһигини кыттыһыннарбакка да, бэйэлэрэ куйаар ситимигэр көрөн интэриэһиргээн, дьарыктанан баралларын кэннилэриттэн “доруоптаан”, хойутаан истэн үөрэбит.
Саха сирин Ил Дархана А.С.Николаев биһиги иннибитигэр туруорбут соруктара баһырхайдар – 2032-2036 сс. мас тардыһыытын Олимпиада программатыгар киллэттэрэргэ. Бу сыалы-соругу ситиһэргэ туһулаан, быйыл Дьокуускай куоракка мас тардыһыытын Аан дойдутааҕы киинэ тэриллиэхтээх.
Мас тардыһыыга төрдүс чемпионаппыт быйылгы сылга Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар соҕотох аан дойду таһымнаах күрэхтэһии буолан, Арассыыйа спорка министиэристибэтэ сыл саамай үрдүк суолталаах тэрээһиннэрин ахсааныгар киллэрдэ. Бу быһаарыыны биһиги көрүҥмүтүн, Саха сирин спордун, өрөспүүбүүлүкэ спорду тэрийээччилэрин билинии, үрдүк сыанабыл быһыытынан ылынабыт. Онон биһиги, саха норуотун бүтүүнэ, бу итэҕэли чиэстээхтик толорорбут ирдэнэр. Аан дойду атыйахтаах уулуу ытыллар, норуоттар бэйэ бэйэлэрин утарыта турар кэмнэригэр саха дьоно өбүгэлэриттэн илдьэ кэлбит оонньуулара араас омуктары биир уораҕайга түмэр, эйэлээхтик күүһү холонорго көҕүлүүр, саха маһын тардыһыытын Олимпиада үрдэллэригэр тиэрдэргэ холбуур күрэхтэһии буолар диэн өйдүөхтээхпит.
Бу иннинээҕи бастакы уонна үһүс аан дойду чемпионаттарын биһиги кыһын тымныы муҥутаан турдаҕына, сэтинньи бүтэһик күннэригэр Дьокуускайга ыыталаабыппыт. Итиннэ ыалдьыттарбытыгар Саха сирин аатырар тымныытын илэ чахчы көрдөрөр, саха дьоно бу кыыдааннаах кыһынтан толлубакка үлэлии-хамсыы, айа-тута, күрэхтэһэ сылдьалларын билиһиннэрэр соруктаах этибит. Онтон быйыл Ил Дархаҥҥа анаан туруорсан, чемпионат кыттыылаахтарыгар уонна ыалдьыттарыгар аны саха самаан сайынын билиһиннэрэн, аан ийэ айылҕабыт муҥутаан чэлгийэн-наскыйан турар кэмигэр, Үрүҥ тунах Ыһыахпытыгар сырытыннаран, биһиги дьоммут-сэргэбит эйэлээх олоҕу түстүүр баҕа санааларын, үтүө алгыстарын илдьэ баралларын курдук тэрийэн ыытабыт.
Бэс ыйын 20-21 күннэригэр спортсменнар Дьокуускайга Москубаттан, Новосибирскайтан, Владивостоктан көтөн кэлэллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ бигэргэтиллибитинэн, 44 дойдуттан 232 киһи кэлэрэ биллэр, ол иһигэр быһаччы күрэхтэһээччитэ 146, онтон ордуга национальнай федерациялар салайааччылара, хамаанда бэрэстэбиитэллэрэ, тренердэр.
Бэс ыйын 23-24 күннэригэр “Триумф” спорт уораҕайыгар сарсыарда 10 чаастан ыйааһыннарынан күрэхтэһиилэр ыытыллаллар. Бэс ыйын 23 күнүгэр 15.30-17.00 чч. – аан дойду IV чемпионатын үөрүүлээхтик арыйыы.
23.06 – эр дьоҥҥо 60 кг, 80 кг, 105 кг, 125 кг, 125 кг үөһээ; дьахталларга 75 кг, 85 кг, 85 кг үөһээ ыйааһыннарга күрэстэһиэхтэрэ.
24.06 – эр дьоҥҥо 65 кг, 70 кг, 75 кг и 90 кг; дьахталларга 55 кг и 65 кг ыйааһыннаахтар күөн көрсүөхтэрэ. Бу күн өссө эр дьоҥҥо уонна дьахталларга аан дойду муҥутуур кыайыылааҕын быһаарарга барыллаан киирсиилэр буолуохтара. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу күрэххэ 12 дойдуттан 20 күүстээх суруттарда. Күрэхтэһии спортсменнарын ыйааһыннааһын бэс ыйын 23 күнүгэр буолар, онуоха дылы бу ахсаан эбиллиэ диэн эрэнэбит. Онтон муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар түмүктүүр киирсиилэр Туймаада ыһыаҕын бастакы күнүгэр, бэс ыйын 25 күнүгэр Үс Хатыҥҥа Дыгын оонньуулара ыытыллар сирдэригэр 15.00-16.30 чч. буолуоҕа. Ол иннинэ, 14.00 ити түһүлгэ аттыгар Мадьыны сэргэтин үөрүүлээхтик арыйыы сиэрэ-туома ыытыллыа. Бу уонча миэтэрэттэн тахсар үрдүктээх сэргэни чиргэл тиит мастан норуот маастара, биллиилээх мас уонна муус ууһа Федор Марков оҥоро сылдьар. Муҥутуур кыайыылаахха Александр Еремеевич Артемьев дириэктэрдээх “Саха ынаҕа” хааһына генофонднай тэрилтэтэ сүрүн бирииһи – саха төрүт боруода кунаны – туттарыаҕа. Саха сирин мас тардыһыытын сөбүлээччилэрэ саха уола бу бириискэ тигистэр диэн алгыстарын тирэдэллэр, эрэнэллэр.
24.06 “Триумф” уораҕайыгар мас тардыһыыга аан дойду IV чемпионатын үөрүүлээхтик сабыы сиэрэ-туома 19.00-20.00 чч. буолуоҕа.
Өссө икки кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлиэтиэхпин баҕарабын. Чемпионаты көрсө биһиги Аан дойдутааҕы федерациябытыгар анаан өрөгөй ырыатын суруйууга күөн күрэс биллэрбиппит. Ырыа үс тылынан толоруллар – сахалыыттан ураты, нууччалыы уонна английскайдыы тылбаастаах, муусукалаах буолуохтааҕа. Уонча үлэ киирбититтэн, норуот суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа тылларыгар, Юрий Спиридонов-Сиэн Тиитэп муусукатыгар ырыа кыайыылааҕынан биллэрилиннэ. Өрөгөй ырыатын чемпионат үөрүүлээхтик арыллыытыгар сүрэхтиэхпит, хамаандалар бары ыллаан кыттыахтара диэн баҕа санаалаахпыт.
Ону таһынан, бары билэргит курдук, биһиги федерациябыт ааспыт сылга Мас тардыһыытын Аан дойдутааҕы күнүн олохтообута, ол бэс ыйын бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтэниэхтээх. Бу күн дьаралык бэлиэтин оҥорууга эмиэ күөн күрэс биллэрбиппит. Бу күрэххэ уону кыайбат үлэ киирбитэ, кыайыылааҕынан Манчаары Баһылай аатынан саха төрүт көрүҥнэрин киинин производственнай-технологическай лабораториятын үлэһитэ, мас тардыһыытын элбэх наҕараадаларын, спортивнай формаларын, тирии курдарын ааптара Диана Баишева буолла.
Күрэххэ бары кыттыбыт айар дьоҕурдаах дьоммутугар махталы биллэрэбит, уонна кинилэргэ махтал суруктары тэҥэ, чемпионакка сылдьар билиэттэри бириис быһыытынан биэриэхпит.
Дьокуускайга бу чемпионат ыытыллара Ил Дархан А. С.Николаев, өрөспүүбүлүкэ салалтата мас тардыһыытын сайдыытыгар дьоһуннаах болҕомтону ууралларын бэлиэтэ буолар. Бу көрүҥмүт ураты чаҕылхай кэскиллээҕин таба өйдөөн, АЛРОСА хампаанньаны, онтон да атын Сахабыт сиригэр сир баайын хостуур кыахтаах тэрилтэлэри мас тардыһыыга сыһыарыахха диэн туруорсуубут олоххо киирэригэр баҕарабыт.
Бар дьоммун хамсык хаарчахтара этэҥҥэ түмүктэнэн, көҥүл тыыммыппытынан, саамал сайын кэлбитинэн, Үрүҥ тунах ыһыахтарбытынан, саха спордун биир өрөгөй көрүҥэр – мас тардыһыыга – аан дойду чемпионата буоларынан истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин, бары үтүөнү баҕарабын! Спорду сэҥээрээччилэри, эдэр ыччаппытын, аҕа саастаах үөлэннээхтэрбин чемпионакка кэлэн, биһиги мадьыныларбытыгар ыалдьан, кинилэргэ күүс-сэниэ эбэн биэриҥ, алгыскытын холбооҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Түмүкпэр, сахам дьонун бу уустук кэмҥэ сомоҕолоһорго, бииргэ буоларга, “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн мындыр этиини олохпут түһэ оҥосторбутугар ыҥырабын.
+7 (999) 174-67-82