Айыы итэҕэлин сурун төруттэрин туhунан кылгастык — VI
5. Итэҕэл сиэрин-туомун, алгыһы кимнээх ыытыахтаахтарый?
Итэҕэл сиэрин-туомун уонна алгыһы ыытар киһи уһун кэмнээх үөрэҕи, бэлэмнэниини барбыт, айылҕаттан дьиҥ дьоҕурдаах киһи буолуохтаах. Итэҕэл сиэрин-туомун, алгыһын кытта арчылааһын ыытыллар, ол аата ыраастааһын, алҕааһын.
Алгыһы, итэҕэл сиэрин-туомун, арчылааһыны ыытыыны сүрүн салайааччынан, толорооччунан Айыы ойууна буолар. Киниэхэ көмөлөһөр, сороҕор маннык сиэри-туому ыытар дьонунан Алгысчыт уонна Арчыһыт буолаллар.
Айыы ойуунун таһыма алтыс кэрдиистэн уон иккис кэрдиискэ дылы быһаарыллан үллэһиллэр. Айыы ойууна төгүрүк эбэтэр тэҥ ахсааннаах муостаах дүҥүрдээх буолар. Алтыс, сэттис кэрдиистээх саҥа саҕалаан эрэр эбэтэр кыра соҕус таһымнаах, ахсыс, тохсус кэрдиистээх орто таһымнаах, онус күүстээх таһымнаах, уон иккис улуу Айыы ойууттара буолаллар. Манна уон биирис кэрдиис көтөр, тоҕо диэтэххэ, Айыы ойууттарыттан ураты ойууттар саамай улуулара уон биир муостаах дүҥүрдэнэр. Итинтэн сирдэтэн: «Оттон сэттис, тохсус кэрдиистээх Айыы ойууттара оччоҕуна тэҥэ суох ахсааннаах муостаах дүҥүрдэнэллэр дуо?» — диэн боппуруос саамай сөпкө үөскээн тахсыан сөп. Сэттис, тохсус кэрдиистээх Айыы ойууттара, бутууру таһаарбат туһугар, төгүрүк дүҥүрдэниэхтэрин наада эбэтэр биир таһым аллараа, ол аата сэттис кэрдиистээх — алта, тохсус кэрдиистээх — аҕыс муостаах дүҥүрдэниэхтэрин сөптөөх диэн быһаарыллар.
Айыы ойууттара таһымнарын дүҥүрдэрин муостарын ахсаанынан араарары сөбүлээбэккэ, сорох Айыы ойууттара төгүрүк дүҥүрдэнэллэр эбит. Оттон таһымнарын дүҥүрдэригэр уонна таҥастарыгар баар чуорааннарын ахсааннарынан быһаараллар. Дьэ, оччоҕо сэттэ, тоҕус диэн тэҥэ суох ахсааннаах чуорааннар дүҥүргэ эбэтэр таҥаска ыйаныахтарын сөптөөх.
Айыы итэҕэлин сиэрин-туомун, алгыһы, арчылааһыны ыытар иккис киһинэн Алгысчыт буолар. Алгысчыттар бэһис кэрдиистэн тохсус кэрдиискэ диэри таһымнарынан үллэһиллэллэр. Алгысчыт сырдык өҥнөөх алгыыр таҥаһы кэтэр, маҥан дэйбиирдэнэр уонна кини таһымын таҥаһын чуорааннарын ахсаана быһаарар. Алгысчыт дүҥүрдэммэт.
Манна даҕатан эттэххэ, Алгысчыт, Арчыһыт уонна Айыы ойуунун таһымнарын Айыы ойууннарын Үрдүкү Сүбэтэ быһаарар. *Ким да бэйэтэ таһымын быһаарынан сиэри-туому оҥорбот, таһымын кэрдииһин туоһулуур бэлиэлэри иилиммэт.*
Бэһис, алтыс кэрдиистээх алгысчыт оннун-туойун булуммут саҕалаан эрэр эрээри, үчүгэйдик алгыыр алгысчыт буолар. Сэттис кэрдиис алгысчыт орто үчүгэй таһымнааҕын көрдөрөр. Ахсыс кэрдиис — үчүгэй айылгылаах улахан алгысчыт таһыма. Тохсус кэрдиис — улуу Алгысчыт буолуу таһыма. Кини Айыы ойуунугар букатын чугас турар. Улахан түһүлгэлэргэ да алгыы тахсар кыахтаах киһи буолуохтаах.
Алгысчыттар кэннилэриттэн Арчыһыттар кэлэллэр. Кинилэр киһи тас, ис эйгэтин сатаан арчылыыр, ыраастыыр, эмтиир буолуохтаахтар. Арчыһыттар бастакыттан төрдүс кэрдиискэ диэри үллэһиллэллэр.
Бастакы, иккис кэрдиистээх арчыһыттар саҕалаан эрэр арчыһыттар дэнэллэр. Үһүс кэрдиистээх арчыһыт — орто арчыһыт, төрдүс кэрдиистээх арчыһыт — улахан, алгысчыт буолан эрэр арчыһыт дэнэр.
Бу туһунан «Айыы эмчитин үөрэҕэ» диэн суруйууга эмиэ киирбитэ. Ону хос-хос хатылааһын курдук өйдөөмөҥ. Бу эмчиттэргэ анаан чиҥэтэн суруйуу буолар.
Алгысчыттарга, арчыһыттарга, өскөтүн кинилэр анаан-минээн үөрэммит норуот эмчиттэрэ буоллахтарына, Алгысчыт-эмчит, Арчыһыт-эмчит диэн ааттар иҥэриллэллэр. Алгысчыт уонна Арчыһыт эмчиттэргэ, таһымнарынан көрөн, бу иҥэриллибит кэрдиистэри таһынан, эмчит быһыытынан, сахалыы норуот эмчитин быһыытынан квалификационнай таһымнар иҥэриллиэхтэрин сөп. Бу кэрдиистэри, таһымнары барытын Саха Республикатынааҕы Норуот эмчиттэрин ассоциациятын Аттестациялыыр, квалификация биэрэр, быһаарар хамыыһыйата иҥэрэр.
Бу докумуоннары хос түһэрэн, үтүктэн, куоппуйалаан туһаныы иһин Сокуоҥҥа эппиэттэнэр.
Эрдэ Айыы итэҕэлин сурун төруттэрин туhунан кылгастык манна суруллубута.
+7 (999) 174-67-82