Айыы итэҕэлин сурун төруттэрин туhунан кылгастык — VII

6. Итэҕэлгэ сыыһалар киирэллэрэ тоҕо кутталлааҕый?

   Итэҕэл боппуруоһугар сыыһа үөрэтиилэр, этиилэр, суруйуулар киириилэрэ олус улахан кутталлаах. Хас биирдии итэҕэл туһунан суруйар, этэр, үөрэтэр киһи бэйэтэ таһаарбыт сыыһаларын билинэн, көннөрөн иһиэхтээх. Итэҕэли сөргүтэн, чөлүгэр түһэрэн киллэрии — уһун кэмнээх үлэ. Саха итэҕэлэ ханна да чопчу суруллан хаалбатах. Барыта онтон-мантан, хомуйуу фольклору, номохтору, аҕыйах киһи, ол иһигэр сахалыы билбэт омук дьоно суруйан хаалларбыт аҕыйах үлэлэрин үөрэтии, ырытыы түмүгэр, итэҕэли баһын-атаҕын сааһылыы, чуолкайдыы сатааһын. Ити бастакыта.

   Иккиһинэн, ким даҕаны Бүппэт Куйаары сиксигинэн көтөн-айаннаан, ол ахтыллар таҥараларбытын  илэ көрсөн, кэпсэтэн барытын ыраас мууска ууран билэн-көрөн кэлбэтэҕэ чахчы. Үйэҕэ биирдэ эмэтэ быһа холоон өйдөбүллэри, Космос сорох дьикти информацияларын, ол аата Аан Дойду кэпсэлин истэр дьон төрөөн  ааһаллар. Кинилэр даҕаны барытын билэбит дэммэттэр.

   Аар Айыылар улууларын, наһаа ыраахтарын уонна Сир киһитин кыаҕа кинилэри толору сыныйан билэр кыаҕа суоҕун иһин былыргы алгыстарга Үрүҥ Аар Тойон туһунан маннык этилиннэҕэ дии:

  Сиик тыыннаах,

  Симэһин хааннаах,

  Болоорхой бэйэлээх

  Бороҥ урааҥхай

  Бодуйан көрбөт аналлаах,

  Хаптаҕай тыллаах

  Татым ыйаахтаах,

  Таба ааттыыра кыаллыбат

  Улууттан улуу, үрдүктэн үрдүк

  Атааннаах Аар Тойон!!!

  Атыннык эттэххэ.

  Үүттээх таас олбохтоох,

  Үүтүнэн үллэр

  Үрүҥ көмүс уоруктаах,

  Үрдүк дьүүллээх,

  Үүс-аас бэйэлээх

  Үрүҥ Аар Тойон!!!

   Л.Афанасьев, А.Павлов, улуу А.Е.Кулаковскай нөҥүө түһэн, кини эппитин истибэккэ Үрдүк таҥараны Үрүҥ Айыы Тойон диэн эппиттэрэ, бутууру таһааран, билигин сорох дьон саамай улахан таҥарабыт Үрүҥ Айыы Тойон дии сылдьаллар.

   Дьэ, ити курдук искусственность, сыыһа-халты киирэн эбиллэн истэҕинэ Итэҕэлбит төрүт уларыйан, букатын атын да өйдөбүллэр үөскээн тахсыахтарын сөптөөх. Оччоҕо былыргы Итэҕэлбит сөргүтүллэн чөлүгэр түһүөхтээҕэр, эбии бутуллан бутугас буолан, ким да өйдөөбөт, ылыммат хааһыта буолан тахсара чуолкай. Сахаларга суох астрологияны киллэрэ сатааһын эмиэ улахан искусственнай, өйтөн оҥоруу көстүүтэ буолар. Итэҕэл буолла да булгуччу астрологиялаах буолуохтаах диэн баар дуо? Суох. Төттөрүтүн, христианство астрологияны, алхимияны утары охсуспута.

   Атын омуктарга баар итэҕэл өйдөбүллэрин аҕалан, Саха Итэҕэлигэр — Аар Айыы Итэҕэлигэр сыбааһын эмиэ сөптөөх түмүктэргэ аҕалбата чуолкай диэххэ наада. Билиҥҥи эдэр ыччакка сыыһалардаах билии соҥнонон, Итэҕэл киириитэ сыыһа суолунан баран хааллаҕына, ол ону төннөрөн аҕалан көннөрөр уустук буолуоҕа. Кэлэр көлүөнэ сыыһалардаах нэһилиэстибэни ылара охсуулааҕа биллэр суол.

   Билигин Итэҕэли сөргүтүү маҥнайгы, ол аата үөрэтии, чинчийии эрэ таһымыгар сылдьабыт. Итэҕэл туһунан сөпкө суруллубут биллэр-көстөр үлэлэр суохтарын да кэриэтэ.

   Онтон иккис таһым, итэҕэли атаҕар туруоруу, норуокка сыыйа киллэрии кэлиэҕэ. Салгыы үһүс таһым — Итэҕэл чуолкайданыыта, ылыныллыыта саҕаланыаҕа. Төрдүс таһымҥа дьон-сэргэ, итэҕэли ыытар дьон бары бэлэм буоланнар, Итэҕэл дьиҥнээхтик олоххо киириэҕэ. Сорох дьон этэллэр: «Тоҕо бытаанай, итэҕэллэнэ охсуохха наада этэ.» Биир өттүнэн ыллахха, сөпкө этэллэр. Итэҕэл наадата, кини туһалааҕа өйдөнөр суол. Ол гынан баран, атын омуктарга,  итэҕэллэргэ сэнэппэт, үчүгэй туруктаах, сыыһалара суох итэҕэл уонна итэҕэл туһунан үлэлэр наадалар. Оттон маннык Итэҕэли чахчы дьиҥнээхтик сөргүтүөххэ, чөлүгэр түһэриэххэ, дьон ылынар күүстээх итэҕэлэ оҥоруохха.

Эрдэ Айыы итэҕэлин сурун төруттэрин туhунан кылгастык манна суруллубута.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх