Site icon SAKHALIFE

Айыы итэҕэлин сурун төруттэрин туhунан кылгастык — V

4. Айыы алгыстара

Дьону үөрэтиигэ, Айыы суолугар аҕалыыга, кинилэргэ баар дьайы, кырыыһы, сэти тэйитэргэ Айыы алгыстара диэн быыһыыр, көмүскүүр сиэри-туому ыытыы наада. Айыы алгыстара бу туспа улахан сиэр-туом буолар. Алгыстар тус-туһунан хас да туһаайыыга арахсаллар. Холобур:

  — эмтиир-томтуур алгыстар,

  — дьайы, аньыыны ыраастыыр алгыстар,

  — кырыыһы, сэти тэйитэр алгыстар,

  — оҕону алҕааһын,

  — дьиэни-уоту, дьиэ тутуллар сирин алҕааһын,

  — иитэр сүөһүнү алҕааһын,

  — сүөһү тардыыта,

  — оҕоломмот, оҕо турбат буолуутун алҕааһын уо.д.а.

   Айыы алгыстарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөнү оҥоруу — бу дьиҥнээх былыргы Аар Айыы итэҕэлин биир сүрүн салаата буолар. Маннык алгыстар сиэрдэрэ-туомнара ыытыллыбат буолбута дьоҥҥо улахан охсуулаах буолбута чуолкай. Айылҕабытыттан, Ийэ итэҕэлбититтэн, былыргы үтүө үгэстэрбититтэн тэйэн, норуот быһыытынан  бэйэбит ис дьиҥмитин сүтэрэ быһыытыйыыбыт, искусственноска, үтүктээйи буолууга киириибит — барыта итинтэн буолла. Аньыы-хара, сэт-сэлээн, дьай тэйитиллибэккэ дьоҥҥо-сэргэҕэ иҥиитэ, ыарыы-сүтүү көбүүтэ, элбээһинэ, Сир, дьон эйгэтин киртийиитэ — барыта алгыстар ыытыллыбат буолууларын кытта ыга сибээстээх.

   Саха Республикатынааҕы Норуот эмчиттэрин ассоциациятын иһинэн тэриллибит Норуот медицинатын үрдүкү оскуолатыгар, Норуот медицинатын общественнай институтугар биһиги уонча сыл устата Айыы алгыһын сиэрин-туомун оҥорор дьону бэлэмнээһини ыыттыбыт. Бу үлэ норуот эмчитэ барыта алгысчыт буолар кыаҕа суоҕун, алгысчыт-эмчит букатын туспа, атын эйгэлээҕин көрдөрдө. Кини туспа эйгэлээҕэ, дьиҥ Айыылыы тыыннааҕа үөрэтэргэ, бэлэмнииргэ эмиэ туспа уустуктары үөскэттэ. Ол эрээри ити уустуктары кыайдыбыт, Айыы алгысчыттарын, арчыһыттарын бэлэмнээтибит. Биһиги, атын үөрэтэр тэрилтэлэр курдук, ким кэлбити барытын, харчы эрэ төлөөтүн, үөрэппитэ буолаат докумуон биэрэн испэтибит. Үчүгэйдик сирийэн бэрэбиэркэлээһини, дьоҕуру чуолкайдааһыны ыытабыт. Дьэ, ол кэннэ эрэ чахчы ыарахан, уустук экзамены эрэ ааспыт дьоҥҥо Алгысчыт, Арчыһыт диэн ааты-суолу иҥэрдибит. Ити алгысчыттарбыт, арчыһыттарбыт аны таһымнарынан көрөн кэрдиистэргэ үллэһиллэллэр. Кинилэр билигин аҕыйахтар, ол эрээри искусственнайдык элбииллэрэ эмиэ сыыһа.

   Онон алҕатар, арчылатар наадалаахтар маннык аадырыска биллэргит наада:

   1. Дьокуускай куорат, Птицефабрика оройуона, СОТ «Ытык Күөл», В 9 билсэр телефон 89142573984.

   2. Сунтаар улууһа, с. Сунтаар, ул. Айыы Арчыта 1, билсэр телефон 89142968672.

  3. Ньурба улууһа, Хатыҥ Сыһыы филиала билсэр телефон 89618677746.

Exit mobile version