2. Айыы киһитэ. Айыы аймаҕа.
Аар Айыылары итэҕэйээччи, кинилэргэ үҥээччи- сүктээччи Айыы киһитэ дэнэр. Айыы киһитэ Орто Дойду долгуйбакка бүтүн турарын, Ийэ Айылҕа тубарсыйбакка куруук бар- дьонун иитэ-аһата олорорун иһин үҥэр-сүктэр. Аар Айыы итэҕэлин быһыытынан, Орто Дойду олохтооҕо төһө кыалларынан устар ууну долгуппакка, уу-нуһараҥы аймаабакка, оту-маһы алдьаппакка, киһиргээбэккэ, киэбирбэккэ, бэрдимсийбэккэ, дьону атаҕастаабакка, кыылы-сүөлү да мээнэ кыргыбакка олоро сатыахтаах. Ону толорбот, истибэт буолуу — аньыы.
Айыы киһитэ сиэр-майгы өттүнэн эмиэ олус ыраас киһи буолуохтаах. Сымыйалааһын, дьону албыннааһын, уоруу, халааһын, дьону холуннарыы, хобу-сиби тарҕатыы, дьоҥҥо куһаҕаны оҥоруу — барыта ыар аньыылар буолалларын кини билиэхтээх.
Айыы киһитэ бэйэтигэр сөптөөх бөлөх дьону булунан, атыттары туоратыынан, дьону бэйэ-бэйэлэригэр киксэриинэн дьарыктаммат. Кини барыта кырдьыгынан эрэ олорор, кырдьык иһин охсуһар, кырдьыгы өрө тутар. Айыы киһитэ — дьиҥ кырдьыксыт киһи. Ол иһин бэйэтин аньыытын-харатын эмиэ кырдьыгынан билинэр.
Айыы киһитэ бэйэтин курдук ырааһырбыт, дьиҥ санааларыттан эрэ Аар Айыыларга итэҕэйэр, үҥэр-сүктэр дьону кытта эрэ доҕордоһор, кинилэргэ чугаһыыр. Айыы киһитэ үҥэр-сүктэр, сүгүрүйэр, ытыктыыр дьонноох буолуон сөп. Оннугу Айыы итэҕэлэ боппот. Христианскай итэҕэл: «Бэйэҕэр кумиры оҥостума,» — диэһинэ бу итэҕэл ис хоһоонугар сөп түбэспэт. Ол аата христианскай итэҕэл дьон ханнык эрэ киһини өрө тутан, таҥараҕа буолбакка, киниэхэ эрэ үҥэ-сүктэ сылдьыахтара диэн дьаарханара бу этииттэн көстөр.
Оттон Аар Айыы итэҕэлигэр кими да өрө тутумаҥ диэн этии суох. Аар Айыы итэҕэлин быһыытынан, ытык кырдьаҕас ураты муударай дьону, норуотун көмүскээбит улуу бухатыырдары, бар-дьонун сирдээбит улуу сирдьиттэри хас биирдии киһи ытыктыахтаах, өрө тутуохтаах диэн үөрэтии баар. Ол аата Аар Айыы итэҕэлэ дьон ханнык эрэ киһини таҥара оҥорон, киниэхэ үҥэннэр иэдээн буолуо диэн куттаммат. Аар Айыы итэҕэлин быһыытынан, Орто Дойду киһитэ сиик тыыннаах, симэһин хааннаах, босхо бастаах бороҥ урааҥхай, кини төһө да улуутун иһин таҥара буолбат, буолар да кыаҕа суох. Кини Сир-Халлаан ыйааҕын быһыытынан сылдьар, олорор, саҥа Аар Айыы буолар кыаҕа суох. Уон икки Аар Айыылар бары быһаарыллан тураллар. Кинилэр олус үрдүктэр, улууттан улуулар. Ол иһин сир дьоно олус хайҕаһан таҥара буолуохтара, биһиэхэ үҥэр дьону аралдьытыахтара диэн кинилэр куттамматтар. Киһини хайҕаан таҥара оҥостуохтара диэн Үрүҥ Аар Тойон баһылыктаах уон икки улуу Аар Айыылар кыратык да дьаархамматтар. Төттөрүтүн, кинилэр үөрэхтэрэ: «Улууну өрө тут, хайҕаа, кырдьаҕаһы ытыктаа, кыаммакка көмөлөс, оҕоҕо, дьахтарга сымнаҕастык сыһыаннас,» — диэн этэр. Олус Улуу, Үрдүк кыраттан куттаммат. Дьэ, ол иһин: «Мин кими да өрө туппаппын, » — диир дьон улаханнык сыыһаллар. Итинник этэр киһи ис санаата биллэр. Кини кыараҕас ис санаатынан бэйэтэ улуу буола сатыыр. «Мин ити кэпсэнэр дьонтон туохпунан итэҕэс үһүбүнүй?» — диэн бэйэтин кыараҕас ычатын өйдөөбөт оҥорор киһиргэс санаа киниэхэ олорор. Итэҕэл тылынан эттэххэ, киниэхэ итинник кыараҕас өйдөбүл уонна киһиргээһин абааһыта киирэн олохсуйбут.
Айыы итэҕэлигэр саамай ыар аньыынан киһи сырдык тыыныгар туруу, киһини оһоллооһун, атаҕастааһын, сымыйанан холуннарыы, үөҕүү, киһиэхэ куһаҕаны оҥоруу киирэллэр. Айыы киһитин сырдык тыыныгар турбут киһи аньыыта хаһан да боруостаммат. Кини күлүгэ хараарар, өлөрүөхсүт, сиэхсит, быһата, абааһы кэриэтэ киһи буолан сир үрдүн киртитэн сүөдэҥниир. Ыччаттарыгар тоҕус үйэ устата кырыыс иҥэр. Киһини буруйа суоҕар оһоллооһун эмиэ маннык кэриэтэ аньыы буолар.
Айыы киһитэ күн аайы Аар Айыыларга үҥэн аньыытын ыраастанан иһэр буолан айыылыы эйгэлэнэр. Ол иһин тугу туппута, оҥорбута, айбыта барыта айылҕа, киһи санаатын иһинэн буолар, кини үлэтин Аар Айыылар алгыыллар. Кини иитэр сүөһүтэ күрүөлэнэр, оҥорбут оҥоһуута үйэлэнэр, төрөппүт оҕото төлкөлөнөр.
Айыы киһитэ тиэрэни, чиэскини, тостуну-туораны, абааһылыыны кытта сөпсөспөт, кинилэри утары охсуһар. Манныктары кытта сөпсөһөр, кинилэри утары охсуспат киһи Айыы киһитэ буолбат.
Айыы киһитэ — үлэһит киһи. Кини үлэлээн булбутунан олорор. Үлэлээн кыаллар буоллаҕына сөпкө байыан уонна үтүөнү, үчүгэйи өйөөһүҥҥэ көмө-тирэх буолуон сөп.
Айыы киһитэ аһыныгас. Кини Айыы аймаҕар улахан көмөлөөх киһи буолуохтаах. Аччыктаабыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр, ыалдьыбыты эмтиир, эчэйбити самсыыр, чөлүгэр түһэрэр киһи буолуохтаах. Кырдьаҕаска, кыаммакка, оҕоҕо-дьахтарга төһө кыайарынан көмөлөһө сылдьыахтаах.
Айыы киһитэ көмүскэс буолуохтаах. Айыы аймаҕын кыһарыйары, кинини күөмчүлүүрү, кыраны, кыамматы, кырдьаҕастары атаҕастааһыны утары охсуһуохтаах, көмүскүөхтээх. Айыы киһитэ диэни атыннык Күн киһитэ дииллэр. Ол иһин Күн киһитэ көмүскэс дэнэр. Аар Айыы итэҕэлэ, ол аата Үрүҥ Күн итэҕэлэ буолар.
Айыы киһитэ амарах. Кини дьоҥҥо-сэргэҕэ чугас, нарын-намчы иэйиилээх, ириэнэх хааннаах, үөрүнньэҥ куттаах-сүрдээх, үтүөнү-кэрэни үрдүктүк сыаналыыр, үгүһү-элбэҕи бэйэтэ эмиэ сатыыр киһи. Кини аймах-билэ дьонугар амарах, Айыы дьонугар аһыныгас, Күн дьонугар көмүскэс, үчүгэй түһүлгэлээх, эйэҕэс тиэргэннээх, сымнаҕас олбохтоох, сылаас тыыннаах, өлгөм уунуулаах, баай-талым маанылаах, астык аһатыылаах уйгу төбүрүөннээх киһи буолар.
Айыы киһитэ алгыска алыс чугас, ырыаҕа-тойукка ыпсаҕай, оонньууну-күлүүнү омнуолаабат, олус үтүө куттаах-сүрдээх, үрдүк өйдөөх киһи буолуохтаах.
Айыы киһитэ Айыы аймаҕар атааннаһыыны тэрийбэт, алдьархайы аҕалбат, аам-дьаам айдаарбат киһи дэнэрэ сөп. Кини Айыы аймаҕын таҥнарбат, түһэн биэрбэт үрдүк айылгылаах буолара хайаан да наадалаах.
Айыы киһитэ аат-суол былдьаһан Айыы аймаҕын аймаабат. Аат-суол ылаары киһи кулгааҕар баппат, кутун-сүрүн иһинэн иһиллибэт тыллары эппэт.
Айыы киһитэ сиргэ баар үтүөнү, үчүгэйи үксэтэр, өрө тутар, үрүҥ күн диэни көрдөрөр киһи. Кини таһыгар орто да үчүгэй буолар, кыра да үрдүүр, аччыгый да улаатар, кут-сүр үөрэр, санаа көтөҕүллэр. Кини тулата сырдыыр, ырааһырар, үрдүүр, кэрэтийэр.
Айыы киһитэ алгыһынан аам-дьаамы тохтотор, аалы да хоҥнорор, Айыы Сарыалын аҕалан Орто Дойдуну ырааһырдар, айыы аймаҕын арчылыыр, алгыыр, Аар Айыыларга чугаһатар.
Айыы киһитэ алаһа дьиэни тэрийэр, аал-уоту оттор, аймах-уруу тэрийэр, Айыы аймаҕын тэнитэр. Сыһыы аайы сыспай сиэллээҕи сырыһыннарар, тоҕой аайы тоҕуорутар. Унаар буруону субурутар, ураа муостааҕы үксэтэр, араҕас илгэни үксэтэр, аһы-үөлү дэлэтэр.
Айыы киһитэ Аар Айыыларга үҥэр, Аан Дойдуну арчылатар, алҕатар, Айыы күүһүн аҕалтарар, уохтаах кымыһы көөнньөрөр, саамал кымыһы саамылыыр, Айыы дьонун маанылыыр.
Айыы киһитэ сирин-дойдутун киэргэтэр, үтүө иччилэргэ үтүө үгэһи тэрийэр, сирэ-дойдута симэх отунан сириэдийэр, сэлэ-чэчир анньыллар.
Айыы дьоно үксээннэр Айыы аймаҕын үөскэтэллэр. Айыы аймаҕа диэн омук буолбатах, бу Үөһээ Аар Айыыларга үҥэр-сүктэр, кинилэри билинэр, итэҕэйэр Айыы дьонун улахан бөлөҕө буолар. Аар Айыыларга үҥпэт, кинилэри билиммэт эбэтэр Айыы итэҕэлэ суох киһи Айыы киһитэ дэммэт, Айыы аймаҕар киирбэт.
Айыы дьоно бары биир санаалаах, биир итэҕэллээх, бары бииргэ түмсэн олорор, үлэлиир. Анал туспа дьаһалталаах, Айыы ойууннардаах, алгыс тыла саҥалаах, амарах майгылаах.
Айыы аймаҕа биир ыга түмсүүлээх, атарах-сатарах барбат, аҥыы-аҥыы саҥарбат, алыс элбэҕи куолулаабат, Айыы бигэ суолуттан туораабат, ааты-суолу алдьаппат, Аар Айыылары атыннык ааттаабат, алҕас тылы туттубат, атын дьон сиригэр, баайыгар ымсыырбат, атааннаах, алдьархайдаах сэриилэри тэрийбэт, абааһы суолугар киирбэт, араас дойҕоҕу түһэрбэт, Айыы сирин алгыыр, арчылыыр.
Айыы дьоно туспаны туспа, атыны атын, тиэрэни тиэрэ, куһаҕаны куһаҕан, солуута суоҕу солуута суох дииллэр. Куһаҕаны-үчүгэйи олус бэртик араараллар, Айыы өттүн, сырдык өттүн, сөптөөх өттүн наһаа сөпкө өйдүүллэр, анаараллар, өйдөрүнэн-санааларынан, эттэринэн-хааннарынан, куттарынан-сүрдэринэн билэллэр, үрдүктүк өрө туталлар.
Айыы аймаҕа Аар Айыыларга үҥүү-сүктүү, көрдөһүү сиэрин-туомун олус үчүгэйдик билэр, ылынар, истэр, толорор. Ытык сиэри-туому ытыктыыр, былыргы өбүгэлэр үтүө үөрэхтэрин, тылларын, этиилэрин өрө тутар, өрүүтүн онтон үөрэнэр. Ытык сиэри-туому кэһии, ыһыах алгыһын ылыммат буолуу ыар аньыылааҕын өйдүүр, билэр.
Айыы аймаҕа аан дойдуну, Ийэ айылҕаны алдьаппат. Ийэ айылҕаттан сөпкө ылан аһыыр, таҥнар, кэнчээри ыччат инникитин даҕаны Айылҕаттан аһыахтарын-таҥныахтарын өйдүүр. Айылҕаны ампаардаах астарын, таҥнар таҥастарын, иһэр ууларын, иттэр уоттарын, олорор дьиэлэрин курдук кэрэтик саныыр. Кинилэр сири-буору сүргэйбэттэр, Аан дойдуну алдьаппаттар.
Айыы аймаҕа булду-аһы сөпкө бултуур, кыыллыы кыдыйбат, бүтэһигэр диэри бараабат, сарсыҥҥыны саныыр, өйүүҥҥүтүн өйдүүр, хаһаас наадатын анаарар. Булт-ас тоҕуоруйар сирдэрин харыстыыр, тыыттарбат, ойуурун кэртэрбэт, отун-маһын алдьаттарбат. Уоту-күөһү сэрэхтээхтик туттар, ойуур уотун иэдээнин таһаарбат. Уу булдун кэҕиннэрбэт, ханыннарбат, балык сылдьар уутун куруук ыраастыыр, аньыылаах-харалаах сылдьан ууга киирэн бултаабат.
Айыы аймаҕа хардарыта көмөлөсүһэр, күүһү түмэн олох ыараханын, утары күүс ыгыытын утары охсуһар. Ол иһин «Бар дьон күүһэ- көмүөл күүһэ» диэн өс хоһооно үөскээтэҕэ дии. Кыаммакка, кырдьаҕаска куруук көмөлөһөр, туораппат. Ытык кырдьаҕастар куруук үтүө сүбэһит быһыытынан туһаныллаллар. Дьэ, ол иһин «Кырдьаҕаһы хааһахха хаалаан сүгэ сылдьан сүбэлэт» диэн этии үөскээтэҕэ дии.
Айыы аймаҕа оҕону-дьахтары көмүскүүр, харыстыыр. Төрүүр-ууһуур дьахтар күндүтүк көрүллэр. Оҕо инники кэскил, кэлэр үйэ киһитин быһыытынан сыаналанар. Төрүүр-ууһуур дьахтарга, оҕоҕо аналлаах бэрт үгүс харысхал сиэр-туом баар. Кинилэргэ сыыһа-халты тыл этиллибэт.
Айыы аймаҕа Айыы ойуунун, ытык кырдьаҕастар тылларын истэр, толорор, ылынар. Кинилэр сүбэлэрэ, үөрэхтэрэ ытык үөрэх курдук үйэлэргэ хаалар, кэлэр ыччаттарга тэнийэ тарҕанар. Айыы аймаҕар муударай ытык кырдьаҕас туохха да тэҥнэммэт улуу кылаат буолар. Аар Айыылар санааларынан саҥарар ытык дьон сиргэ олус сэдэхтэр, дэҥҥэ кэлэн бараллар. Ону Айыы аймаҕа өйдүүр, кинилэри өйүүр.
Айыы аймаҕа Айыы ойуунун салалтатынан Аар Айыыларга үҥэр-сүктэр, кинилэр алгыстарын ылынар. Айыы сиригэр алгыс тыына кэлэрин ис хааныттан сөбүлүүр. Ийэ сиригэр итии илгэ салгынын сорҕото буолан илгэни-быйаҥы дэлэтиһэр. Айыы аймаҕын Аламай маҥан Күн амарахтык көрөр, арчылыы, араҥаччылыы тыгар.
Айыы аймаҕа алгыс тыынынан олорон, ыраастанан чэгиэрэн Аан ийэ дойдутугар дьоллоохтук олорор, уйгуну-быйаҥы уһанар, кэтит кэскили тэнитэр, Аан Дойду ис кистэлэҥ тэҥнэбилэ туругуран турар күүһүн олохтоһор.
Саха барыта Айыы киһитэ диэн улахан омнуолаах этии. Саха төрүт итэҕэлиттэн сүүһүнэн сылларга тэйэ сырытта, элбэҕи умунна, кута-сүрэ киртийдэ да диэххэ сөп, араас дьаллыктарга умньанна. Онон сахалары барыларын Айыы дьоно диэһин омсолоох, улахан сыыһалардаах этии буолар. Эбиитин үгүс саха былыргы бэйэтин итэҕэлин билбэт, сороҕо, кырдьыга, отой билиниэн да баҕарбат. Аныгы саха иитиитэ букатын атын, дьиҥнээх европейскай, ис дьиҥэ, характера эмиэ оннук. Онон, туох да омнуота суох, христианствоҕа чугас курдук.
Саха киһитэ — Айыы киһитэ, саха дьоно — Айыы аймаҕа буолалларыгар бэрт уһун үөрэтии, иитии, ырааһырдыы, алҕааһын, куту-сүрү итэҕэлгэ чугаһатыы кэмэ наада. Итэҕэли искусственнайдык — колхозтааһын дуу, мунньах уурааҕын толоруу дуу курдук — киллэриллибэтэ биллэр. Политикаҕа итэҕэл кубулуйара төрүт сөбө суох. Бөлөх тэринэн итэҕэли политика оҥосто сатааһын — ити быстах көстүү, көннөрү ааһар кэм күүгэнэ, күүрээнэ эрэ буолуон сөптөөх.
К.Уткин «Религиозные и философские воззрения коренных народов» диэн кинигэтигэр мин 1995 сыллаахха: «Суруллубут бэлэм Библия курдук үөрэх суоҕун быһыытынан, билигин Л.А. Афанасьев, К.Д.Уткин үлэлэрэ туһаныллыахтарын сөп,» — диэн эппиппин бэйэтин уонна Л.А.Афанасьев — Тэрис туһатыгар иэҕэн суруйар.
Ити этиим ис хоһооно уонна мин өйдөбүлүм букатын итинтэн атын этэ. Этиим ол кэмҥэ, 1995 сыллаахха эрэ, сөп түбэһэрэ. Ити кэмҥэ Айыы итэҕэлин билии-көрүү, өйдөөһүн да таһыма мөлтөһүөр этэ. Мин этиим, дьиҥнээҕэ, Айыы итэҕэлин каноннарын оҥоруохха, улахан суруйуулары суруйуохха диэри быстах кэмҥэ Л.Афанасьев, К. Уткин үлэлэрэ туһаныллыахтарын сөп диэн ис хоһоонноох. Ким баҕарар этиитин иэҕиэххэ сөп, ол уустук буолбатах. Кэлин бу дьон хайалара даҕаны Айыы итэҕэлин төрүтэ буолар биллэр суруйууну оҥорботулар. Оттон научнай, итинник иэҕиилээх суруйуулар, Айыы үөрэҕэр кубулуйбаттара чуолкай буолуо дии саныыбын.
Оттон сибилигин тутуһан туран Айыы итэҕэлин күүскэ киллэрэ сатааһын искусственнай уонна кэлин өттүгэр үчүгэй түмүгэ суох буолуоҕа. Сыыһа суолларга аҕалыан сөп. Итэҕэл киириитэ сыыйа дьону иитииттэн, үөрэтииттэн саҕаланыахтаах. Ити үлэ күүскэ барыахтаах. Итэҕэли ыыта, тэнитэ сатыыр дьон бэл бэйэлэрэ Айыы киһитэ буола, буоларга хардыыны да оҥоро иликтэринэ, хайдах итэҕэл баар буолуон, киириэн сөбүй? Оттон Айыы аймаҕын иитиигэ бэлэмнээһинэ. Онно төһө үлэ уонна кэм нааданый?!
Айыы итэҕэлин дьиҥнээхтик билэр, үүннүүр-тэһиинниир Айыы дьоно кэлиэхтэрэ. Кэлэллэрэ өссө да эрдэ. Кинилэр билигин сиргэ суохтарын кэриэтэ, эбиитин кэмэ-кэрдиитэ эрдэ. Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх, кэлэр бириэмэлээх.
Оттон билиҥҥи дьон, үлэлээн иһиҥ! Ол кэлэр кэмҥэ олук оҥоруҥ. Сибилигин итэҕэл киирэ охсубат эбит диэн санааҕытын түһэримэҥ. Итэҕэл киириитэ саҕаланнаҕа дии. Ону сыыйа-баайа дуоспуруннаахтык, улуу хараабыл устарын салайар курдук сыыһаны-халтыны, сымыйаны кыбыппакка, тиэрэ урууллаабакка ыытар, салайар наада. Билиҥҥитэ ити кыалла илик, сымыйа кыбылла, сыыһа-халты таһаарылла, халлааны таһыйар куолу халаатыы турар. Ол көннүн, кырдьык эрэ, дьиҥнээх эрэ, баар эрэ хааллын!
Домм!