Site icon SAKHALIFE

Айыы итэҕэлин сурун төруттэрин туhунан кылгастык — II

 Аар Айыылар ханныктарый, хастарый?

Аар Айыылар тустарынан барытын чуолкайдаан баран, өссө ырытан толкуйдуу сылдьан түүл түһээн турабын. Хас да сыллааҕыта саас этэ. Ол түүлбүн, туох эрэ догма да оҥорботорбун, эбэтэр мин түһээн быһааран кэбиспитим диэбэппин эрээри, кэпсиим. Түүл туһунан научнай быһаарыылары билээччилэр: «Ити түүллэриҥ бэйэҥ ис санааҕыттан тахсыбыттар, туох да итиннэ ураты суох,» — диэхтэрин сөп. Буоллун. Сөпсөһүөххэ эмиэ сөп. Мин эмиэ түүл туһунан элбэхтик аахпыт, киһи тоҕо түһүүрүн быһаара сатаабыттарын истибит, билбит киһибин.

   Арай түһээн киэҥ баҕайы эргэ соҕус дьиэҕэ турар эбиппин. «Дьиэ үрдүгэр чугаһаа, — диэн саҥаны истэбин. Хайдах чугаһыыбын диэн тула көрүөлэнэбин. Онтон олоппос булан, онно салҕанан, төбөм дьиэ үрдүгэр чугаһыыр. Оннук турааппын кытта киһи төбөтө доргуйар улахан уорааннаах саҥата иһилиннэ. Хайдах эрэ испэр бу саҥаны Аан Дойду барыта истэн эрдэҕэ дии саныыбын уонна саҥарбакка эрэ: «Бу ким саҥарарый?» — диэн саныыбын. Саҥа маннык эппитэ: «Мин Аар Тойон, Аан Дойду айыллыаҕыттан ыла баар үрдүктэн үрдүк аналлаах Үрүҥ Аар Тойон саҥарабын. Аан Дойду хас биирдии хатыы чолбонугар диэри буһурук күдэриктэн үөскүүр кэмигэр Улуу Халлаан ыйааҕынан баар буолбутум. Ол ону туох да уларыппат, ханнык да күүс мүлчүрүппэт. Эгэ кэлэн сиик тыыннаах Сир киһитэ уларытыа этэ дуо?!! Үгүс куолуну-саҥаны истимэ! Биһиги, Аар Айыылар манныктарбыт: Үрүҥ Аар Тойон, Күн Күбэй Хотун, Одун Хаан, Чыҥыс Хаан, Дьылҕа Тойон, Дьурантаайы Суруксут, Сүҥ Дьааһын Тойон, Улуу Хотой Айыы, Уордаах Күрүө Дьөһөгөй Тойон, Ала Мылахсын Хотун, Эдьэҥ Иэйэхсит, Ахтар Айыыһыт. Уон икки Халлаан…» — диэн баран ситэри эппэккэ сүдү куолас дьүрүһүйэ дуораһыйан ыраатан сүппүтэ. Санаабар тугу эрэ ыйытыах санаа баара да, кыайан ыйыппатаҕым. Бу кэннэ уһукта биэрбитим, түннүкпэр сааскы күн чаҕыл уота тыкпыт этэ… Өр сытан эрэ толкуйдуу, түүлбүн дьиктиргии сыппытым.

   Төһөтүн да иһин, түүлүм Аар Айыылар ааттарын-суолларын уонна  кинилэр хастарын этэрбэр, быһаарарбар улахан олук буолбута. Ол аата Улуу Айыы ойууна М.Гоголев — Маамыктаах Судьуйа былыргы өбүгэттэн ыччакка бэриллэр кэпсээнэ сөп буолан тахсар.

   Онон былыргы саха Айыытын итэҕэлигэр Халлааммыт уон икки, Аар Айыыларбыт эмиэ уон икки эбиттэр. Дьэ, ол иһин былыргы Улуу Айыы ойууна М. Гоголев уон икки муостаах дүҥүрдээх эбит. Кини этэринэн, Айыы ойууттара тэҥ ахсааннаах (четнай) муостаах дүҥүрдээх эбиттэр. Ол аата — алта, аҕыс, уон, уон икки. Айыы итэҕэлэ умнуллан, сиэр-туом эрэ ойууттара хааланнар, кэннэки ойууттар бары тэҥэ суох (нечетнай) ахсааннаах муостаах дүҥүрдээх буолбуттар. Дьэ, ол иһин музейдарбытыгар оннук дүҥүрдэр тураллар.

   Аар Айыыларбытын араартаан, чуолкайдаан ааттаатахпытына маннык тахсар:

1. *Үрүҥ Аар Тойон* — Аан Дойду Аҕа баһылыга. Үс дойдуну айбыт саамай үрдүкү Аар Айыыбыт. Кини дьүүлүн, ыйааҕын туох да мүлчүрүппэт, толоруллар эрэ.

2. *Күн Күбэй Хотун* — Күн, Сырдык, Ыраас, үтүө дьүһүн, кэрэ Айыы Санаа, ыра Аар Айыыта.

   3- 4. *Одун Хаан, Чыҥыс Хаан* — Үс Дойдуну салайыы ыйааҕын толорооччулар. Үс Дойду ыһыллыбакка тэҥнэнэн туруутун дьаһайаллар.

5. *Дьылҕа Тойон* — Орто Дойдуга үөскээбит-төрөөбүт киһи, Сиргэ киһи-аймах барытын дьылҕаларын түстээччи уонна быһаарааччы, дьылҕалааччы.

6. *Дьурантаайы Суруксут* — Сүрүн ыйаахтары, Үрдүкү Аар Айыылар дьаһалларын, дьон дьылҕатын аҕыс кырыылаах таас остолбоҕо суруйан иһэр Халлаан Суруксута.

7. *Сүҥ Дьааһын Тойон* — Этиҥ, Уот, Идэ, Аан Дойдуну ыраастыыр, алыастыыр Аар Айыы.

8. *Улуу Хотой Айыы* — Айыы аймаҕын көмүскээччи, харыһыйар аналлаах сүдү күүстээх Аар Айыы.

9. *Уордаах Күрүө Дьөһөгөй Тойон* — Сылгыны, күүстээх түөстээх, көмүөллээх күөмэйдээх уордаах уол оҕолору биэрэр, араҥаччылыыр сүдү Аар Айыы.

10. *Ала Мылахсын Хотун* (өссө былыргы аата Иһэгэй Иэйэхсит) — ынах сүөһүнү, быйаҥы, аһы-үөлү биэрэр, араҥаччылыыр Аар Айыы.

11. *Эдьэҥ Иэйэхсит* — бар-дьоҥҥо тапталы, үөскүүр имэҥи биэрэр, аныыр Аар Айыы.

12. *Ахтар Айыыһыт* — оҕо төрөөһүнүн уонна Ийэни араҥаччылааһын Аар Айыыта.

    Кинилэргэ Айыы киһитэ сарсыарда аайы үҥүөхтээх-сүктүөхтээх, көрдөһүөхтээх, аньыытын-харатын этиэхтээх.

Exit mobile version