“Көһөрүллүбүт олох” саҥа кинигэ сүрэхтэннэ.
Сэтинньи 21 күнүгэр Айталина НИКИФОРОВА-ШАДРИНА саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар буолан ааста. Саалаҕа дьон толору мустубутунан сылыктаатахха, “Көһөрүллүбүт олох” диэн сэһэн уларыта тутуу быыһык кэмин олоҕун сырдатар буолан, билиҥҥи уустук, дьалхааннаах бириэмэҕэ сытыытык эппиэттиир. Быыһык кэм аҕалбыт уларыйыыта, судаарыстыба дьон уурунуу харчытын мэлитиитэ, ас-үөл, үлэ-хамнас суох буолуута — онуоха биир ыал ийэтэ олоҕун укулаатын тута сатааһына, охсууну ылыыта, иэдээн ааҥнааһына, оһорунуута…
Сытыы социальнай драманы ытыктабыллаах профессорбыт Ульяна Винокурова, тыл билимин учуонайа Мотрена Попова, билинэр, ытыктыыр бөлүһүөкпүт Кулан Хаан, суруналыыс Маайа Власьева киэҥник, киһини эрэ толкуйдатар гына ырыппыттара олус ылыннарыылаахтык, аныгы аймалҕаннаах күммүтүгэр күүстээхтик иһилиннэ.
Бу кинигэҕэ “Көһөрүллүбүт олох” диэн сэһэни кытта дьон сыһыанын арыйар “Таҥнарыы уонна тыыннаах олох” сэһэн, “Киһи күлүгэ”, “Ийэ күүһэ” диэн кэпсээннэр киирдилэр.
“Туох-ханнык иннинэ улахан махталбын “Дани-Алмас-Офсет” салайааччытыгар Дария Николаевна Скобелеваҕа өйөөн-өйдөөн бу кинигэбин таһаарбытын иһин тиэрдэбин. Ону кытта кинигэбин атыыга туруорбут “Камелек” салайааччытыгар Ольга Григорьевна Григорьеваҕа, сүрэхтэниибин иилээн-саҕалаан ыыппыт библиографка Сардаана Алексееваҕа махтанабын.
Бэчээт эйгэтигэр үлэлээбитим отуттан тахса сыл буолла. Олоҕум арахсыспат аргыһа буолбут суруйар-бичийэр үлэбэр сирдээн аҕалбыт киһибинэн тапталлаах ийэм Багдасаева Мария-Валентина Андреевна буолар. Кини сэрии сылын оҕото. Олох аһыытын-ньулуунун толору амсайбыт төрөппүттэрбит көлүөнэтэ сэбиэскэй кэмҥэ олорон, уларыта тутуу сиэртибэтэ буолан, аныгы олох сиэрин ылынан эбэтэр ылыммакка, сүрдээх улахан охсууну билбит дьон. Мин кинилэри ис сүрэхпиттэн ытыктаан туран, “Көһөрүллүбүт олох” диэн сэһэммин аныыбын.
Маны тэҥэ буоларын курдук аныгы олох очурун-чочурун, сиэрин-майгытын, дьон бэйэ-бэйэҕэ сыһыанын, бэйэ суолун көрдөөһүнүн, дьолго-соргуга тиийиитин туһунан суруйууларым киирдилэр. Өй уонна сүрэх бүппэт мөккүөрэ, дууһа чып кистэлэҥэ… “- диир ааптар.
Айталина Никифорова-Шадрина “Көһөрүллүбүт олох” кинигэтин Орджоникидзе уул., 56 баар «Камелек» маҕаһыыныттан ылыаххытын сөп.