Site icon SAKHALIFE

Айсен Николаев поздравляет с Днем матери в Якутии

Дорогие наши женщины!

От имени руководства республики и от себя лично сердечно поздравляю вас с Днём матери в Республике Саха (Якутия)! Испокон веков в Якутии славят Мать — хранительницу семейного очага. День Матери стал поистине одним из любимых праздником, свидетельством глубочайшего уважения и признательности самому дорогому и близкому человеку. Именно с Матерью мы связываем нравственное благополучие общества, стабильность, позитивные жизненные ориентиры, духовность каждой семьи. Ведь самой природой в женщине заложены любовь и сопереживание, сильное чувство ответственности за обустройство семейной жизни, воспитание детей.

Мы очень стараемся, чтобы наши матери чувствовали заботу и поддержку родной республики. За последние годы объём финансирования на поддержку материнства и детства возрос в разы, и сегодня составляет порядка 23 млрд. рублей. Мы по-прежнему лидируем на Дальнем Востоке по показателям рождаемости и естественного прироста населения.

Сегодня в республике более 34 тысяч многодетных семей. Очень рад, что по решению нашего Президента Владимира Путина статус многодетной семьи установлен бессрочно. Это очень символично в Год Семьи в России и Год Детства в Якутии.

Проводится большая работа по защите семьи, материнства и детства, принимаются новые меры для улучшения демографической ситуации. Так, для всех многодетных семей до достижения детьми возраста 18 лет установлены льгота в размере 30% на оплату жилищно-коммунальных услуг, бесплатное питание и проезд на общественном транспорте для учащихся с 1 по 11 классы. С 1 сентября текущего года дети из многодетных семей получают денежную выплату в размере 50 тысяч рублей при поступлении на платной основе по очной форме обучения в средние профессиональные образовательные организации на востребованных и перспективных в республике профессиях и специальностях.

С 1 января этого года молодые семьи при вступлении в брак впервые получают единовременную денежную выплату в размере 50 тысяч рублей. В два раза увеличен размер республиканского материнского капитала «Семья» при рождении третьего и последующих детей, который сейчас составляет 300 тысяч рублей. До 31 декабря 2027 года продлён срок действия целевого капитала «Дети столетия», размер которого сегодня более 110 тысяч рублей.

Особые слова поздравлений и благодарности адресую матерям защитников Отечества, участников специальной военной операции — за вашу стойкость и мужество, материнскую любовь, воспитание настоящих патриотов, умение быть надёжным тылом.

Дорогие наши матери! Пусть ваши дома всегда будут полны детского смеха, радости и уюта, искренней любви ваших детей, внуков и правнуков. Крепкого здоровья, благополучия и счастья!

Глава Республики Саха (Якутия) Николаев А.С.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ күнүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев эҕэрдэлиир

Күндү ийэлэр!

Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан ис сүрэхпиттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин ийэлэрин күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Үйэттэн үйэҕэ дьиэ кэргэни араҥаччылыыр күн күбэй Ийэни хоһооммутугар хоһуйабыт, ырыабытыгар ыллыыбыт. Саамай чугас уонна күндү киһибитигэр ытыктабылбыт уонна махталбыт туоһута буолан, Ийэ күнэ норуоппут биир кэрэхсэнэр бырааһынньыгынан буолар. Уопсастыба бигэ туруктаах буолуута, киһи олоҕор сөптөөх суолу тобулуута, хас биирдии ыал духуобунаһа Ийэттэн тутулуктаах. Таптал уонна аһыныгас буолуу курдук истиҥ иэйии, дьиэ кэргэн олоҕун туһугар эппиэтинэс, оҕону иитии айылҕа дьахтарга биэрбит анала.

Өрөспүүбүлүкэ ийэлэрэ биһиги кыһамньыбытын уонна өйөбүлбүтүн толору билэллэригэр бары сырабытын уурабыт. Кэлиҥҥи сылларга ийэ буолууну уонна оҕо сааһы өйөөһүнү үбүлээһин кээмэйэ улаатан, бүгүн 23 млрд. кэриҥэ солкуобайга тэҥнэстэ. Оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан Уһук Илиҥҥэ билигин да бастаан иһэбит.

Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 34 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох ыал баар. Биһиги Президеммит Владимир Путин быһаарыытынан элбэх оҕолоох ыал статуһа болдьоҕо суох кэмҥэ бэриллэр буолбута барыбытын үөрдэр. Маннык быһаарыы Россияҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар дьоһун суолталаах.

Дьиэ кэргэни, ийэ буолууну уонна оҕо сааһы көмүскүүргэ улахан үлэ ыытыллар, демографическай балаһыанньаны тупсарарга саҥа дьаһаллар ылыллаллар. Ол курдук, элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро 18 саастарын туолуохтарыгар диэри коммунальнай өҥөлөрү төлүүллэригэр 30% чэпчэтии, 1-11 кылаас үөрэнээччилэригэр босхо аһылык уонна уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айан көрүллэр. Бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро өрөспүүбүлүкэ наадыйар идэлэригэр орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр киирдэхтэринэ, 50 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх төлөбүрү ылаллар.

Бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн бастаан эр-ойох буолбут эдэр ыалга 50 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр көрүллэр. Үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. 110 тыһыынча солкуобайтан тахса кээмэйдээх “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал болдьоҕо 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһаата.

Аҕа дойду көмүскээччилэрин, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ийэлэригэр кытаанах санааҕыт уонна тулуургут, ийэлии истиҥ тапталгыт, Аҕа дойдуларын таптыыр, ытыктыыр уолаттары иитэн таһаарбыккыт иһин, эрэллээх тирэх буоларгыт иһин ураты истиҥ эҕэрдэ уонна махтал тылларын тиэрдэбин.

Күндү ийэлэрбит! Эһиги дьиэҕит оҕо саҥатынан, дьолунан, чугас дьоҥҥут тапталларынан туоллун. Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев

Exit mobile version