Наших дорогих сыновей, отважных мужчин, уважаемых отцов, почитаемых дедушек и прадедушек от всей души поздравляю с Днем защитника Отечества! Мы очень ценим вашу могучую силу, крепкую защиту и невероятную выносливость. От чистого сердца желаю силы, мужества и отваги! Пусть каждый день будет успешным, каждый поступок — достойным, каждая идея — отличной, каждое слово — твёрдым, а каждое действие — уверенным. Желаю, чтобы удача всегда сопровождала вас в пути, любовь и достаток царили в ваших семьях, тепло и уют согревали душу. Пусть все дороги ведут к счастью и новым победам, любые начинания дают отличный результат и хорошее настроение. Пусть любая вершина покоряется вашему мужеству и упорству. Сохранять спокойствие и уверенность в любой жизненной ситуации, совершать красивые и добрые поступки, беречь и крепко любить своих родных, заботиться о будущем и с успехом достигать больших высот.
Каждый мальчик должен стремиться стать многодетным отцом, а каждый отец должен стремиться стать прадедушкой. Ведь отец является основой крепкой семьи, а семья – основой сильного государства!
Желаю крепкого здоровья, стойкости и целеустремленности, мужества и патриотизма! Пусть всегда в вашей жизни присутствуют радость, счастье, добро, любовь.
Уважаемые мужчины, желаю мирной жизни, без войн, потерь и трагедий. Пусть ваши силы растут, умения и навыки множатся, достижения превосходят все ожидания. Пусть окружающие радуют, семья дает силы и вдохновение, работа приносит желанные плоды. Мужества вам, силы духа и много удачи! С праздником!
С уважением, Айхал Габышев председатель общественной организации «Лига отцов Республики Саха (Якутия), председатель Якутского регионального отделения Всероссийского общественного движения «Отцы России».
Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүнэн күүстээх санаалаах, үлэни өрө туппут уолаттарбытын, эр дьону, ыал аҕаларын, эһээлэри уонна хос эһээлэри Саха сирин аҕаларын аатыттан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин!
Хас биирдии эр киһи элбэх оҕолоох аҕа буоларга дьулуһуохтаах, хас биирдии аҕа хос эһээ буоларга дьулуһуохтаах. Оччоҕо эрэ ситим быстыбат, удьуор салҕанан бара турар, омук ахсаана элбиир, омук күүһүрэр! Ыал аҕата сүбэ-ама биэрэр, айар-тутар кыахтаах булааччы-талааччы эрэ буолбакка, дурда-хахха буолуохтаах! Ыал аҕата дьиэ кэргэнин, төрүт үгэстэрбитин, ийэ тылбытын, төрөөбүт дойдубутун көмүскүүр-харыстыыр киһи килбиэнэ буолуохтаах!
Хас биирдии аҕа оҕотун төрөөбүт дойдубутун таптыырга үөрэтиэхтээх! Саха ыччатыгар анаан бэйэм суруйбут хоһооммун бэлэхтиибин!
Алыптаах алгыс
Түһүүлээх-тахсыылаах
Орто дойду олоҕун өрүһүгэр,
Долгунтан-долгуҥҥа охсуллар
Күлүмнүү ааһар сылларгар,
Муна-тэнэ сылдьыбакка,
Сыыһа-халты туттубакка,
Мүлчү-халчы үктэммэккэ,
Мээнэҕэ-халтайга хаампакка,
Күн өркөн күүстээх санааланан;
Кыһалҕаны кытары охсуһартан күүһүрэр
Хорсун-хоодуот сырыылаах
Сур бөрө хаана хааннанан,
Хара дьаҥ күүһүн утарса
Айыы сырдыгар тардыһар
Өксөкү кыыллыы өрө дабайан,
Көстүбэти да тобулу көрөр,
Биллибэти да бигэтик билэр,
Иһиллибэти да чуор истэр,
Таайыллыбаты да табатык таайар
Сахалыы хааны уһугуннаран
Саха бэрдэ буоларга салалын
Үүнэр-сайдар кэскиллээх
Сахам саргылаах ыччата!
Айхал Габышев, Саха сирин аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта, Россия аҕалара түмсүү Саха сиринээҕи салайааччыта.