Айхал Габышев: Күөх маайынан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин! 

Төрөөбүт дойдубутугар бэриниилээх, күүстээх санаалаах, үлэни өрө туппут, үтүө суобастаах, көрсүө-сэмэй майгылаах бар дьоммун таптыыр Сахабыт сирэ төрүттэммитэ өрөгөйдөөх 100 сылынан уонна үлэһит дьону уруйдуур Күөх маайынан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин! Саха омук аатынан ааттаммыт Сахабыт сирэ аан дойду тутулун уларытар кыахтаах Россия сайдыытыгар суолтата күн түүн улаатан иһэр. Ону өйдөөн туран, төрөөбүт дойдубут тэтимнээхтик сайдарын туһугар, хас биирдии киһи дойдутугар, норуотугар туһалаах буоларга дьулуһуохтаах, ситиһиилээхтик үөрэниэхтээх, таһаарыылаахтык үлэлиэхтээх!  Элбэх тургутууну этэҥҥэ туораан кэлбит өбүгэлэрбит албан ааттарын өрө тутан, бу быһаарыылаах кэмҥэ, биир санаанан салайтаран Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев тула түмсүөххэ диэн ыҥырабын! Айсен Николаев эрэ норуоту түмэр, сомоҕолуур кыахтаах, кини эрэ сайдыыны аҕалыа! Үүнэ-сайда тур төрөөбүт дойдубут!Туругурдун Модун Россия! Туругурдун Улуу Саха сирэ!
Айхал Габышев,Саха сирин аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх