Айхал Габышев: Аҕа күнэ — бигэ туруктаах

Таптыыр Сахабыт Сирин үлэни өрө  туппут, күүстээх санаалаах,
ытык-мааны аҕаларыгар итии-истиҥ эҕэрдэ буолуохтун!

Муус устар бастакы өрөбүлүгэр өрөспүүбүлүкэбитигэр номнуо 22-с сылын Аҕа күнүн бэлиэтиибит. Аҕа күнэ — бигэ туруктаах, эйэлээх дьиэ кэргэн бырааһынньыга. Дьоһуннаах аҕа, иллээх дьиэ кэргэн, оҕо-уруу сайдар, үүнэр олуга. Сахабыт Сирин бары аҕаларын ис сүрэхпиттэн бу үөрүүлээх күммүтүнэн эҕэрдэлиибин!

Былыр былыргыттан биһиэхэ Аҕа ууһа диэн баар. Бэйэ-бэйэни өйдөһөн-өйөнсөн кэлбит дьоммут. Ол курдук, билигин бүтүн Сахабыт сирин киэҥ нэлэмэн туонатыгар, улуустарынан олус түмсүүлээхтик, үрдүк таһымнаахтык, дьон туһугар үлэлиир-хамсыыр 650 тахса булугас, сытыы өйдөөх, аһаҕас сүрэхтээх «Аҕалар түмсүүлэрин» түмэн олох тупсарын, сайдарын туһугар күүскэ туруулаһабыт. Өбүгэлэрбит аҕа суолтатын өрө тутар буоланнар элбэх тургутууну этэҥҥэ туораан кэллэхпит.

2021 сылы дойдубут Ил Дархана Айсен Николаев “Чэбдигирии сылынан” биллэрбитэ олус дириҥ өйдөбүллээх. Хас биирдии киһи өй-санаа, эт-хаан өттүнэн чөл-бигэ туруктаах буолуохтаах! Ил Дархаммыт бу сылтан саҕалаан 2025 сылга диэри доруобуйа харыстабылыгар улахан стратегическай былаан бырайыагын баттаата. Хас биирдии эр киһи, хас биирдии аҕа бэйэтин, чугас дьонун уонна оҕолорун доруобуйатын көрүнүөхтээх. Хас биирдии аҕа, оҕолоругар бэйэтин холобурунан чөл олоҕу тутуһарын көрдөрүөхтээх. Билиҥҥи тэтимнээх, сайдыылаах олоххо чөл олоҕу талар киһи уопсастыбаҕа ордук биһирэнэр. Омукпут албан аатын аар саарга ааттатар ыччаттары иитэн таһаарыахтаахпыт.
Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдулаах, ийэ тыллаах уонна ханнык эрэ омукка сыһыаннаах буолар. Бу үс сүрүн өйдөбүлү хаһан баҕарар өрө тута сылдьыахтаах!

Өрөспүүбүлүкэбитигэр чөл олоҕу тутуһар, элбэх оҕолоох аҕалар, ийэлэр араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттан, олохторун сырдатан, олус үчүгэй холобур буолаллар. Дьон оннукка тардыһар, талаһар буолан иһэрэ киһини үөрдэр. Бу барыта хас да сыллаах элбэх үлэттэн, сыраттан, араас таһымнаах судаарыстыба өйөбүллэриттэн, уларыта тутууттан тахсан иһэр көстүү. Өрөспүүбүлүкэбитигэр Аҕа күнүн чэрчитинэн, сыл ахсын аҕа уонна уол оҕо кыттар “Аҕа күрэҕэ” диэн күрэхтэһиини салайсан, үөрэтэр, санаа атастаһар араас форумнары, тыҥааһыннаах боппуруостары быһаарар төгүрүк остуоллары тэрийэн кэлбиппит. Ону тэҥэ бу сылтан саҕалаан “Саха сирин аҕаларын түмсүүтэ” общественнай тэриллии көҕүлээһининэн, сылын аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “Сыл бастыҥ аҕата” диэн аҕа уонна дьиэ кэргэн, онтон сиэттэрэн судаарыстыба ситимин күүһүрдэр, аҕа эппиэтинэһин үрдэтэр, чөл олоҕу өрө тутар сыаллаах куонкуруһу тэрийэн, бу күн кыайыылаахтары сыаналаах бириистэринэн наҕараадалаары олоробут. Куонкурус балаһыанньатынан 36 улуустан маҥнай нэһилиэктэригэр, онтон улуустарыгар бастаабыт бастыҥнар республика таһымыгар киирсэн, кыайыылаахтары дьүүлүүр сүбэ быһаарда. Куруук олох үөһүгэр сылдьар, актыыбынай, сайдыыны, саҥаны уруйдуур аҕалар киһини астыннараллар, үрдүк холобур буолаллар.

Күндү аҕалар, эрэллээх эр дьон, унньуктаах  уһун, тыйыс кыһыммытын этэҥҥэ туораан бэрт сотору күөххэ үктэниэхпит. Сырдык, ыраас күннэргэ өйү-санааны сааһылаан, айылҕаҕа бултуу-алтыы, була-тала тахсар кэммит тигинээн кэллэ, эти-сиини эрчийиэххэ, күүстэ-уохта ылыныахха уонна сирбитигэр-уоппутугар сиэри-туому тутуһан сылдьарбытын умнумуохха.

Биирдэ бэриллэр олоххо куруук сырдыгы, кэрэни эрэ түстүөххэ, саҥаны, кэскиллээҕи айыахха, баары харыстыахха, үтүөнү үксэтиэххэ! Саха бэрдэ буолан сандаарын, киһи килбиэнэ буолан килбэйин!

Айхал ГАБЫШЕВ, “Саха сирин аҕаларын түмсүүтэ” общественнай тэриллии бэрэссэдээтэлэ.

Дорогие, друзья! Уважаемые отцы!

Разрешите от имени общественной организации «Лига отцов Республики Саха (Якутия)» поздравить всех мужчин, кто носит гордое имя отца, с Днем отца в Республике Саха (Якутия)!
Мы, отцы, со всей ответственностью утверждаем, что нет важнее всего в жизни человека, чем крепкая семья! Благодаря семье развивается государство! Отец является основой крепкой семьи, а крепкая семья – основой сильного государства!
Самое главное что должны сделать мы, это побуждать в своих детях стремление достичь больше, чем достигли мы! Ибо сегодняшние дети вырастут в лидеров завтрашнего дня!

Роли отца в жизни человека, семьи и всего общества в нашей республике всегда уделяется особое внимание. Во имя укрепления института семьи и повышения роли отца День отца в Республике Саха (Якутия) впервые был учреждён первым Президентом Михаилом Николаевым в 1999 году.  И это стало началом государственной политики по повышению роли отца в семье и обществе и дал импульс развитию общественных организаций, направленных на повышение престижа отцовства, популяризации семейных ценностей.

Много усилий было направлено на расширение «Лиги отцов Якутии», на создание Советов отцов на местах. На сегодняшний день «Лига отцов Якутии» объединяет более 600 Советов отцов.

В воспитании детей очень важен живой пример отца. Можно назвать много примеров по нашей республике: например, в Таттинском, Верхневилюйском и Мегино-Кангаласском районах, в городском округе «Город Якутск» и др. отцы обучают сыновей изготовлению якутских ножей, хомусов и других инструментов быта. В каждом наслеге сельской местности отцы приучают сыновей к охоте, рыбалке, работе по хозяйству с малых лет.

Перед нами стоит серьезнейшая задача выстраивания семейной демографической политики на качественно новом уровне. Государство стало уделять и создавать условия для укрепления и развития традиционной многодетной семьи. Это непременно приведет к позитивным последствиям и также поднимет роль отца в обществе.

Лигой отцов Якутии совместно с органами исполнительной власти Республики Саха (Якутия) ведется работа на постоянной основе. Так, проведены два съезда отцов республики, в рамках которых были выработаны цели и задачи, которые сегодня претворяются в жизнь и меняют жизнь людей к лучшему. 

Ежегодно в целях укрепления семейных ценностей, национальных, спортивных традиций и пропаганды трезвого здорового образа жизни проводятся республиканские соревнования отцов и сыновей «Аҕа күрэҕэ».

В честь празднования Дня отца в Республике Саха (Якутия) Указом Главы Республики Саха (Якутия) учрежден знак «Ытык аҕа» («Почетный отец»), который является одним из моральных стимулов повышения роли отца в воспитании подрастающего поколения, выражением общественного признания заслуг отца многодетной семьи. Знаком «Ытык аҕа» («Почетный отец») награждаются многодетные отцы за особые заслуги в воспитании детей, большой вклад в общественную жизнь республики и личный пример в ведении здорового образа жизни.

По инициативе «Лиги отцов Республики Саха (Якутия)» с текущего года объявлен и проводится ежегодный республиканский конкурс «Отец года».

На мой взгляд, и в дальнейшем нужны комплексные меры идеологического, политического и социально-экономического характера, направленные на укрепление института семьи, отстаивание и восстановление традиционных семейных ценностей и суверенитет семьи.

Уважаемые друзья, дорогие отцы! Благодарю всех отцов за активную жизненную позицию, за вклад в социально-экономическое развитие республики!
Желаю всем здоровья и благополучия, счастья и успехов во всем!

Айхал ГАБЫШЕВ,
председатель ОО «Лига отцов РС(Я)»

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх