Айардыын сарсыардааҥҥы чэй
Күндү ааҕааччылар!
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр суруйааччы Елена Слепцова-Куорсуннааҕы кытта көрсүһүүгэ ыҥырабыт.
Соторутааҕыта Куорсуннаах олус кэрэхсэбиллээх, саха литератыгар сонун форманан — хоһоонунан суруллубут «Сыгынах күлүгэ» сэһэнэ тахсыбыта.
Сир көмүһэ көстүүтэ Сибииргэ дьон олоҕун сайдыытыгар сүҥкэн суолталаммыта. Ол эрээри саха былыр-былыргыттан көмүс көстөрүттэн дьаахханара, сэрэнэрэ, сиргэ түспүт «күн көлөһүнэ» диэн аньыыргыыра. Сир ийэ баайын мээнэ биэрбэт, толук ылар диэн куттанара.
Минньигэс чэй иһэ-иһэ ирэ-хоро истиҥ сэһэргэһиигэ күүтэбит.⠀
«Айардыын сарсыардааҥҥы чэй» балаҕан ыйын 27 күнүгэр, сарсыарда 10 чааска «Вафли&Кофе» кофейняҕа, Ярославскай уул., 26-с дьиэтигэр буолар.
Киириитэ босхо. Утаҕы, бүлүүдэни бэйэҕит сөбүлүүргүтүнэн сакаастыыгыт.
Суруйтарар төлөпүөҥҥүт 8-964-422-21-97 (бассаап).
+7 (999) 174-67-82