«Айар» национальнай кыһа анал ааттары туттарда

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө С.А.Новгородов аатынан «Айар» национальнай кыһа тыл, литература, сурук-бичик сайдыытыгар, ааҕыыны көҕүлээһиҥҥэ бииргэ үлэлэһэр дьонугар-сэргэтигэр анал ааттары туттарда.

Олунньу 9 күнүгэр “Россия — моя история” устуоруйа түмэлигэр  үгэс буолбут «„Айардыын“ бииргэ. Сыл бастыҥнара 2023»  тэрээһин буолан ааста.

“Айар” кыһа  национальнай бэчээт уонна өрөспүүбүлүкэ норуоттарын литературалара  сайдарыгар тус кылааттарын киллэрсэр, “Айар” кыһаны кытары айымньылаахтык үлэлэһэр  дьону, тэрилтэлэри бииргэ түмэн, сыралаах үлэлэрин бэлиэтээтэ, ситиһиилэринэн эҕэрдэлээтэ, махталын биллэрдэ.

Ол курдук 2023 сыл түмүгүнэн “Айар” кэлэктиибэ бииргэ үлэлэһээччилэригэр «Ийэ тыл, сурук-бичик сайдыытыгар дьоһун кылаатын иһин», «Саамай ааҕар улуус», «Ийэ тыл, сурук-бичик туруу үлэһиттэрэ» диэн анал ааттары, «Бастыҥ проза кинигэтэ», «Бастыҥ поэзия кинигэтэ», «Оҕо бастыҥ кинигэтэ», «Бастыҥ оонньотор, сайыннарар таһаарыы», «Үөрэх кинигэтин бастыҥ ааптара», «Далааһыннаах ааптар», «Куту-сүрү иитиигэ бастыҥ кинигэ», «Бастыҥ уруһуйдьут», «Дархан кинигэ», «Бастыҥ партнер: киэҥ эйгэҕэ сырдатааччы», «Бастыҥ партнер: ааҕыыны көҕүлээччи», «Бастыҥ партнер: бииргэ үлэлэһээччи», «Кинигэни бастыҥ тарҕатааччы»  номинациялары, “Национальнай кинигэ таһаарыытыгар кылаатын иһин”  бэлиэлэри, махтал суруктары туттарда.

«Ийэ тыл, сурук-бичик сайдыытыгар дьоһун кылаатын иһин» анал ааты Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл политикатын сүрүннээччи, тыл, сурук-бичик сайдыытыгар элбэх өрүттээх үлэни ыытааччы, көҕүлээччи Сергей Васильевич Местников ылла.

«Саамай ааҕар улуус» анал аат «Ньурба улууһа» муниципальнай оройуоҥҥа (баһылык Алексей Михайлович Иннокентьев) туттарылынна.

«Ийэ тыл, сурук-бичик туруу үлэһиттэрэ» анал аат “Күөрэгэй” төрүт тыл түһүлгэтигэр иҥэрилиннэ.

«Бастыҥ проза кинигэтинэн» номинацияны ааспыт сылга саамай ааҕыллыбыт «Хаҥаластан хааннаахтар, Тигиилээхтэн төрүттээхтэр. Уһун Дьуона» диэн уус-уран кинигэ ааттанна, ааптара – Дьокуускай к. 33№-дээх орто оскуолатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин, култууратын туйгуна, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Василий Иннокентьевич Гоголев-Уйулҕан.

«Бастыҥ поэзия кинигэтэ» аат анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн баран сырдык тыынын толук уурбут, «Эр санаа» уордьан, «Хорсунун иһин» мэтээл кавалердара, Н.Д. Неустроев аатынан эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэлэрин лауреата, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун иһинэн Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэнэ, Дьааҥыттан төрүттээх поэт Василий Рожин «Уот сүрэх» диэн кинигэтигэр иҥэрилиннэ.

«Оҕо бастыҥ кинигэтэ» аат «Былыыр-былыр»диэн Дьокуускай куорат Е.Г. Корнилова аатынан 51 №-дээх «Кэскил» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Сардана Михайловна Захарова уонна методист иитээччи Лилия Владимировна Аргунова хомуйан оҥорбут арт остуоруйаларыгар бэрилиннэ.

“Бастыҥ оонньотор, сайыннарар таһаарыы” диэн быйыл саҥа олохтоммут аат Горнай улууһун Маҕарастааҕы “Туллукчаана” оҕо сайдар киинин иитээччилэрэ Таисия Маркельевна Эверстова, Сардана Ивановна Скрыбыкина оҥорбут «Саха эйгэтэ» диэн оҕону сайыннарар лотуоларыгар туттарылынна.

«Үөрэх кинигэтин бастыҥ ааптарынан» СӨ «Олоҥхо тыйаатыра» автономнай тэрилтэ иһинэн үлэлиир Олоҥхо Киинин научнай-методическай үлэҕэ уонна тас сибээскэ сүрүннүүр исписэлииһэ, үгүс үөрэх, методическай босуобуйалар ааптардара Ульяна Михайловна Флегонтоваҕа ааттанна.

«Далааһыннаах ааптар» диэн анал ааты тутта «Түүл сахалыы тылдьыта», «Алгыстаах туомнар», «Экспедиция: өбүгэ аартыгын арыйан» диэн кинигэлэри күнү көрдөрбүт ааптар,  устуоруйа билимин дуоктара, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр институт археологияҕа уонна этнографияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Розалия Иннокентьевна Бравина.

«Куту-сүрү иитиигэ бастыҥ кинигэ» диэн саҥа аат “Итэҕэл уонна ыраастаныы” кинигэҕэ иҥэрилиннэ. Ааптарынан үрүҥ ойуун, алгысчыт, бөлүһүөк  Баайаҕантай Кулан хаан Сэргэй Уола буолар.

«Бастыҥ уруһуйдьутунан» элбэх үлэ, ойуу ааптара Алина Максимовна Егорова талылынна.

«Дархан кинигэ» үрдүк аата туттарылынна ааспыт сылга саха дьонун-сэргэтин саамай киэҥ биһирэбилин, сэҥээриитин, махталын ылбыт,  өбүгэлэрбит үйэлэри уҥуордаан кэлбит үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын аныгы саха ыала, дьон-сэргэ сөпкө тутуһалларгар сүбэ-ама биэрэр «Саха ыалын сиэрэ-туома» кинигэҕэ. Сыл бастыҥ кинигэтин ааптара – Афанасий Семенович Федоров, Саха АССР үтүөлээх артыыһа, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын бочуоттаах үлэһитэ, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, алгысчыт.

«Айар» национальнай кыһа саамай үрдүк наҕараадатынан – “Национальнай кинигэ таһаарыытыгар кылаатын иһин” бэлиэнэн Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы, норуодунай бэйиэт, РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата Наталья Ивановна Харлампьева, «Уус Алданнааҕы нэhилиэктэр икки ардыларынааҕы кииннэммит библиотека тиhигэ» муниципальнай хааhына тэрилтэтин дириэктэрэ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ культуратын уонна искусствотын бочуоттаах үлэһитэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Варвара Николаевна Окоемова уонна  “Ньурба улууһунааҕы нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы кииннэммит библиотека тиhигэ” муниципальнай хааhына тэрилтэтин дириэктэрэ, СӨ культуратын туйгуна Анна Витальевна Багмет наҕараадаланнылар.

«Бастыҥ партнер: киэҥ эйгэҕэ сырдатааччы» ааты ылла «Тэтим — Саха араадьыйата», дириэктэр Николай Гаврильевич Бястинов.

«Бастыҥ партнер: ааҕыыны көҕүлээччи» аат  «Нам улууһунааҕы нэhилиэктэр икки ардыларынааҕы кииннэммит библиотека тиhигэ”, дириэктэр Майя Романовна Софронова уонна «Дьокуускай куораттааҕы Кииннэммит библиотека тиһигэ”, дириэктэр Нюргуяна Петровна Решетникова сүктүлэр.

«Бастыҥ партнер: ааҕыыны көҕүлээччи» I истиэпэннээх дипломун хаһаайынан «Уус Алданнааҕы нэhилиэктэр икки ардыларынааҕы кииннэммит библиотека тиhигэ» (дириэктэр Варвара Николаевна Окоемова) буолла, оттон II истиэпэннээх дипломунан быйылгы сылга көрдөрүүлэрэ тэҥнэспит икки библиотека: «Мэҥэ Хаҥаластааҕы нэhилиэктэр икки ардыларынааҕы кииннэммит библиотека тиhигэ» (дириэктэр Марианна Афанасьевна Никанорова) уонна  «Амматааҕы нэhилиэктэр икки ардыларынааҕы кииннэммит библиотека тиhигэ» (дириэктэр эбээһинэһин толорооччу Юрий Егорович Шишигин) бэлиэтэннилэр.

«Айар» кыһа хардарыта көмөлөсүһэр, араас тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттар, күүс-көмө буолар үтүө доҕоттордоох. Эрэллээх доҕор баар буоллаҕына, үлэ тахсыылаах, саҕалааһын ситиһиилээх буолар.

«Бастыҥ партнер: бииргэ үлэлэһээччи» ааты ыллылар: С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр үнүстүүт (дириэктэр Ньургун Михайлович Павлов),  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ (дириэктэр Светлана Васильевна Максимова), «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ (дириэктэр Лариса Константиновна Андреева).

«Айар» таһаарыылара бэйэтин эрэ маҕаһыыннарынан буолбакка, атын тэрилтэлэр көмөлөрүнэн эмиэ киэҥ араҥаҕа тарҕатыллар. Ол курдук «Кинигэни бастыҥ тарҕатааччы» ааты тэрилтэлэр истэриттэн ыллылар «Книжный маркет» ХЭТ (генеральнай дириэктэр Владимир Семенович Евтюшин) уонна  «Акварель» ХЭТ (дириэктэр Алексей Валерьевич Адамов).

Биирдиилээн дьоҥҥо «Кинигэни бастыҥ тарҕатааччынан» ааттанна Лидия Семеновна Спиридонова, Амма улууһа. 1-кы истиэпэннээх дипломунан Тимофей Тимофеевич Егоров, Уус Алдан улууһа, 2 истиэпэннээх дипломунан Татьяна Егоровна Попова, Чурапчы улууһа наҕараадаланнылар.

Кинигэни тарҕатыыга, ааҕыыны көҕүлээһиҥҥэ көмөлөһөр, бииргэ үлэлэһэр дьоннорбут: Евдокия Сергеевна Аммосова (Нам улууһа),  Анна Спиридоновна Брызгаева (Амма улууһа), «Баалыкай» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ салайааччылара Николай Николаевич уонна Марфа Васильевна Еттяновтар (Үөһээ Бүлүү улууһа), «Удьуор» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ салайааччыта Елена Антоновна Кузнецова (Дьокуускай к.),

Егор Егорович Белолюбскай (Мэҥэ Хаҥалас улууһа), Елена Валерьевна Курамшина (Дьокуускай куорат) махтал суругунан бэлиэтэннилэр.

“Айар” национальнай кинигэ кыһата Россия, өрөспүүбүлүкэ кинигэни таһаарааччыларын ортолоругар, бастатан туран, ааҕааччылаах, айар-тутар дьоннордоох, суруйааччылардаах, бииргэ үлэлэһэр үтүө-мааны дьоннордоох, библиотекалардаах, араас элбэх дьону кытта үлэлиир буолан, инники күөҥҥэ сылдьар. Онон, “Айар” кэлэктиибэ бииргэ буолар дьонугар-сэргэтигэр, бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэригэр, ааҕааччыларыгар махтала муҥура суох.

Ойуулуур-дьүһүннүүр тыл баайа, сүөгэйэ-сүмэтэ, олоххо, сиэрдээх буолууга үөрэтэр уобарастар, норуот муудараһа барыта кинигэҕэ тиһиллэр, үйэтийэр. Кинигэ баар — барҕа баай! Кинигэттэн үтүөнү-кэрэни сомсуҥ, кинигэни таптааҥ, үүнэр көлүөнэни ааҕыыга уһуйуҥ! Кинигэлиин сэргэ, «Айардыын» өрүү бииргэ киэҥ билиилээх, сайдыылаах буолуҥ!

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх