«Айар» маҕаһыыннарыгар атыыга бэлэм саламалар бааллар

Сайылык күнэ

            Саха сиригэр 2019 сылтан ыам ыйын 22 күнүгэр Сайылык күнүн бэлиэтиибит. Өбүгэлэрбит саас, сайылык дьиэҕэ көһүөх иннинэ, саха дьоно кыһыны этэҥҥэ туораатыбыт диэн, уоттарын оттон, дьиэ иччитигэр махтаналлара. Сарсыарда эрдэ туран тэлгэһэлэрин иннин ыраастыыллара. Дьиэ баҕанатыгар хатыҥ сэбирдэҕин кыбытан, хотон аанын иннигэр түптэ уматан, бастыҥ ынахтарын хотонтон таһааран арчылыыллара. Дьиэлээх дьонтон аҕа саастаах киһи, сүөһүлэрэ киэҥ сыһыыга тахсан элбэх үүтү-аһы биэрэ турдуннар диэн, алгыс этэрэ. Дьиэлээх тойон көһөрүгэр бэлэмнэнэн таһаҕастарын сыарҕаҕа тиэйэн баран, бүтэйин ааныгар кэлэн, дэйбииринэн кэриэс охсоро (А.С. Федоров «Саха ыалын сиэрэ-туома»).

            Ити курдук сахалар хас биирдии хамсаныыларыгар сиэри-туому толороллоро, үгэһи тутуһаллара. Аныгы кэмҥэ айылҕаттан, Айыы үөрэхпититтэн тэйии көстө быһыытыйда, онон, чуолаан куоракка олорор саха, кэккэ ыарахаттары көрсүөн сөп. Ол да буоллар урбаанньыттар, айар-тутар дьон өбүгэ туттар малын-салын сөргүтэннэр күннээҕи олоххо туһаныахха сөп буолла. Ол курдук, бэйэбит да билбэппитинэн, сувенир быһыытынан көмүлүөк оһохпутун таас дьиэҕэ киллэрэн кэбистибит.

            Сайылык күнүн көрсө «Айар» кыһа төрүт үгэскэ сыһыаннаах таһаарыыларын кытта билиһиннэрэбит.

            Олох хайа баҕарар түгэнигэр бэйэҕитин, чугас дьоҥҥутун, иэримэ дьиэҕитин холумтан кэмпилиэгин атыылаһан арчылааҥ, ыраастааҥ. Куккутун бөҕөргөтүн, туруккутун тупсарыҥ! (Кэмпилиэккэ холумтан бэйэтэ уонна сылгы сиэлэ киирэр).

erid: 2VtzqxKYGhg

            Аймахтаргар, оҕолоргор, доҕотторгор ыалдьыттыы бараргар тугу кэһиилэнэргин толкуйдуугун? Кэһэх оһуора түһүүлээх эркин киэргэллэрэ бастыҥ бэлэх буоулохтара. Бу оһуор сахаларга өбүгэ саҕаттан уларыйбакка биирдик ойууланан кэлбит, ытык билиини, удьуор үөрэҕин илдьэ сылдьар, төрүччүнү көрдөрөр. Удьуор ууһуурун, утум салҕанарын кэрэһэлиир, кэскиллээх олоҕу түстүүр дьиэ кэргэн харысхалын тускутугар туһаныҥ, күндү бэлэх оҥостуҥ!

            Үрдүк айыылар, сир-дойду иччилэрэ ойуулаах мас панно. Манна саха киһитэ сүгүрүйэр, үҥэр-сүктэр уобарастара ойууланнылар. Ону тэҥэ алгыс тыллар уонна харысхал бэлиэтэ эһигини, дьиэ кэргэҥҥитин араҥаччылыы, арчылыы туруохтара.

            Айыыларга тахсар алгыс далаһата – салама. Салама туома дьону харыстыыр суолталаах уонна айыылартан уйгуну аҕалар аналлаах. «Айар» маҕаһыыннарыгар атыыга бэлэм саламалар бааллар. 2,5 миэтэрэ 275 солкуобай.

            Саха буолан сандаарыҥ, киһи буолан килбэйиҥ! Өбүгэ үгэһин умнумуохха, удьуор утумун салгыахха!

Реклама. АО НИК «Айар» ИНН 1435328670

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх