Бу орто дойду көстөр уонна көстүбэт эйгэттэн турар. Биһиги бэйэбит кыахпыт иһинэн истэбит, көрөбүт уонна олору эрэ бу бааллар диэн билэбит. Диҥэр орто дойду олоҕор олус улахан киэҥ эйгэлээх көстүбэт иһиллибэт эйгэ баар, ол эйгэҕэ бааллар сүдү улахан сирбит дойдубут үтүө иччилэрэ, саха куттаах былыр былыргыттан ол үтүө иччилэри айах тутан кинилэртэн көрдөһөн-ааттаһан, кинилэргэ махтана сылдьар буолан күн баччатыгар диэри этэҥҥэ кэлээхтээтэҕэ.
Биир оннук улахан үтүө иччинэн буолар аартык иччитэ — Моһол Тойон уонна кини ойоҕо — Буомча Хотун диэн.
Бу 21 үйэ саҕаланыаҕыттан ол эбэтэр сахабыт итэҕэлэ арыый уһуктуоҕуттан саха дьоно аартыкка айах тутар үгэһэ үксээбитэ үчүгэй гынан баран, сорох сирдэрбит аартыктарыгар айыы көстүбэт күүһүн оннугар алллараа адьарай аҕа ууһун айах туппут курдук көрүөхтэн түктэри көстүүлэр аҕыйаҕа суохтар (аата-ахсаана биллибэт кыстана сытар алаадьы, ол-бу бөх-сах о.д.а). Дьэ ити түктэри көстүүлэри хайдах гынан туоратабытый?
Саха омукка дьахтар ыраастыыр, арчылыыр араҥаччылыыр аналлаах онон олорор сирдэргитинэн айаҥҥыт аартыктарын кыстыкка киириэххит иннинэ айылҕаҕа тахса таарыйа үрүҥ илгэнэн айах тутан аартыккыт үтүө иччититтэн алы гыннаран көрдөһөн, ааттаһан киирин. Бу кэлэр кыстык этэннэ ааһарыгар диэн. Оттон бу билигин улуустар аартыктарыгар (кыраныыссаларыгар) таһынан барбыт, ыһылла-тоҕулла сытар айан дьонун алаадьытын хайдах гынабыт? Улуус далбар хотуттара дьону-сэргэни түмэ тардан субуотунньуктаан бүтүннүү кууллаан хомуйан дьаһайар ирдэнэр. Тиэйэн сыбаалката таһаарыахха сөп.
Биһиги айах туппут аспытын айыы оҕолоро ол эбэтэр суор, тураах араас көтөрдөр сиэннэр бэйэлэрэ ыраастаан иһиэхтээхтэр. Онон инникитин айах тутар буоллаххытына хас биирдии киһи толору тоҕустуу алаадьыны буолбакка, биэс тарбах биэрэринэн, уон тарбах уунарынан биир да алаадьыны кыралаан айах тутуохха сөбүн умнубат буолуҥ. Оччоҕуна айаммыт аартыктара киртийэн көрүөхтэн түктэри көстүүлэниэ суоҕа этилэр.