Афанасий Афанасьев: Мин дьоллоохпун!
Кэрэ эйгэтигэр
Киһи олоҕо түһүүлээх-тахсыылаах, ол эрэн ол түгэнтэн эн киһилии сиэринэн, ийэ айылгыгынан ыраастык тахсарыҥ-эн дьолуҥ.
Саха өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыһа, , Российскай Федерация үтүөлээх артыыһа, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Саха өрөспүүбүлүкэтин » Гражданскай килбиэн» анал аат хаһаайына, Таатта улууһун, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо Афанасий Дмитриевич Афанасьев айар олоҕун оҥкула Августина Федоровна Клакинова салайбыт «Доҕордоһуу» үҥкүү ансаамбылыттан салаллыбыта.
Ол кэннэ өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан тэриллибит государственнай үҥкүү ансаамбылыгар улахан сүүмэрдээһини ааһан киириитэ, Ленинградтааҕы үрдүкү үҥкүү искусствотын айар мастерскойа, Москватааҕы государственнай культура институутугар балетмейстер идэтин ылыыта, Саха государственнай филармониятын эстраднай группатыгар балетмейстердаабыта , Сергей Зверев — Кыыл Уола аатынан национальнай үҥкүү театрыгар солиһынан, Арктическай институукка хореография салаатын преподавателинэн үлэлээбитэ -кини айар үлэтин сүрүн кэрчиктэрэ.
Үҥкүү эйгэтигэр сүрүн үлэлэринэн «Бохсуруйуу» балекка Хотой, Уол, Кырдьаҕас ойуун, » Лолита» балекка Гумберт оруолларын толоруулара буолаллар.
Маны таһынан кини үҥкүүлээбит үҥкүүлэриттэн Геннадий Баишев туруорбут » Якутяночка», » Соҕотох туруйа», А. Полубенцев » Подснежники» үҥкүүтэ, Е. Степанова » Филиппинский», М. Сайдыкулова » Девушки в шляпах», » Танго» үҥкүүлэрин , о.д.а. чаҕылхайдык толорбута биллэр.
Балетмейстер быһыытынан саха театрыгар » Ромео и Джульетта», » Мастар охтубакка кэхтэллэр», » Көҥүл итии күн» , онтон да атын спектакллары туруорбута биллэр.
Кини айар талаана киэҥ нэлэмэн, өрүтэ дэгиттэр.
Дьэ бу уһун сыллаах, олоҕун устата үлэлээбит үлэтин Афанасий Дмитриевич аҕыйах хонуктааҕыта төрөөбүт ытык түөлбэтигэр аймах-билэ дьонугар, эдэр көлүөнэҕэ анаан, тапталлаах Ийэтин Мария Афанасьевнаны спектакль биир сүрүн прототипа оҥорон, Олох сокуонунан Күлүк Уол уобараһын сыһыаран Ангела Попова сценарийынан бэлэх уунна. Сонун, идэлээх дьон үрдүк таһымҥа тобулан туруорбуттара көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөхтө.
Оттон бу айар отчуот туһунан туруорбут режиссер Антон Ботаков санаатын тиһэбин: » Для меня большая честь — поставить спектакль для заслуженного артиста РФ Афанасия Афанасьева!
Несомненно, театр это первым делом коллективная работа, никогда не было в истории и никогда не будет, чтоб один человек нес на себе этот тяжелый груз. Театр- это механизм, и я считаю: над одним спектаклем трудится масса людей. Тем самым хочу передать свою огромную благодарность коллективу и руководителям Национального Театра Танца РС (Я) им. С.А. Зверева — КЫЫЛ УОЛА!
Спектакль “Куйаар Уола. Кэрэни Кытта Сэргэстэьэн” мистика-фантасмагория, рассказывает о том, как много порой уходит титанических усилий, чтоб добиться чего-либо. Чтоб был какой-либо исход, нужно обязательно пожертвовать чем-либо. Я считаю, что такое чувство знакомо каждому человеку, и это, к сожалению, не только в искусстве, но и в любой другой сфере. Чтобы что-то получить, нужно сначала отдать.»
Аны үҥкүү туруорааччы Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, балетмейстер Мария Сагдыкулова бу спектакль туһунан тугу кэпсиир эбитий?
Ааҕыаҕыҥ эрэ: » Афанасий Афанасьев — это имя всегда вызывает интерес у любителей и ценителей искусства танца.
Моя первая встреча с Афанасием состоялась в 1995 г, когда он пригласил меня поставить для него творческий вечер. Так появилась наша совместная работа спектакль «Отражение любви», где языком хореографии он с юношеским порывом объяснялся в любви к искусству танца в разных ее проявлениях. И вот спустя много лет Афанасий Дмитриевич вновь пригласил меня как хореографа на свой юбилейный творческий вечер «Кэрэни кытта сэргэстэьэн». Это спектакль-размышление, спектакль-воспоминание, спектакль — итог многолетнего и преданного служения ее величеству — Терпсихоре. В этом спектакле он показал себя как неординарный артист — танцор, актер и философ, размышляющий о быстротечности времени и делящийся своими мыслями со зрителем. И я уверена, что зритель поймет его, откроет для себя душу Танцора и в конце спектакля подарит ему свои овации.»
Дьэ бу өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр кэрэ искусство идэлээх үлэһиттэрэ биһиги биир дойдулаазпыт Афанасий Афанасьев туһунан санааларыттан киһи эрэ киэн туттар.
Түмүккэ Афанасий Афанасьев дойдутугар Сергей Зверев — Кыыл Уола аатынан үҥкүү ансаамбылын аҕалбытыгар, кэрэ талааннары көрдөрбүтүгэр, биир сааскы ыраас салгыны уймахтаппытыгар махтал тылларын аныахпын баҕардым. Чахчыта да дьоллоох киһиттэн бэлэх тутар ханнык баҕарар киһини кэрэҕэ, үтүөҕэ эрэ сирдиир туспа айылгылаах буоллаҕа.
Киэн туттар биир дойдулаахпытыгар үтүөнү, кэрэни, сырдыгы баҕара хаалабыт. Талааныҥ өссө арылыннын.
+7 (999) 174-67-82