Абыраллаах “Азбука”

Дьэ, сэгэрдэриэм, үс сайыны быһа ыллаабыт тоноҕосчут курдук дьаарбайан-күүлэйдээн, сынньанан-сыламнаан, саҥардыы оннугутугар түһэн эрэргитин сэрэйэбит. Баа буолбат, биһиги курдук кылгас сайыннаахтарга, хайыаҥый, барыны быыс булан ситэрэр-хоторор булгуччулаах.

Ол эрээри, сыллата саас буолла да оскуолаҕа: “сайын оҕолоргутун аахтарыҥ, туохта эмэ суоттатыҥ дииллэрин”, – кырдьыгынан күн толбоннурар куйааһыгар дьарыктаан сорудаҕы аахсар, толорор төрөппүт аҕыйаҕар, экчи эрэллээхпин. Олохпут оннук.

Ол иһин мөҕө-этэ, кыбыһыннара-салыннара барбакка, сүбэбин тиэрдэбин. “Айар” кинигэ кыһата (кэм да мин билбитим эрэ ити хампаанньа, атыным, сахалыы тыллааҕым суоҕа бэрт, онон баалаамаҥ) таһаарбыт абыраллаах кинигэтэ, дьэрэкээн тастаах “Азбука” диэн баар. “Ити нууччалыы быһыылаах” диэн, арыйан да көрбөккө ааһа барбыт ийэ-аҕа элбэх. Мин ону билэбин, ыччаты кытта ылахтастахха өссө мөккүһэллэр, “Азбукатын” аанньа аахайбатах буолан иһэллэр.

Бу “Азбука” албастаах. Мин, былыргы, ааспыт үйэ киһитэ буоллаҕым, ол-бу сыыппара муокаһын сатаабаппын. Онтун иһин, дьиҥ кырдьыга баара, бу кинигэни наһаа маанылаабатаҕым да буоллар, дьэ биллим ээ! Тугуй диэҥ? Инникиттэн хоһооннорун уонна буукуба аайы уруккуттан атын тыллар киирбиттэрин сэҥээрэн турабын. Сиэннэрбэр үөрэтиэм диэммин ылбытым.

Онтум баара! Быйыл сааскыттан  ыла 5 саастаах бэдик сиэммин, бэрт мэник кыыһы кытта дьиэҕэ хаайыллан сайылаатыбыт. Олус киириилээх-тахсыылаах, кэллэҕинэ-бардаҕына миэхэ ситтэрбэт аныгы оҕо. Дьэ, хата, онтубун син олоппоско сатаан хараҕалыыры буллум ээ! “Азбукам” көмөтүнэн. Ийэтэ миэхэ: «Бу маннык гыннаххына ити хоһооҥҥун артыыс ааҕан биэрэр, өссө оонньотор», – диэн бэрт судургу ньыманы көрдөрөн биэрэн биһиги күннээтибит!

Нууччалыы буукубалар

Мин уруккута учуутал киһи, бу сэмсэ «Азбуканы» бэркэ сэргээн көрдүм. Биһиги итинник тылларынан алпаабыты үөрэппэт этибит. Сөп дии, саҥа үйэ ис тыына атын, итиннэ да уларыйыы барара хайҕаллаах суол.

Единорог диэн урут өйгө да суох кыылы аны кыра оҕо төрүөҕүттэн билэргэ дылы. Билигин, хайа, онтуларын көстүүм гынан кэтэллэр. Онтон хайдах туоруоҥуй?  Оҕом барахсан ити хоһоону наһаа түргэнник уонна үөрэ ылынна. “Сгущёнка” хоһоонуттан кыра киһим күлэн бөҕө. Билигин оруобуна итиннэ саҥарар артыыс куолаһын үтүктэ-үтүктэ кэпсиир. Аны жирафата диэн, зебрата диэн,  фламинго моонньун куоҕатан оруобуна мультикка баар курдук туттар-хаптар киһи буоллаҕа. Грушаттан, эриэхэттэн аллергиялаах буолан, сэрэниэхтээҕин бэркэ билэр. Ол эриэхэни сиэри, аҕыйах сыллааҕыта чахчыта да ый-хай бөҕө буолааччы. Ол иһин дьарык гыннын диэн эриэхэ хайытар малы дьоно аҕалан биэрэн баран өрүү ситигирдик “щелкунчик” диэн ааттатааччылар. Дьэ, онон билэр малын көрөн астынна. Бэйэтэ салгыы остуоруйа айан барда. Куорат оҕото “подъезд” диэни билбэт буолуо дуо. Киһилээбэтэ, тута өйүгэр хатаата.

Ситигирдик. Аптаах “Азбука” туһатын бэйэм сиэним холобурунан кэпсиибин. Үйэтин батыһыннаран “Ү” буукубаҕа урут “үөн”, “үөт” диирбит оннугар төлөпүөн киирбит. Саамай сөп дии санаатым. Саатар төлөпүөнү сахалыы суруйуохтара буоллаҕа. Итиэннэ “луук”, “робот” диэн бастыыр тылларынан буукуба бэлиэтэ буолбуттара үчүгэй эбит. Киһибит “л, л, л, луук, люк, люстра, лёля, ляля” диэмэхтиир, ол аата ылыннаҕа, өйдөөтөҕө.

“Й” кистэлэҥэ

Манна хас биирдии буукубаҕа анаан суруллубут устуруокалар эмиэ иитэр суолталаахтар. “Й” буукубаны көрөөрүҥ эрэ. Мин кыра кыыһым ол аата тугуй да тугуй диэн, мин аны “Оргуһуохтаах кыыс” остуоруйаны кэпсээччи буоллум. Онтон ыла күн аайы: “Эһээ, оргуһуохта”, – диэмэхтиир. Аны арыт сорох хоһооннорго ойууга көстүбүтэ хоһооҥҥо ааттаммат. Ону оҕо бэйэтэ таайар. Ити аата үчүгэй диэн махтаммыт быһыым.

Инньэ гынан биһиги бу “Азбуканы” баара эрэ 2 нэдиэлэ ыла-биэрэ ылахтаспыппыт да, билигин кыыс 44 буукубаны бүүс-бүтүннүү билэн кэбистэ, ыйдыҥ да кэпсии сылдьар, холбонно да бэйэтэ оонньуур идэлэннэ.

Түһүнэн кэбиһиҥ!

Онон, сайыны быһа тугу да гыммакка сыппыттар, кытаатыҥ, оскуолаҕа, уһуйааҥҥа барар кэм чугаһаата. Бу “Азбуканы” ылан оонньуу таарыйа чэпчэки баҕайытык ааҕыҥ, истиҥ уонна оонньооҥ! Ол туһаны эрэ аҕалыаҕар эрэбилим улахан. Хаарыаннаах кинигэ билигин атыыга баар үһү эрээри, аччаата дэһэллэр, кытаатыҥ!

Кинигэни бу сыылканан ылыаххытын сөп.

https://ayar.ru/catalog/knigi/detyam_i_roditelyam/poznavatelnye_i_razvivayushchie_izdaniya/3d_azbuka_sakhalyy_sa_arar_mobilnay_oonnuulaakh/

                                                    

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх