Аар Айыы итэ5элэ Кут-Сүр туhунан үөрэҕэ — II

САЛГЫН КУТ

Билигин Салгын Кут туһунан кэпсэтиэҕиҥ. Салгын Куту үгүстэр киһи тас бүрүөтүн эрэ курдук өйдүүллэр. Суох, оннук эрэ буолбатах. Салгын Куттаах буолан киһи салгынынан аһыыр, ол аата этэ-хаана тыынан, кислороду иҥэринэр. Киһи салгына суох сатаммат, дьэ, ол иһин оҕо төрөөтүн, Салгын Кутун иҥэринээри, этигэр хааныгар бөҕөргөтүнээри ытыыр буоллаҕа дии.

Маны таһынан, Салгын Кут, кырдьык, киһиэхэ тас бүрүө буолар уонна кини Буор Кутун тастыҥ эйгэлэр дьайыыларыттан көмүскүүр куйах бүрүө буолар. Бу тас бүрүө киһи организма таһаарар араас сүүрээннэрин, сардаҥаларын кытта ситимнэһэн, элбэх өҥүнэн оонньуур бүрүө буолар. Бу бүрүө халыҥа киһи аайы туһунан буоларын таһынан, биир туспа киһиэхэ ыллахха, ханан эрэ чараас, ханан эрэ халыҥ буолар. Ити тас бүрүө туругунан көрөн киһи доруобуйатын туругун быһаарыахха сөп.

Ол аата Салгын Кут киһи ис өттүгэр хас биирдии Буор Кутун хас биирдии клеткаларыгар тиийэ иҥэр уонна тас өттүнэн куйах буолан бүрүйэн көмүскүүр.

Сахаларга «Салгын Кут салыйыыта» диэн өйдөбүл баар. Сахалар «салыйбыт» диэн тылы «куттаммыт, дьулайбыт, тэйбит, арахпыт» диэн ис хоһоонноох өйдөбүллэринэн өйдүүллэр. Былыргы дьон ол иһин оҕону, киһини соһутары, куттууру быһаччы утараллара. Итинник түбэлтэҕэ оҕо Салгын Кута салыйар диэн өйдүүллэрэ. Салыйыы үксүгэр букатын барыы диэн өйдөбүллээх. Дьэ, ол иһин былыргы дьон киһи кутун-сүрүн салытыыны улахан буруйга, аньыыга ааҕаллара. Син биир киһи тыыныгар суудайыыга тэҥнииллэрэ. Ол иһин кинилэр киһи Кутун салытар дьайыылары буойаллара, итинник дьайыылары абааһы дьайыытын курдук өйдүүллэрэ. Ол иһин итинник дьоҥҥо: «Абааһыга дылы, киһини тоҕо соһутаҕын» – диэн хаһыытыы түһэр кырдьаҕастары элбэхтик көрбүтүм.

Былыргы сахалыы өйдөбүлүнэн, киһи улаханнык соһуйдаҕына, тас Салгын Кутун бүрүөтэ хамсыыр, киһиттэн арахсар, оттон ис органнарынан салгынынан аһааһына кэһиллэ түһэр, киһи тыынын кыайан ситэри ылбакка, төттөрү тыына түһэр. Маннык түбэлтэҕэ киһи уҥуон, өйүн сүтэриэн сөп. Салгын Кута салыйбыт киһи тас куйах бүрүөтэ алдьанар уонна киниэхэ ыарыы-сүтүү көҥүл киириэн сөп. Салгын Кут салыйыытын Айыы ойууна, үчүгэй алгысчыт, үчүгэй эмчит ойуун көннөрүөхтэрин, эмтиэхтэрин, чөлүгэр түһэриэхтэрин сөп.

Салгын Кута салыйбыт киһи үксүгэр Буор Кутугар охсуу ылар. Буор Кут ыалдьыыта, оһоллонуута үксүн Салгын Кут салыйыытыттан тахсар. Тоҕо диэтэххэ, Салгын Кута салыйбыт киһи кэбириир, этэ-хаана, тас куйаҕа көмүскэлэ суох хаалар. Салгыт Кут салыйан, эт-хаан ыалдьыытын эмтээһини Салгын Куту чөлүгэр түһэрииттэн, онтон эти-хааны эмтээһинтэн саҕаланыахтаах. Айыы ойууна, эмчит ойуун, алгысчыт алҕаан-силээн, ыарыһах  Салгын Кутун чөлүгэр түһэриэхтээхтэр, абырахтыахтаахтар.  Оччоҕуна ыалдьыбыт киһи ис күүһэ-уоҕа (энергията) ити Салгын Кут алдьаммыт сиринэн тахсан барыыта тохтуохтаах, оччоҕо кини күүһэ-уоҕа барыта эмтэниигэ, үтүөрүүгэ туһаайыллан, үтүөрэн, чэгиэрэн кэлиэхтээх.

Салгын Кут чөл буола иитиллэрин туһугар, оҕону холкутук сэмэлээһин эрэ баар буолуохтаах. Төрөппүт оҕотун сыыһа ииппитин, итириктиир төрөппүттэрдээх оҕону мындыр учуутал, кылааска киирээт, билиэхтээх. Итинник оҕолорго анал психологическай көмө оҥоһуллуохтаах. Салгыы кинини Айыы ойуунугар, алгысчыкка алҕата илдьиллиэхтээх, Салгын Кута салыйбытын көннөртөрүллүөхтээх. Инньэ гымматахха, кини ыарыһах, куттас киһи тахсыан, салгыы арыгыһыт буолан да туруон сөп.

Маннык Салгын Куттара салыйбыт дьону киһи олоххо элбэхтик көрсөр. Бу эмиэ киһи айылҕаҕа сатаан олорбот буолуутун көстүүтэ буолар. Былыргы сахалар алаастарынан тарҕанан чуумпутук, нүөллүк олоруулара урут наһаа элбэх чөл куттаах, чэгиэн-чэбдик, күүстээх-уохтаах, өйдөөх-санаалаах дьоннору үөскэппитэ. Билиҥҥи кэмҥэ ыгыта симсэн олоруу, үтүрүһүү-хабырыһыы, айдаан, күн аайы дьон куһаҕан быһыытын көрүү, быдьар тыллары истии, олорор миэстэҕэ кир-дьай мустуута, киһи үөрүөҕэ туох да суоҕун курдуга – дьон Салгын Кутун ыга баттыыр, киниэхэ куһаҕаннык дьайар. Ол онтон Салгын Кут эмиэ чарааһыан, эмсэҕилиэн сөп. Оччоҕо ити мөкү көстүүлэр киһи Буор Кутугар тиийэннэр, кинини ыарытыннарыахтарын, өйүн-санаатын, ньиэрбэтин айгыратыахтарын киһи саарбаҕалаабат.

Дьэ, ол иһин билиҥҥи киһи кыыһырымтаҕай, куруук кыыһырбыттыы, хомойбуттуу тутта сылдьар, түргэнник хомойор, санаата түһэр, мөлтүүр-ахсыыр. Сөптөөх иитии, эрчийии, үлэ, нүөл ас-үөл суох буолан, билиҥҥи киһи Буор Кута эмиэ мөлтөх, сахсархай, чиҥэ, бөҕөтө суох. Ол иһин эмискэ ыалдьыы, оҕустарыы, сүрэх-тымыр ыарыылара, өлүү да элбэх.

Эбиитин киһи киһиэхэ адьырҕатыйан, куһаҕан сыһыана, араас киибэһэ, үҥсүүтэ-харсыыта үксээһинэ манна эмиэ оруоллаах. Куһаҕан сыһыанынан киһиэхэ куһаҕаны оҥорор адьынат вампиризм биир көрүҥэ буолар. Оннук дьон эмиэ үксээтилэр. Кинилэр иирээни тардан, дьону саҥаран, үөҕэн, дьону тиксиһиннэртээн иириһиннэрэн, хобу-сиби, киһини холуннарыыны таһан сылдьаллара кинилэргэ син биир аһыыр, таҥнар, утуйар кэриэтэ дьарык, идэ (потребность) буолан хаалар. Бу киһи итинник вампирдааһынтан дуоһуйуу уонна күүс-уох ылар. Итинник дьон коллективы ыһар, айгыратар айылгылаахтар. Дьэ, ол гынан, сотору син биир кинилэр сэттэрэ-сэлээннэрэ, аньыылара-харалара ситэн, үтэһэлэрэ туолан, иэстэбилгэ, Үрдүк Таҥара накаастабылыгар син биир түбэһэллэр.

Билиҥҥи кэм улахан таһымнаах экстрасенс эмчитэ Барбара Бреннан киһи тас Салгын Кутун сэттэ хос-хос араас өҥнөрдөөх бүрүөлэр курдук көрөр. Кини этэринэн, хас биирдии бүрүө анал чакралары кытта ситимнэһэр. Бреннан этэринэн, киһи сиһин тоноҕоһугар баар сэттэ сүрүн чакралары таһынан, өссө 21 эбии чакралар этигэр-хааныгар бааллар. Быһаччы 7 чакраны ыллахха, кинилэр хас биирдиилэрэ киһи араас органнарын кытта ситимнээхтэр. Ол аата, Салгын Кут бүрүөтүн ханнык араҥалара алдьаммытыттан, туһааннаах органнар ыалдьаллар эбит диэн быһаарыы оҥоруохха сөп.

Индия философията уонна йогизм киһи тас салгын бүрүөтүн эмиэ сэттэ араас өҥнөөх араҥалардаах диэн былыргыттан быһаараллар. Бу барыта киһи Салгын Кутун быһаарыыга элбэх санаалары үөскэтэллэр.

Б. Бреннан этэринэн, чэгиэн, үчүгэйдик, сөптүк олорор киһи ауратын, ол аата салгын бүрүөтүн, өҥнөрө чуолкай, чаҕылхай буолаллар. Оттон наркотигы туттар, арыгы иһэр, табахтыыр киһи аурата бороҥ, сыстаҥнас салахай, сыраан (слизь) бөҕөнөн бүрүллэр. Бу киһи ол иһин эмтэнэрэ уонна ити куһаҕан дьарыктарын быраҕара олус уустук буолар. Дьэ, ол иһин арыгыһыты, наркоманы эмтииргэ аан маҥнай кини ауратын ити салахайтан, сыраантан ыраастыахха наада. Онно аныгылыы система да туруоруутун эбии киллэрэр туох да сыыһата суох. Аурата ити дьайдартан араҕа илигинэ бу киһи арыгыттан да, наркотиктан да араҕыа суоҕа.

 Маны сахалыы быһаардахха, арыгы, куһаҕан дьаллыктар киһиэхэ дьай, имэҥ, дьаллык быһыытынан иҥэллэр уонна кини Салгын Кутун киртитэллэр, Буор Кутун мөлтөтөллөр. Бу икки Кут, киһилэрин куһаҕан дьаллыктартан быыһаары, охсуһуу бөҕөнү ыыталлар. Дьэ, ол үрдүнэн, бу дьаллыктартан арахпакка, киһи арыгыһыт, наркоман буолан, икки Кута киртийэр, кини туох эрэ куһаҕаҥҥа түһэн сөтүөлээн тахсыбыт курдук, бэйэтин тулатыгар ити дьайдарынан ыһыахтанар.

Мин санаабар, киһи Салгын кутун (ауратын) араҥалара өссө элбэх уонна баай өҥнөөх буолуохтарын сөп. Холобур, уон иккигэ тиийэ. Көннөрү киһи бэйэтин көрөр кыаҕа кыра буоллаҕа дии. Аура төһө баҕарар улаатар, кыччыыр кыахтаах. Элбэх дьон ортотугар сылдьар, кыараҕас дьиэҕэ-уокка ыгыта симсэр кэмҥэ аура, киһини көмүскээри, киһи этигэр-хааныгар сыстар, кыччыыр. Кини маннык эйгэни сөбүлээбэт. Киэҥ-куоҥ эйгэҕэ, айылҕаҕа сынньанар кэмҥэ кини улаатар, тэнийэр, ырааһырар. Салгын Кут ордук киһи таҥараҕа үҥэр кэмигэр улаатар, тэнийэр, ырааһырар. Бу кэмҥэ кини төһө улаатара киһи төһө айыылыы эйгэлээҕиттэн (духобунайыттан), төһө дьоҕурдааҕыттан быһаччы тутулуктаах. Үрдүк эйгэлээх дьон Салгын Куттара Таҥараҕа үҥэр кэмнэригэр букатын үрдүккэ тиийэн, кини Кута-Сүрэ Үөһээ эйгэни кытта ситимнэһэригэр улахан далаһа буолуон сөп.

Киһи бэйэтин Салгын Кутун бэйэтэ санаабытынан эмиэ уларытыан сөп. Араас алгыстары, үчүгэй тыллары этэ-этэ, санаа күүһүнэн бэйэ Салгын Кутун бөҕөргөтөр үлэни ыытыллыахтаах. Эмиэ маннык Үрдүкү Аар Айыыларга аньыыны-хараны билинэн этэ-этэ, Салгын Куту ыраастыыр, чэгиэрдэр дьайыыны бэйэҕэ оҥоһуллуохтаах. Ол аата, киһи Салгын Кутун ким эрэ атын ыраастаан, чэгиэрдэн, эмтээн-томтоон биэрэрин кэтэспэккэ, киһи бэйэтэ эмиэ үлэлиэхтээх. Куту-Сүрү бөҕөргөтөр, уоскутар, күүһүрдэр, ыраастыыр музыкальнай инструменнарынан, ордук дүҥүр, виолончель, флейта, рояль, кучур буолаллар. Скрипка үчүгэй буолан баран, киһи уйулҕатын хамсатыан сөп.

Онон киһи сөптөөх музыканы истэн, Салгын Кутун эмиэ бөҕөргөтүөн, үчүгэй турукка киллэриэн сөп эбит. Киһиэхэ ордук үчүгэйдик духуобунай уонна классическай музыка дьайаллар. Тибет духовнай музыката уонна ону доҕуһуоллуур музыкальнай инструменнарын тыаһа киһи Кутугар-Сүрүгэр наһаа чугастар, ордук туһалаахтар.

Салгын Куту эмтээччи Айыы ойууна, Алгысчыт буолаллар. Сөптөөх үчүгэй алгыс Салгын Куту чөлүгэр түһэрэр, бөҕөргөтөр, онон ис органнар үлэлэрин тупсарар уонна киһини чөл куттуур-сүрдүүр. Үгүс эмчит киһини эмтииригэр эмтээһини Буор Куту эмтээһинтэн саҕалыыр. Ити сыыһатын туһунан мин элбэхтик урут даҕаны эппитим.

Өскөтүн Айыы ойууна уонна эмчит ойуун эмтээһиннэригэр Ийэ Куту төннөрүүнү, Салгын Куту чөлүгэр түһэриини барытын тэҥҥэ оҥорор буоллахтарына, Алгысчыт, Арчыһыт эмтээһини Салгын Куту чөлүгэр түһэрииттэн саҕалыахтаахтар. Бу син биир Айыылыы (духуобунай) эмтээһин биир туспа көстүүтэ буолар. Салгын Куту сатаан эмтиир киһи эмиэ дьиҥнээх Айыылыы (духуобунай) эмчит буоларын саарбахтыыр да табыллыбат. Кини арай Ийэ Куту төннөрүүнү кыайыа суоҕун сөп. Салгын Куту эмтиир буолан баран, Ийэ Куту кыайан төннөрбөт буоллаҕына, кини Айыы ойууна, эбэтэр эмчит ойуун Ийэ Кутун төннөрбүт ыарыһахтарын эмтиэхтээх. Итини таба өйдөөбөтөҕүнэ, кини бэрт элбэҕи сүтэриэн уонна сыыһыан сөп, бу эмтээһин биир улахан кистэлэҥин эттим.

Салгын Кут элбэх араҥалааҕар төннөн эттэххэ, сахалыы өйдөбүл маннык. Айыы итэҕэлин быһыытынан, киһи тас Салгын Кута – аурата уон икки араҥалаах. Онтон этигэр чугас сытар араҥалар Буор Кут уопсай туругун көрдөрөллөр уонна сөп түбэһэллэр. Онтон араҥалар тас өттүлэрин диэки баран истэх аайы, Буор Кут тас эйгэни, чуолаан Космоһы, кытта сибээһин көрдөрөр араҥалар кэлэллэр. Киһи этигэр чугас сытар араҥаларынан киһи доруобуйатын туругун билиэххэ, диагноз туруоруохха сөптөөх, оттон тас араҥаларынан бу киһи төһө сайдыылааҕын, айыллыытын (духуобунайын) билиэххэ сөп.

Дьэ, ити биричиинэнэн хас биирдии киһи салгын бүрүөтүн араҥатын ахсаана тус-туһунан буолуон сөп. Итэҕэлэ, үтүө санаата, айыылыы тыына (духуобунайа) суох киһи салгын бүрүөтүн тас өттө суох, сорох киһи киэнэ сүппүт, ыһыллыбыт буолар. Итинник дьону элбэҕи көрүөххэ сөп. Бу тас араҥалар алдьаныылара киһи Салгын Кута киртийиитигэр, уопсай алдьаныытыгар тириэрдэр. Маннык дьон араас куһаҕан эйгэҕэ охсуллуохтарын, куһаҕаны оҥоруохтарын сөп. Бу эмтэниитэ биир эрэ суоллаах. Ол киһи итэҕэлгэ кэлэн, Таҥараҕа үҥэн-сүктэн, Айыылыы тыыҥҥа иитиллиэхтээх. Инньэ гымматаҕына бүтэр, атын суол суох. Аньыы-хара ыраастанан испэт буолуута дьону итинник иэдээҥҥэ аҕалар.

Салгын бүрүөтүн үөһээ тас араҥалара алдьаммыт, сүппүт эбэтэр айылҕаттан онто төрүт суох киһи күүһэ-уоҕа (энергията) барыта куһаҕан кэмэлдьигэ тардан, араас куһаҕаны оҥорор. Маннык киһи кыра да инники сырдык кэскилэ суох.

Экстрасенсорика кинигэлэригэр чакралар энергияларын «вихри» дииллэр. Ону «чакралар холоруктара» диэн тылбаастыыр дьон бааллар. Сахалыы өйдөбүлгэ холорук абааһы күүһүн курдук өйдөнөр. Сэттэ чакрабытыгар холоруктана сырыттахпытына, сатаммаппытыгар тиийэбит. Сахалыы өйдөбүлүнэн, киһи үс куттаах, ону А. Сырдык маннык букатын утары этэн таһаарар: «Чакра иһигэр сэттэ тус-туһунан холорук баар, бу сэттэ куппут тус-туспа энергиялара…»

Аны маннык этии суруллубут: «Ойуун хаҥас илиитигэр саҥа быһыллыбыт кыһыл талаҕы төрдүттэн ылар, талах субатын чаһы хаамыытын утары биинтэлии кыһар. Онтон уҥа илиитигэр ылар, бу талах уҥа ытыс тыгар чакратын күүһүрдэр. Итинник гынан ойуун алгыһын күүһүрдэр.» Сахаларга Айыы ойууна, Алгысчыт хаһан да алгыылларыгар кыһыл-эриэн талаҕы ылбаттар. Кыһыл-эриэн талах букатын атыҥҥа туттуллар. Эбиитин, ким эрэ итинник гыннаҕына, ытыһын кииниттэн дьэ, кырдьык, элбэх күүс-уох (энергия) халтайга мээнэ барыан сөп.

Салгын Куппут туһунан салгыы кэпсэтэбит. Мээнэ айдаан-куйдаан, хаһыы-ыһыы, үөхсүү, араас көстүүлэр, олоххо баар араас кир-дьай Салгын Куту  кытта быһаччы сибээстээх киһи уйулҕатын хамсаталларын ахтан ааспытым. Киһи уйулҕата Салгын Кут тас араҥаларын – Космостыын сибээһи кытта быһаччы ситимнээх. Дьэ, ол иһин киһи уйулҕата наһаа чараас, намчы, уйаҕас, кэбирэх. Ону өйдөөбөт курдук дьон-сэргэ хабырсыйан, олохпут усулуобуйалара тыҥаан иһэллэр.

Дьон үгүс маассатын Салгын Кутун үөһээ араҥалара алдьаныыта, эмсэҕэлэниитэ улахан иэдээннээх. Бу көстүү ыарахан олохтоох, сэрии буола турар дойдуларын дьонугар көстө сылдьар. Аҥаардас бу мантан даҕаны Аан дойду иэдээнэ буолуон сөптөөх. Сэрии, айылҕа араас иэдээннэрэ дьон-сэргэ уйулҕатын хамсатан, Салгын Кутун салытыннарар кутталлара Ийэ сиргэ улахан иэдээни оҥорор кутталлаах. Ийэ сиргэ салыйбыт Салгын Куттаах дьон элбээһиннэрэ улахан дьулаан дьыала диэххэ наадалаах. Ону көннөрбөтөххө, ол дьоннор сиргэ кыайан салгыы олорор кыахтара суох. Дьон-сэргэ Орто дойдуга чөллүк олороллорун наадатыгар, ол иһин дьон-сэргэ айгыраабыт Салгын Куттарын эмтиир-томтуур, чөллүүр алгыстар, эмтээһиннэр, онно сөптөөх сиэрдэр-туомнар ыытыллаллара хайаан да наадалаах.

Киһи, дьиҥэр, наһаа нарын-намчы ис тутуллаах, эйгэлээх. Ити үөһээ эппитим курдук, киһи аҥаардас Салгын Кута уон икки араҥаттан турар. Олортон үөһээ араҥалар, тастыҥ куһаҕан дьайыылар сүрүн охсууларын ылар буоланнар, ордук кэбэҕэстик уларыйаллар: кыччыыллар, ыһыллаллар, алдьаналлар, киртийэллэр эбэтэр кэлтэччи баран хаалаллар. Кэлтэччи барыы ол аата Салгын Кут киһини тэҥҥэ сөпкө бүрүйбэт буолуута – үксүн киһини оҕо эрдэҕинэ куттаабыттарыттан, соһуппуттарыттан, атаҕастаабыттарыттан буолар.

Оччоҕо киһи Салгын_ бүрүөтэ кэлтэйэн, биир өттүнэн чарааһаан хаалар. Маннык киһи тас куһаҕан дьайыыга утарсар күүһэ мөлтүүр, куттас, кэнэн, муҥутах буолар. Дьэ, ол иһин былыргы кырдьаҕастар, оҕо инники кэскилин харыстааннар, оҕоҕо сөптөөхтүк сыһыаннаһыы, кинини иитии үөрэҕин олохтообуттара. Ол гынан баран, норуот үгэстэрин ыччакка тириэрдии ситимэ быстан, ити үөрэх сороҕо эрэ хаалбыта. Ону, билиҥҥи педагогика ирдэбиллэрин кытта эриэн-быраан бутуйан, уопсай үөрэтии ыытыллар.

 Салгыыта бэчээттэниэ…

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх