Аар Айыы итэ5элэ Кут-Сүр туhунан үөрэҕэ — III

КУТ — СҮР

Кут — Сүр туһунан уһуннук салгыы кэпсэтиэхпит. Билэрбит кыра, билбэппит үгүс. Билигин Ийэ Кут туһунан кэпсэтиэхпит. Ийэ Кут — киһи сүрүн кута буолар. Ийэ Куту ким да дьиҥнээхтик үөрэтэ илик, бука үөрэтэр да улаханнык кыаллыбата буолуо дии саныыбын. Ийэ Кут, саха былыргы философията этэринэн, хаһан да өлбөт-сүппэт, дьиҥнээх космическай эттиктэртэн турар энергетическай, антиматериальнай күүс. Ийэ Кут Буор Куту, Салгын Куту ситимниир, киһи өйүн-санаатын, этин-хаанын салайар күүс буолар. Кини киһи Сүрүн кытта быһаччы сибээстээх.

Ийэ Кут киһи хараҕар, урут эппитим курдук, кыайан көстүбэт, кини дэҥҥэ ойуун Ийэ Куту төннөрөрүгэр көстөр. Тас көрүҥэ киһи бэйэтигэр майгылыыр дьүһүннээх, бэрт кыра буолар. Сороҕор төгүрүк кыракый мээчик буолан көстөр. Ойууттар Ийэ Куту төннөрөллөрүгэр хаҥас кулгаахтарыгар уктан аҕалаллар. Ийэ Кут сүрүн сылдьар миэстэтэ – киһи куртаҕа буолар. Сиэмэх ойуун киһи Ийэ Кутун өлөрөрүн туһунан сэһэннэр бааллар. Ол гынан баран, Ийэ Кут хаһан да өлбөт.

Сиэмэх ойуун өстөөҕүн Ийэ Кутун арааран ылан баран, Салгын уонна Буор Куттарын алдьаталыыр. Ол гынан баран, ойуун эмтииригэр да, алдьатарыгар да син биир космическай антиматериальнай эйгэ күүстэрин туһанар буолан, Ийэ Кукка эмиэ охсуу оҥорор кыахтаах. Онон кини кутталлаах эйгэлээх киһи буолар.

Салгын Кут салыйыытын, Буор Кут эмсэҕэлээһинин сүрүн эмтиир күүһүнэн Ийэ Кут буолар. Киһи Ийэ Кута баар уонна чөл буоллаҕына, Салгын уонна Буор Куттара көмүскэллээх сылдьаллар. Ийэ Кут, бэйэтэ үрдүкү антиматериальнай эттиктэртэн турар буолан, киһи өйүн-санаатын, этин-хаанын сүрүн эмчитэ, холбооччута буолар. Сахалыы былыргы итэҕэл өйдөбүлэ итинник.

Ыарыы төрдүлэрэ киһи Ийэ Кутун уоран ылан эрэйдииллэр, муҥнууллар. Оччоҕо киһи ыалдьар. Маннык түбэлтэҕэ Айыы ойууна эбэтэр эмчит ойууну ыҥыран ылан эмтэтэллэр. Кинилэр, Ийэ Куту ыарыы төрдүлэриттэн төттөрү ылан аҕалан, ыарыһах этигэр-хааныгар төттөрү иҥэрэллэр. Ыарыы төрдүлэрэ, биллэрин курдук, Аллараа Дойдуга, оттон сорохторо Үөһээ Халлааҥҥа эмиэ бааллар. Итилэргэ айаннаан тиийэн, кинилэртэн Ийэ Куту ылан ыарыһахха төннөрүү олус уустук уонна олус ыарахан суол диэтэҕиҥ.

Киһи өллөҕүнэ, Ийэ Кута Салгын Кут көмөтүнэн үөһээ Халлааҥҥа көтөр диэн саха былыргы итэҕэлэ этэр. Маны ырытан кэпсэтиэҕиҥ. Элбэх аньыыны-хараны оҥорбут куһаҕан эйгэлээх киһи Салгын Кута олус киртийэр, дьайданар, Буор Кута улахан охсууну ылар. Ол түмүгэр Ийэ Кут эмиэ улаханнык буомтуйар. Маннык киһи өллөҕүнэ, кини Салгын Кутун үөһээ араҥалара алдьаммыт буоланнар, Ийэ Куту кыайан Үрүҥ Аар Тойон эйгэтигэр тириэрдибэттэр. Оччоҕо Ийэ Кут Сир-Халлаан икки ардыларынааҕы куйаарга таах хаалар, эрэйи көрөр. Оттон ити аньыытын-харатын тута ыраастанан испит киһи Ийэ Кута, кини чэгиэн Салгын Кутугар уйдаран, түргэнник Аар Айыылар эйгэлэригэр, Ийэ куттар ыраастаныыны барар эйгэлэригэр, тиийэр. Манна кини ырааһыран баран, Орто Дойдуга саҥа төрүүр киһиэхэ Ийэ Кут буола төннөр.

Ол төннөрүгэр, Үрүҥ Аар Тойонтон көҥүллэтэн, Ахтар Айыыһыт Ийэ Куту ылан оҕо үөскэтиэхтээх эр киһиэхэ уу-дьулайынан иҥэрэр. Ол аата, үчүгэйдик сылдьыбыт, аньыытын-харатын ыраастанан испит киһи Ийэ Кута ырааһыран, саҥаттан-саҥа киһиэхэ бэриллэн иһэр эбит. Саха итэҕэлин быһыытынан, дьиҥинэн ыллахха, мантан көстөрүнэн, ханнык баҕарар киһи ыраас, Аар Айыылар алҕаабыт Ийэ Куттарын ылар эбит.

Илиҥҥи үөрэх этэринэн, реинкарнация (хат үөскээһин) буоларыгар киһи урукку анньыыта-харата сэт, аньыы (карма) буолан, саҥа төрүүрүгэр эмиэ батыһан кэлэн муҥнуур диэн буолар. Сахаларга маннык быһаччы өйдөбүл диэн суох. Сэт-сэлээн, аньыы-хара киһини батыһыыта, саха былыргы философията этэринэн, удьуордааһын быһыытынан баар. Ол аата, холобур, ким эрэ ыар аньыыны оҥорбутун сэт-сэлээнэ кини ыччаттарыгар бэриллэр. Ити Ийэ Кут нөҥүө барар кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, улахан аньыылаах киһи Ийэ Кута, эппит курдук, Орто Дойдуга иккистээн төннөр кыаҕа суох, кини Сир-Халлаан икки ардыгар хаалар. Оттон саҥа төрүүр оҕолор саҥа ырааһырбыт Ийэ Куту ылаллар.

Өбүгэ аньыыта-харата бары ыччаттарыгар бэриллэр буолбатах, ол эрээри үгүстэригэр тиийиэн сөп. Ити өбүгэттэн кэлэр сэт-сэлээн ыччат дьон сирдээҕи олохторун устата, сүнньүнэн, кинилэр Салгын Куттарын алдьатан, Буор Куттарыгар өтөн киирии курдук буолуон сөптөөх. Ыар аньыыны оҥорбут, холобур, киһини өлөрбүт киһи, аньыытын-харатын иэстэбилэ кини хас саастааҕар итини оҥорбутунан ыччаттарыгар тиийэн, кини буруйу оҥорбут сааһыгар тиийиилэригэр хатыланыан сөптөөх.

Ол аата, аньыы-хара иэстэбилэ киһини сирдээҕи олоҕор күүтэр эбит. Дьэ, итинтэн быыһанар иһин, хас биирдии киһи аньыыны-хараны оҥорортон төһө кыалларынан туттунуохтаах, оҥорбутуттан ыраастанан иһиэхтээх. Өбүгэлэриттэн кэлбит сэти-сэлээни төһө кыайарынан Алгыстаах дьоҥҥо алҕатан быыһаттарыахтаах. Бу дьиҥнээх олох көрдөбүлэ. Ону хас биирдии киһи өйдүүрэ хайаан да наадалаах. Маннык өйдөтөр үлэ нэһилиэнньэ ортотугар төһө кыалларынан элбэхтик барыахтаах. Бу саха норуотун биир быыһанар суолун ыйдым, өйдөттүм, сүбэлээтим дии саныыбын.

Ийэ Кут, Үөһээ Аар Айыыларга тахсан ырааһыран, чэгиэрэн, Орто Дойдуга дьоҥҥо төннөн кэлэн иһиитэ – бу хайа да атын итэҕэлгэ суох, аҥаардас саха былыргы итэҕэлигэр баар өйдөбүл буолар. Бу үрдүк таһымнаах итэҕэл өйдөбүлэ дии саныыбын. Уопсайынан даҕаны, саха үс Кут уонна Сүр туһунан былыргы үөрэҕэ, өйдөбүлэ олус үрдүк таһымнаахтар диир сыыһа буолуо дии санаабаппын. Дьиҥинэн эттэххэ, бу адьас былыргы Орто Дойду ханнык эрэ, хаһааҥҥы эрэ үрдүк цивилизациятыттан кэлбит үөрэх сорҕотун курдук.

Үс Куту таһынан, киһиэхэ өссө Сүр бэриллэр. Бу Аар Айыылар биир сүдү бэлэхтэрэ буолар. Киһи Сүрүн хаатынан сүрэҕэ буолар. Сүр диэн – көстүбэт, эмиэ дьиҥнээх космическай күүс буолар. Кини үксүн уот курдук өйдөбүллээх. Киһи Сүрэ үс Кукка сүрүн хамсатар, киһини тыынныр күүһү биэрэр. Кини Ийэ Куттуун холбоһон киһи өйүн-санаатын, ис күүһүн, дьоҕурун-талаанын, күүһүн-уоҕун, суоһун-суодалын, бу киһи туһунан уопсай өйдөбүлү үөскэтэллэр. Сүр диэн киһи бары килиэккэлэрин үлэлэтэр, хамсатар тыын күүс буолар. Кини Ийэ Куттуун киһини үрдүкү таһымнарга тиийэ сайыннарар, киһиэхэ тыын биэрэр. 

Киһи үс Кута уонна Сүрэ сүрдээҕин сөп түбэсиһэллэр. Үрдүк Ийэ Куттаах киһиэхэ, Дьылҕа Тойон быһаарыытынан, күүстээх Буор, Салгын Куттар, сүдү Сүр бэриллэллэр. Саха былыргы өйдөбүлүнэн, улуу дьоннорго ураты Ийэ кут бэриллэр, Сүрэ, атын Куттара итиннэ сөп түбэһэллэр. Онон хас биирдии киһи бэйэтигэр сөптөөх Сүрдээх диэн өйдөбүл мантан бэйэтэ үөскээн тахсар.

Үс Кут уона Сүр холбоһуута сүрдээх уустук өйдөбүл буолар. Ол уустуга: бу түөрт холбоһук бүтүн киһини – ол аата үрдүк өйдөөх-санаалаах, үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар кыахтаах, күүстээх-уохтаах эттээх-хааннаах, араас иэйиилэрдээх, эгэлгэ биллилэрдээх, улахан сайдыылаах барамайы үөскэтэриттэн да көстө сылдьар диэххэ сөп.

Атын омуктарга киһи ис тутулун туһунан өйдөбүллэр уратылаһаллар. Холобур, нууччалар «тело и душа» – ол аата эт-хаан уонна дууһа икки холбоһуктаах тутулу этэллэр. Сорох илиҥҥи итэҕэллэргэ, холобур, Индия итэҕэлигэр киһи сэттэ холбоһуктаах төрүттэн турарын быһаараллар:

1.      Эт-хаан (физическое тело).

2.      Эфирнэй (салгын) күлүк.

3.      Астральнай эттик.

4.      Аллараа инстинктивнэй өй.

5.      Үрдүк өй, толкуйдааһын – интеллект

6.      Духуобунай өй, өтө билии – интуиция.

7.      Үрдүкү тыын (дух) – киһи өлбөт эйгэтэ, киһи үрдүкү «мин» диэнэ.

Илиҥҥи философия биһиэхэ ордук чугас. Ол иһин бу сэттэ төрүтү мин үс Куту-Сүрү кытта ситимнээн көрөбүн:

1.      Эт-хаан – бу Буор Кут, 2-с, 4-с төрүттэр – бу Салгын Кут аллараа, ортоку араҥаларыгар сөп түбэһэллэр. 5-с, 6-с төрүттэр – бу Салгын Кут үөһээ араҥаларыгар сөп түбэһэллэр. Бу таһымҥа Ийэ Кут уонна Сүр сабыдыаллара улахан. Сэттис төрүт – үрдүкү тыын (дух) – киһи өлбөт эйгэтэ, киһи үрдүкү «мин» диэн – бу дьиҥнээх Ийэ Кут. Манна өссө Сүр сабыдыала күүскэ биллэр.

Саха философиятын быһыытынан, үс кута мөлтөөтөҕүнэ, киһи Сүрэ эмиэ мөлтүүр. Дьэ, ол иһин түөрт сүрүн тутула айгыраабыт, мөлтөөбүт киһини Кута-Сүрэ тостубут дииллэр. Оттон биһиги: «Кут-Сүр тостубатын, чэгиэн-чэбдик, чөл буоллуннар, Ийэ Кут эмсэҕэлээбэтин, Салгын Кут салыйбатын, Буор Кут бураллыбатын, бухатыйдын, Сүр күүһэ сүрдэннин, Айыы күүһэ араҥаччылаатын, Күн күүһэ көмүскээтин!» – диэн алгыаҕыҥ.

Сүр диэн тылтан сүрдээх диэн олус, наһаа, уһулуччу диэн эбиискэ тыллары солбуйар тыл үөскэтиллибит. Холобур, сүрдээх үрдүк, сүрдээх күүстээх, сүрдээх үчүгэй о.д.а. Мантан да көрдөххө, сахаҕа «сүр» диэн тыл наһаа улахан суолталааҕа көстөн тахсар. Киһи таһырдьа кыайан тахсыбат халлаана буоллаҕына: «Дьэ, сүрдээх халлаан буолбут», — диэһии буолар. Ону киһи туох туһунан этиллэрин тута өйдүү түһэр.

Киһи Кута-Сүрэ сөпкө иитиллиитэ ураты улахан суолталаах. Кут-Сүр сөпкө иитиллэригэр айылҕаны кытта сөпкө алтыһан, кини ис сокуоннарыгар уонна кистэлэҥнэригэр дьүөрэлэһэн олоруу туспа ураты суолтаны ылаллар. Киртийбэтэх, дьайдамматах кэрэ айылҕа, ыраас уу, салгын, киэҥник, дэлэйдик кини киэҥ дуолугар көччүйэн олоруу — Кут-Сүр сөпкө иитиллэр биир сүрүн усулуобуйата буолар.

Айылҕа отуора алдьаныытын, кэһиллиитин түмүгэр кини кыйаханар. Айылҕаны биһиги төрөппүт ийэбит курдук көрүөхтээхпит, харыстыахтаахпыт. Ийэ айылҕаны алдьатыы, киртитии бэйэ олорор мутугун кэрдинии курдук көрүллүөхтээх. Айылҕаны таптаабакка, харыстаабакка, көмүскээбэккэ, нүөлсүппэккэ, ырааһырдыбакка, алҕаабакка-силээбэккэ олорон, киниттэн аҥардастыы: «Аҕал, кулу», — дии-дии алдьатыы, сүргэйии Аан Дойду ис салайыллар сокуонугар улахан аньыыны оҥорон кэлтэгэйдээһини таһаарар.

Айылҕаҕа тэҥнэнии кэһиллэн, кэлтэйдээһин таҕыстаҕына, мэһэйдэр элбииллэр, түмүгэр араас иэдээннэр, Айылҕа хаамыытын кэһиллииттэн тахсар ураты сөҕүмэр көстүүлээх, күүстээх алдьархайдар үөскүөхтэрин сөп. Айылҕа дьиҥнээхтик кыыһыран, иэдээн тахсыытын туох да кыайыан сатаммат. Ол иһин киһи Айылҕаны кыыһырдыбат курдук олоро сатыахтаах. Айылҕа кыыһырыыта Сиргэ олорор дьон кутугар-сүрүгэр наһаа улахан охсуулааҕа чуолкай. Айылҕа дьону-сэргэни кыратык кыыһырталаан сэрэтэр. Холобур, билигин Аан дойдуга уу куттала улаатан турар.

Салгыы маннык бардаҕына, уу күүһүнэн сир барыта ыраастаныан, үгүс сирдэр муоралар анныларыгар буолуохтарын сөп. Биһиги республикабытыгар Элиэнэ эбэбит 1998, 2001 сылларга халааннаталаан, соруннаҕына, туох да кыайтарбатын көрдөрдө. Үсүһүн кыыһырдаҕына, улахан иэдээн буолуон сөп. Ону мэлииппэ ааҕан, биэрэккэ ас уурбута буолан тохтотобут диэһин киһи күлүөн эрэ курдук тахсар. Иэдээн тахсыбатын наадатыгар эрдэттэн сөптөөх үлэлэр барыахтаахтар, холобур, эбэни ыраастааһын, дириҥэтии, харгылары суох оҥоруу уонна сөптөөхтүк былыргылыы алҕааһын-силээһин. Ол аата: бэлэмнэнии үлэлэри ыытыыны сэргэ, Айлыҕаҕа кинини кыыһырдыбат курдук сөптөөхтүк олоруу наада. Бу маны барытын биһигиттэн Ийэ Айылҕабыт уонна бириэмэ ирдээтэ. Дьиҥинэн даҕаны, Ийэ Айылҕабыт төһөлөөх киртийиини, алдьатыыны, аньыыны-хараны, быдьардааһыны-бырахтааһыны, куһаҕаны тылы-өһү тулуйуохтааҕый?! Сөп буоллаҕа дии.

Ийэ Айылҕа иһигэр киһи сөпкө туттан-хаптан олоруохтааҕын, оччоҕо эрэ кини Кута-Сүрэ чөл буолуохтааҕын Аан Дойду киниэхэ өйдөтөн этэр. Билигин буола турар араас Айылҕа кыыһырыытын көстүүлэрэ билиҥҥитэ көннөрү сэрэтиилэр буолаллар. Ити Үөһээ Аар Айыылар дьону сэрэтиилэрэ, өйдөтүүлэрэ, алҕаскытын көннөрүнүҥ диэн этиилэрэ. Киһи Үрдүк Таҥара тылын, кинилэр биһиэхэ тугу тириэрдэ сатыылларын көрө, билэ уонна ону толоро сатыахтаах.

Биһиги Аан Дойдуну биир сүдү улахан барамай курдук өйдүөхтээхпит. Кини эмиэ Куттаах-Сүрдээх. Оттон Ийэ Сир ол баарамай ханнык эрэ чааһа эбэтэр бэйэтэ туспа барамай. Сир Ийэ эмиэ Куттаах-Сүрдээх. Оттон киһи – ол сиргэ олорор сиик тыыннаах, симэһин хааннаах, босхо бастаах, муҥур үйэлээх бороҥ урааҥхай, туох эрэ бактерия кэриэтэ. Кини наһаа алдьатыган, буортулаах уонна сиргэ сатаан олорбот барамай буолар.

Айылҕа өйдүүр өйдөөх, саныыр санаалаах, наһаа билигэс, ол эрээри аһыныгас. Ону биһиги туһаммакка, тиэрэ-таары, дьайыыланан, сыыһа олоробут. Чөл, бүтүн, алдьамматах-кээһэммэтэх, ыһыллыбатах эрэ айылҕалаах сиргэ олорор киһи чөл куттаах-сүрдээх буолар. Билиҥҥи киһи кута-сүрэ мөлтөҕө, алдьаныылааҕа, ыһыллыылааҕа барыта итинтэн.

Кут-Сүр айгырааһына дьону араас иирсээннэргэ тириэрдэр, маннык обществоҕа араас куһаҕан көстүүлэр, ыарыылар элбииллэр, көбөллөр. Бу билиҥҥи айгыраабыт, алдьаммыт Айылҕабыт киһи-аймах обществотын бүттүүнүн иэдээнэ буолла. Маннык уһуннук олорор табыллыбат. Онон муҥур суолга киирбэт туһугар олохпут барыта төрдүттэн уларыйыан наада. Ол төрдүттэн уларыйарыгар киһи-аймах элбэҕи билиэн-көрүөн, ырааһырыан-чэбдигириэн, дьиҥнээх итэҕэллэр ирдэбиллэрин тутуһуон, куһаҕан дьаллыктартан тэйиэн оунна элбэхтик үлэлиэн наада. Үлэтэ суох, ордук илии үлэтэ суох, общество ырааһырбат.

Билигин христианскай итэҕэл төһө кыайарынан элбэх дьону хаба сатыыр. Ол гынан баран, кыра омуктар ортолоругар олорор улахан элбэх ахсааннаах омуктар бу омуктарга туох да үтүө холобуру көрдөрбөттөрө, сырдыгы аҕалбаттара, үксүгэр буортулаах эйгэлээхтэрэ киһини дьиктиргэтэр даҕаны, дьиксиннэрэр даҕаны. Ол аата, бу кинилэр итэҕэллээх буолан ордон, күлүмүрдүү, үрдүк холобур буолан көстө сылдьыбыттара бу итэҕэли түһэрэр, самнарар. Мин бу итэҕэли утаран эппэппин. Христианнар дьиҥнээх Христос кэриэс, кэс тылларын кэспэт, ону тутуһан олорор дьон буоллуннар диэн этэбин.

Билигин Ийэ Сиргэ киһи Кута-Сүрэ сөптөөхтүк, үчүгэйдик иитиллэр кыахтаах диир кыахпыт онон бүгүн суох. Киһи-аймах сайдыыга наһаа дьулуһар. Онно олус ыксыыр. Аны, биир өттүнэн, байарга тиэтэйэр. Үөрэхтэнэ охсорго илин түсүһэр. Инньэ гынан кэлтэй техническэй сайдыыга киирэр, олох эргэрбит сыыһа ирдэбиллэринэн олорор, Айыылыы (духуобунай) сайдыыта хаалар. Түмүгэр, Кута-Сүрэ буомтуйар, сиэр-майгы өттүнэн төннөр. Бу боппуруос киһи-аймахха быһаарылла, кыалла илик, ол аата наһаа өр киһи-аймах сыыһа олорон кэллэ.

Айыылыы (духуобунай) сайдыы знамя буолан өрө тутуллубат, үрдүк итэҕэллэр кэс тыллара кэһиллэ турар буоллахтарына, киһи-аймах Кута-Сүрэ чөл буолан сөптөөх суолларга кэлиэ суоҕа.

Кэлиҥҥи кэмнэргэ Россияҕа сатарыйыы биир сүрүн биричиинэтинэн общественнай уопсай өй-санаа, үлэ-хамнас ыһыллыыта буолла. Дьон тус-туһунан ыытан, иҥсэлэрин-хоҥсолорун көбүтүү сыыһа суолларга аҕалла. Ол биир көстүүтүнэн киһи киһини харыстаабат буолла, киһиэхэ айыылыы сыһыана сүттэ. Дьэ, ол иһин буруйу оҥоруу, атын киһи кыһалҕатыгар кыһаммат буолуу көстүүлэрэ элбээтилэр. Түмүгэр, эдэр ыччаты иитии олус ыараата. Билигин уопсай бэрээдэк, бэйэ-бэйэҕэ сыһыан мөлтөөһүнэ дьон кутун-сүрүн айгыратар биир сүрүн биричиинэнэн буолла. Оскуолаҕа, аармыйаҕа оҕолор, эдэр ыччат бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара олус хабырсыйда. «Дьэ, бу хантан кэллэ?» – диэн таабырын таайабыт. Таайыыта чугас, чэпчэки. Манна барытыгар обществоҕа бэйэтигэр баар сыыһалар, дьайдар аҕаллылар.

Киһи киһиэхэ сыһыана мөлтөөбүтэ, бэл, общество үрдүкү араҥатыгар чаҕылхайдык көстөр. Быыбарга араас үөхсүүлэр, холуннарсыылар, депутаттарбыт араастык мэник оҕолуу быһыыланыылара чуолкай холобур буолан көстө сылдьаллар. Бу эмиэ Кут-Сүр сатарыйыытын, общество ыһыллыытын дьиҥнээх көстүүтэ буолар.

Кут-Сүр ыһыллыытыгар тириэрдээччинэн омуктар икки ардыларыгар сөптөөх сыһыаннаһыыга уопсай һуу-һаа буолуу, көрүнньүк көстүү (искуственность) эмиэ буолуохтарын сөп. Бу эмиэ сөптөөхтүк быһаарылла илик боппуруос диэххэ сөп. Норуоттар икки ардыларыгар сөптөөхтүк сыһыаннаһыыны олохтооһун – улахан глобальнай боппуруос. Бу хайдах быһаарылларыттан эйэ, бииргэ сөпкө олоруу боппуруостара Аан дойду үрдүнэн быһаарыллаллар. Кэлтэйдии баттааһын, апчарыйыы, улахан кыраны үтүрүйүүтэ баарын тухары бу боппуруос быһаарыллар кыаҕа суох. Бу эмиэ сэриилэргэ, араас хабырыйсыыларга аҕалыан сөптөөх.

Онон Кут-Сүр сөпкө иитиллэр усулуобуйалара киһиттэн Сиргэ сөптөөхтүк олорууну, сиэр-майгы өттүнэн ирдэбиллэри булгуччулаахтык толорууну ирдиирэ саарбаҕа суох.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх