Аар Айыы итэ5элэ Кут-Сүр туhунан үөрэҕэ

Киһиэхэ Кут-Сүр оруола иитиллиитэ ураты улахан өйдөбүллэрдээх уонна суолталаах. Кут-Сүр диэн киһи бүүс-бүтүннүүтэ барыта буолар. Кут-Сүр диэн сахалыы  былыргы философскай өйдөбүл, чахчы киһи итэҕэйиэн курдук чуолкай уонна үрдүк өйдөбүллэрдээх. Олору төһө кыайарбынан быһааран көрүөм этэ.

Былыргы сахалыы өйдөбүлүнэн, киһи үс куттаах: Ийэ Кут, Буор Кут, Салгын Кут. Балартан Ийэ Кут хаһан да өлбөт, уу да ылбат, уот да сиэбэт дьиҥнээх космическай, антиматерияттан турар эттик буолар. Ийэ Кут үөһээ тиийэн, ырааһыра-ырааһыра, саҥаттан-саҥа дьоҥҥо бэриллэн кэлэ турар. Кини киһи боростуой хараҕар бэрт дэҥҥэ көстөр. Ийэ Куту киһиэхэ Ахтар Айыыһыт Үрүҥ Аар Тойон анал көҥүлүнэн ылан биэрэр. Ахтар Айыыһыт ырааһырбыт Ийэ Куту оҕо үөскэтэр аҕаҕа уу-дьулайынан иҥэрэр. Аҕа нөҥүө Ийэ Кут дьахтарга тиийэн оҕо үөскүүр.

Ийэ Кут оҕо ийэ иһигэр үөскүүрүгэр Буор Куту таҥан үөскэтэн барар. Хайдах быһыылаах-таһаалаах Буор Кут үөскүүрэ бу саҥа үөскүүр киһи аналыттан уонна аҕа, ийэ баҕаларыттан тутулуктанар. Өскөтүн бухатыыр күүстээх киһи эбэтэр уһулуччу өйдөөх киһи төрүөхтээх буоллахтарына, Буор Куту онно сөп түбэһиннэрэн Ийэ Кут таҥмытынан барар. Ол аата, хайдах киһи төрүүрэ оҕо ийэтин иһигэр сылдьыаҕыттан биллэн барар. Сыыһа тыл-өс, дьайыы оҕо хайдах киһи буоларыгар улахан суолталаах буолуон сөп. Улуу А.Е. Кулаковскай мээнэҕэ «Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөөх» диэн поэманы суруйбатаҕа диэн өссө төгүл этэн аһарар наадалаах дии саныыбын.

Оҕо ийэтин иһигэр сылдьар кэмигэр икки куттаах, Салгын Кута үөскүү илик. Салгын Кут оҕо төрөөн, маҥнайгы салгыны эҕирийиитин, ытааһынын кытта үөскээбитинэн барар. Оҕо төрөөтүн ытааһына – ити ытааһын буолбатах. Ытаан кини Аан Дойдуну Космоһы кытта ситими олохтуур. Оҕо маҥнайгы ытааһынын истэн, былыргы мындыр кырдьаҕастар хайдах киһи төрөөбүтүн кытта билэ охсоллоро. Холобур, салгыны күүскэ эҕирийэн, күүскэ эҥсиилээхтик ытыыр оҕо этэ-хаана күүстээх, чэгиэн, үчүгэй тыҥалаах, сүрэхтээх, төбөлөөх-мэйиилээх буолуон сөп. Эмискэ-эмискэ эһиэлэнэн ытыыр оҕо кэлин киҥнээх, ордуос киһи буолуон сөп. Сылаабай, мөлтөх эттээх-хааннаах оҕолор сэниэтэ суох ытыыллар. Төрүүрүгэр эбэтэр ийэтин иһигэр оһолломмут оҕо ытыыра эмиэ туспалаах буолуон сөп.

Былыргы дьон кыра оҕо сөпкө ытыырын тутуһаллара, ол аата, ытаппат буолуу эбэтэр, төттөрүтүн, олус ытатыы оҕоҕо буортулаах дэнэрэ. Киһи төрөөтүн үс куттана түһэр, ол аата, сиргэ олорор дьону кытта тэҥ бырааптаах, Үрүҥ Аар Тойон иннигэр ханнык баҕарар киһини кытта тэҥ киһи буола түһэр. Улахан да киһини, саҥа төрөөбүт да оҕону атаҕастыырыҥ Үрдүк таҥараҕа тэҥ аньыынан ааҕыллар.

Оҕо төрүүрүгэр биир улахан аньыы айах адаҕата эбии үөскээбитин курдук саҥарыы, киҥир-хаҥыр буолуу буолар. Оннук дьонтон Үрүҥ Аар Тойон, Ахтар Айыыһыт кэлэйэллэр. Үөскүүр киһини син биир Үөһээ Аар Айыылар аналларынан, чуолаан Үрүҥ Аар Тойон көҥүлүнэн, Ахтар Айыыһыт, Эдьэҥ Иэйэхсит быһаччы дьаһалларынан үөскүүр. Кини бэйэтэ Орто Дойдуга туспа аналлаах, дьоллоох, баартаах, анатыылаах төрүүр. Холобур, былыр оҕо төрүүрүгэр эбэтэр төрөөтөҕүнэ, үчүгэйдик бултуйдахтарына, мындыр, үтүө санаалаах дьон: «Көр эрэ, оҕом дьолугар булт-алт тосхойдо эбээт!» – дииллэрэ. Дьэ, ол иһин былыргы сахалар этэллэрэ: «Орто Дойдуга төрөөбүт бэйэтэ туспа анал дьоллоох», «Таҥара биэрэр ирээтиттэн кыһыл оҕо да маппат», «Үөскүүр имэҥнээх, төрүүр төлкөлөөх» о. д.а             

Киһи Буор Кута — ол аата, этэ-хаана улаатар, ситэр-ханар, баараҕадыйар, онтон төннөр, мөлтүүр. Буор Кут сирдээҕи элеменнэртэн үөскүүр. Кини түөртэн үһэ убаҕастан турар. Кини сирдээҕи элеменнэртэн турар буолан, Орто Дойду ис дьылҕатыгар сөп түбэһэн, кылгас үйэлээх, өлөр-сүтэр аналлаах.

Оҕо төрөөтүн, Дьылҕа Тойон дьылҕалаан аҕыс кырыылаах таас остолбоҕо кини олоҕун дьылҕатын Уһун Дьурантаайы Суруксукка суруйтарар. Онно кини хайдах киһи буолара дьиҥнээхтик быһаарыллан суруллар. Былыргы улуу көрбүөччүлэр, бэл диэтэр, ити дьылҕалааһыны билэллэрэ үһү диэн кэпсэлгэ хаалбыт.

Киһи Буор Кута буҕатыйарыгар – ол аата сайдан, күүһүрэн-уоҕуран улаатарыгар кини хайдах аһаан-таҥнан сылдьара улахан оруоллаах. Үчүгэй аска-үөлгэ үөскээбит оҕо Буор Кута түргэнник улаатар, төлөһүйэр, ол кини тас көрүҥэр тута биллэр. Былыр сахалар оҕолорун төһө кыалларынан үчүгэйдик аһатан-таҥыннаран иитэ сатыыллара. Күүстээх эттээх-хааннаах оҕолор инники кэскили, сүтэн-симэлийэн хаалбакка, Аҕа ууһун маһа салгыы үүнэ турарын хааччыйыахтаахтарын мындыр дьон өйдүүллэрэ.

Оҕону баттаан-көйгөтүтэн иитэр ыалы улаханнык сүөргүлүүллэрэ, ити аньыылааҕын дьон-сэргэ билэллэрэ. «Күтүр, ити оҕотун тоҕо көйгөтүтэр, баатыгыран эстээри, кырдьар сааһыгар өйөбүлэ-тирэҕэ суох хаалаары гынар дуу?!» – диэн буолара. Эбэтэр: «Күтүр оҕолорун дьоллорун тоҕон, аҕатын ууһун төрдүттэн суох оҥороору гынар дуу?! Аньыы даҕаны, күтүр өстөөх дьүһүлэннэҕин!» – дииллэрэ.

Оҕону көйгөтүтүү диэн төрөппүт ханнык эрэ оҕону чорботон атаҕастааһына, баттааһына, оҕолортон эрэ куһаҕаннык тутуута ааттанар. Оҕону көйгөтүтүү былыр сорох саха ыалларыгар баара. Үгүс түбэлтэлэргэ кииринньэҥ ийэлээх, аҕалаах оҕолор көйгөтүйэр этилэр. Онтон маннык көстүү бэрт элбэх этэ. Оҕону көйгөтүтэр дьон дьиэҕэ, үлэлэригэр, олохторугар туох сатамматаҕын көйгө оҕонон таһаарынар кыдьыктаахтара.

Биллэн турар, куһаҕан санаалаах, кыра ычалаах, уһуну-киэҥи өйдөөбөт, ньүдьү-балай, түҥ-хааһах дьон оҕону көйгөтүтэллэрэ. Кииринньэҥ аҕа, ийэ бэйэлэрин эрэ оҕолорун өрө тутан, урукку оҕону көйгөтүтүүлэрэ улахан аньыылаах уонна аньыыта ити атаахтыыр оҕолорго тиийэн сааллыан сөптөөх.

Оҕо кыра сааһыгар оҕону биэрбит Ахтар Айыыһыт, Эдьэҥ Иэйэхсит көрөллөр-истэллэр, көмүскүүллэр. Үрүҥ Аар Тойон, Дьылҕа Тойон оҕону көйгөтүтэн атаҕастыыр дьоҥҥо аньыы ааҕаллар, улаханнык буруйдуохтарын сөп. Маннык дьонтон Аар Айыылар киэр хайыһаллар, кинилэр көмүскэлэ суох хаалаллар.

Былыргы мындыр сахалар үчүгэйдик аһаан-сиэн улааппыт оҕо чэгиэн-чэбдик буолар, уһун үйэлэнэр дииллэрэ. «Оҕо эрдэхпинэ үчүгэйдик иитиллэн, уҥуоҕум сыалаах буолан, үйэм уһаата», — диир оҕонньоттору истэр этим. «Оҕо эрдэҕинэ куһаҕаннык иитиллибит, ыарахан үлэни үлэлээбит оҕо уҥуоҕа, силиитэ хааннырар, эрдэ кырдьар, мөлтүүр», — диэн ытык кырдьаҕастар кэпсэтэллэрин эмиэ истэрим. Кинилэр бу кэпсэтиилэрэ кулгаахпар иһиллэ турар уонна былыргы кырдьаҕастар уҥуох, силии хааннырыытын хайдах билэллэрин сөҕөбүн, арааһа, сүөһүнэн сылыктаан билэн эрдэхтэрэ диэн сэрэйэ саныыбын. Мин көлүөнэм баар – чахчы уҥуоҕа, силиитэ хаанырбыт, элбэх аччыктааһыны, эрэйи көрсүбүт дьон. Кыра сааспытыгар сэрии, аччыктааһын буолта. Төрөппүттэрбит биһигини аһатар астара суоҕа. Кинилэри киэһэ үлэттэн кэлиилэригэр эрэ көрөрбүт, сарсыарда утуйа сыттахпытына, үлэҕэ бараллара. Күнүс дьиэҕэ ытаа да ыллаа, аччыктаа да тоҥ – көрөр киһи суоҕун кэриэтэ этэ. Хата, мин дьолбор, тоҕус уонун ааспыт аатырбыт Сэмэн Уус баар буолан абыраабыта. Оҕонньор тугу булан аһатыай? Хата, миигин араас дьикти кэпсээннэринэн уонна бүппэт боппуруостарбар эппиэттээһининэн, төһө кыайарынан, мин билэ-көрө сатыыр эйгэбин тоторорго кыһаллара.

Буор Кут сайдыытыгар, буҕатыйыытыгар сөптөөх хара үлэ, араас эрчиллиилэр, илии атах оонньуулара наадалар. Ол иһин былыргы сахалар оҕону сөпкө үлэҕэ, илии-атах оонньуутугар, буойун эрчиллиитигэр үөрэтэллэрэ. Ити олус туһалааҕа чуолкай.

Буор Кут буҕатыйыытыгар итини сэргэ бултуу-алтыы үөрэнии эмиэ киирэрэ. Булт-алт саха киһитин олоҕор сүҥкэн суолталаах этэ. Былыр булт элбэх уонна кини эбии аһы-үөлү биэрэр буолан, хаһаайыстыбаҕа олус улахан суолталааҕа. Бултуу-алтыы үөрэнии саха оҕотугар ураты улахан суолталааҕа, ол иһин биллэр суол этэ.

Ити уол оҕо Буор Кутун сайыннарыыга уонна иитиигэ. Оттон кыыс оҕо Буор Кутун иитии-сайыннарыы бэйэтэ туспа суоллааҕа-иистээҕэ. Кыыс оҕону харыстаан, тымныппакка, элбэх киһи хараҕар көрдөрбөккө иитии былыр баара. Бу барыта саха саргытын, инники кэскилин харыстаан, санаан-өйдөөн ыытыллара. Дьэ, ол иһин хас биирдии кыыс оҕо хаппахчы иитиитин барара. Хаппахчы диэн кыыс оҕо көҥүлүн быһыы, кинини хаарчахтааһын буолбатах этэ. Бу иитии туспа көрүҥэ буолара. Былыргы сахалар, дьахтар аралдьыйымтыа, сонумсах айылгылааҕын билэр буоланнар, кинини болҕомтоҕо, биир киһини үчүгэйдик истэргэ, дьиэни-уоту, бөдөҥ хаһаайыстыбаны салайарга үөрэтэр ньымалара буолара. Хаппахчыга иитиллибит кыыс Буор Кута сөптөөх суолунан сайдара уонна ыраас, чэгиэн буолара саарбаҕа суох.

Буор Кут, кини сиртэн аһаан-сиэн үөскүүр, сайдар, төрөлүйэр буолан, сирдээҕи эттиктэртэн турарын эппитим. Ол иһин кини үөскүү, сайда, үүнэ, төннө-кэхтэ, өлө, ыһылла, онтон эмиэ хат үөскүү турар. Ити кини айылгыта, анала буолар.

  Салгыыта бэчээттэниэ…

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх