Аар Айыы итэҕэлин сyрyн ирдэбиллэрэ  

Аар Айыы итэҕэлэ киһини сөптөөхтүк сылдьарга, олорорго, айылҕаҕа сөптөөх сыһыаннаах буоларга үөрэтэр. Киһи иннигэр айылҕа аналын толоруу ирдэбиллэрин туруорар. Элбэх бобуулар баалларын өйдөтөр. Бары сыыһаларга аньыы-хара, сэт-сэлээн ааҕылларын, дьай кэлэрин, кут-сүр киртийэрин этэр. Дьэ, итилэри барытын ырытыы уустук. Уопсайынан, умнуллубуту сөргүтэр саҥаны айан суруйардааҕар ордук уустук. Тоҕо диэтэххэ, урукку баары төһө кыалларынан уларыппакка, токуруппакка, сымыйалаабакка киллэриллиэхтээх.

 I. Киһи сиргэ кэлбит аналын Аар Айыы итэҕэлэ эр киһиэхэ_ маннык этэр:

1. Киһи-хара буол. Ыал буол, үлэлээ. Баайы-дуолу оҥор. Дьоҥҥун иит-аһат. Булчут буол. Сиэри, итэҕэли кэһимэ, аньыыны оҥорума.

2. Иитэр сүөһүнү күрүөлээ, иитэр оҕону төлкөлөө.

3.  Дьиэ-кэргэҥҥин – ойоххун, оҕолоргун, кырдьаҕастары, чаҕардаргын үчүгэйдик тут уонна көмүскээ.

4. Дьиэҕэр үчүгэй аҕа буол. Дьиэҕэ аҕа баһылык эн. Ол гынан баран, аҕа баһылык буоларгын сөптөөх эрэ таһымҥа тутун, наһалаама, бардамнаама.

5. Уйгуҥ улаатарын, быйаҥыҥ быстыбатын туһугар тохтообокко үлэлээ. Ол быыһыа.

6. Оҕолорун эн олоххун, үлэҕин салҕааччылар, ааккын ааттатааччылар буолалларын умнума. Ол иһин кинилэри үчүгэйдик иит.

7.  Кырдьаҕаска-кыаммакка, оҕоҕо-дьахтарга төһө кыайаргынан көмөлөс.

8.  Кырдьаҕаһы сээмэлээмэ. Кырдьар эйиэхэ кэлэрин умнума.

9. Арыгы аска айманыма, итирдэр утахха ииримэ. Кинилэр эйигин сотору киһи аатыттан аһарыахтара. Ону умнума.

10. Атыҥҥа аралдьыйыма, туспаҕа сүүрүмэ.

11.  Дьиэҕин-уоккун, күрүөҕүн-хаһааҕын бигэ гына тут. Үтүө сэргэтэ туруор. Эйигин оччоҕо Үйэлэргэ саныахтара, ахтыахтара.

12. Үчүгэй идэтэ булун. Идэлээх киһи өлөн-охтон биэрбэт. Идэҕин үрдүктүк баһылаа, оччоҕо идэҥ эйиигин үрдүк чыпчаалга сирдиэҕэ.

13.  Үйэлэргэ хаалары оҥоро сатаа. Ол кыалыннаҕына, сиргэ төрөөбүт биир иэскин толоруоҕуҥ.

14. Уорума, алдьатыма, халаама, талаама. Ити дьаллык эйигин инникигин эһиэҕэ.

15. Куруутун үрдүккэ, үчүгэйгэ дьулус. Оччоҕо сотору көтөр да кынаттаныаххын сөп.

16. Саарбах астаныма,

Куһаҕан доҕордонума,

Кэтэх санаалаах кэргэннэнимэ,

Ыар санаалаахтыын ыксалаһыма,

Өлөрөр-өһөрөр санаалаахтыын үөрсүмэ, күлсүмэ,

Албын-түөкэй аргыстаныма,

Халбаҥ киһилиин хаамсыма,

Хара санаалаахтыын ханыылаһыма,

Халлааҥҥа хардаҕастаныма,

Хантайан туран силлээмэ,

Таҥараҕа мастаныма,

Үөһээни үөрэтэн өйдөө,

Алларааны анааран толкуйдаа.

17. Сыыһа саҥарыма, сэттээҕи этимэ, дьыбардаахха тыыныма, саталаахха саҥарыма.

18. Уруккуну умнума, инникини сибикилээ. Өлөрөөччүнү өйдөө, үөҕээччини үлтүрүт.

19. Ааспыты аһат, тоҥмуту ириэр, быстыбыты салҕаа, кыһалҕаҕа түбэспиккэ көмөлөс.

20. Урууларгын сөпкө көр-иһит, ол эрээри уу чугаһа өссө ордугун өйдөө.

21. Уот сылааһа, уу ырааһа, салгын чэбдигэ абырыыр, эмтиир, күүстэр буолалларын умнума.

22. Аар Айыы күүһэ – бу Бүппэт Куйаар абырыыр күүһүнэн буоларын хаһаан да умнума.

23. Кыараҕас ычыгы ыырданыма, ычаҥ кыччыа, эйгэҥ тууйуллуо.

24. Аар Айыыларга үҥэн-сүгүрүйэн өйүҥ-санааҥ, кутун-сүрүҥ көҥүл буоллуннар. Өй-санаа, кут-сүр көҥүл буолуулара эр киһини үрдэтэр.

25. Эккин-хааҥҥын, өйгүн-санааҕын төһө кыалларынан чэбдиктик тут, эрчий, күүһүрт, үрдэт.

26. Эн ыраас, чэгиэн-чэбдик буоллаххына, тулаҥ эмиэ оннук буолар.

27. Сымыйаны кэпсээмэ, албыны саҥарыма.

28. Аҕаҥ, ийэҥ албан ааттара эн албан аатын буолбатах.

29. Дьон эрэ көрөрүгэр хорсун буола сатаама. Онтуҥ төһө халы-мааргытын өйдөө. Хорсун киһи хорсунун мээнэ көрдөрө сылдьыбат.

30. Өйдөөх киһи дьиҥ, улахан өрүс тыаһа суох устарыныы чуумпу, ыраас халлаан курдук чаҕылхай уонна үрдүк буолар.

31. Күүстээх киһи күүһүн кистиир үгэстээх, үйэтигэр биирдэ эмит көрдөрөр.

32. Тиэрэни, чиэскини, халы-мааргы көстүүлэри утары охсус.

33. Бүгүн тугу эмэ оҥороргор, онтуҥ сарсын хайдах буолуон толкуйдаан көрөр буолаар.

34. Киһиэхэ сымнаҕастык сыһыаннас, хамсыыр-харамайы харыстаа.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх