Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — X

Аар Айыы итэҕэлэ киһини сөптөөхтүк сылдьарга, олорорго, айылҕаҕа сөптөөх сыһыаннаах буоларга үөрэтэр. Киһи иннигэр айылҕа аналын толоруу ирдэбиллэрин туруорар. Элбэх бобуулар баалларын өйдөтөр. Бары сыыһаларга аньыы-хара, сэт-сэлээн ааҕылларын, дьай кэлэрин, кут-сүр киртийэрин этэр. Дьэ, итилэри барытын ырытыы уустук. Уопсайынын, умнуллубуту сөргүтэр саҥаны айан суруйардааҕар ордук уустук. Тоҕо диэтэххэ, урукку баары төһө кыалларынан уларыппакка, токуруппакка, сымыйалаабакка киллэриллиэхтээх.

Х. Киһи сиэригэр-майгытыгар, тутта-хапта сылдьыытыгар ирдэбиллэр:

1. Хаһан да сымыйалаама. Сымыйаҕын бириэмэ, кэм-кэрдии син биир арыйыаҕа. Аар Айыылар биир түгэҥҥэ сымыйалыыры көҥүллүүллэр: үтүө киһини тыынын быыһыыр иһин өстөөхтөргө уонна түөкүн дьоҥҥо сымыйалааһыны.

2. Тус бэйэҥ тириигин харыстаан дьоҥҥо, салалтаҕа сымыйалаама. Ити күннээҕи быстах санаа.

3. Олус наадалааҕы сымыйалааһын иэдээни оҥоруон сөп.

4. Кырдьык үрдүгэр сымыйа дагдайбат. Сымыйалыыргын биирдэ эрэ итэҕэйиэхтэрэ, иккиһин суох.

5. Сымыйалаан дьону уган биэрдэххинэ, төҕус сүһүөх (көлүөнэ) ыччаккар тиийэр аньыыны оҥостоҕун.

6. Сымыйа уһуннук барбат.

7. Сымыйалыырга эмиэ абааһы кыттыһар.

8. Сымыйалыыр идэлээх буоллаххына ону тохтот, сымыйа эйгэтигэр киирэн хаалыаҥ. Сымыйа эйгэтиттэн көнө эйгэҕэ кыайан кэлбэттэр.

9. Уорума. Ордук улахан аньыылааҕынан дьон малын-баайын уоруу буолар. Ити малларга хаһаайын санаата иҥэн сылдьар. Ону өйдөө, ити эйиэхэ үчүгэйи оҥорбот.

10. Уоран байыам, уһуннук барыам дии санаама.

11. Уоруугар аньыы ааҕыллар, кэйээриҥҥэ да түбэһиэххин сөп.

12. Уоруллубут баай, мал уоруйахха туһалаабат, киһи баайа уоруйахха куруук утары буолар.

13. Кыраҕыттан уорар кыыбаҕа киирдэҕинэ, бэйэҕин кыһыл талаҕы эриэннээн баран таһый.

14. Уоруйаҕы кыһыл эриэн талаҕынан, эбэтэр кытыанынан таһыйаллар.

15. Уоруйах оҕолоро уоруйах буолаллар. Уоруйах аҕаларын, эбэтэр ийэлэрин аньыыта кинилэргэ тиксэр.

16. Уоруйах уорбатаҕына, сатаан утуйбат.

17. Уоруйах элбэхтик кыранар.

18. Уоруйаҕы сиэмэх ойуун абааһыта сырсар.

19. Уоруйаҕы уруйдаабаттар.

20. Уоруйах Аар Айыылар дьүүллэригэр турар. Бу саамай улахан дьүүл буолар.

21. Халаама-талаама, дьон баайын, малын былдьаама.

22. Халаммыт-таламмыт мал, баай туһалыа суоҕа, ону өйдөөн кэбис.

23. Дьону халааһын-талааһын ыар аньыы буолар, ол аньыы хаһан да сүппэт.

24. Халаммыт уонна уоруллубут мал харах уута аргыстаах.

25. Быһаарбакка эрэ дьону сиилээмэ-хоһулаама.

26. Өйдөөбөккө уонна ырыҥалаабакка эрэ кими да сэнээмэ.

27. Этиэҥ иннигэр толкуйдаа, саҥараргар саҥаҕын сааһылаа.

28. Мээнэҕэ баайсыма, буруйгун атын киһиэхэ сыбаама.

29. Баайсан маҥан аты ылыаҥ суоҕа.

30. Баайсыык киһи кута-сүрэ чөлө суох, кини туохтан эрэ куттанар.

31. Сымыйанан баайсыы диэн киһини сирэйэ-хараҕа  суох балыйа сатааһын буолар.

32. Баайсыык киһи аныгылыы — вампир буолар. Кини баайсыыны наһаа күүстээх орудие курдук өйдүүр.

33. Сымыйанан баайса үөрэммит киһи онто сотору киниэхэ үгэскэ кубулуйар. Баайсыбакка сатаан олорбот, сылдьыбат буолан хаалар.

34. Сымыйанан баайсар киһи улахан аньыыны оҥостор. Кини атын киһи кырдьыгын, өйүн-санаатын, этин-хаанын, кутун-сүрүн сымыйанан балыйа сатыыр. Ити дьайыыта киниэхэ ыар аньыы буолан ааҕыллар.

35. Баайсыык киһи сымыйаччы уонна хобуоччу буолар, уонна билиҥҥи кэмҥэ туһааннаах тэрилтэлэргэ элбэхтик телефоннуон уонна суруйуон сөп.

36. Сымыйанан баайсан дьону буруйдаппыт киһиэхэ тоҕус көлүөнэ ыччатыгар бэриллэр, тиийэр ыар аньыы ааҕыллар.

37. Сэргиир кулгаах, тэптэрэн биэрэр саҥа баалларын тухары баайсыык уонна хобуоччу Үрдүк Таҥараны даҕаны суукка үҥсүөхтэрэ.

38. Баайсыы, сымыйанан балыйыы уонна хобулааһын биир сиртэн кэлэллэр.

39. Сымыйанан баайсыы уонна балыйыы бары сүттүннэр, хоп-сип хомулуннун! Үтүө үөһэ таҕыстын, кырдьык өрө дагдайдын, үрүҥ хараарбатын, сырдык, ыраас киртийбэтиннэр.

40. Хобу-сиби хомуйума, «сап» гыммыты сапка, «сип»  гыммыты ситиигэ тиһимэ, хоп-сип холбуката буолума.

41. Хобу-сиби хомуйан, дьону онон холуннаран, «уһун оту оттуоҥ», үөһэ тахсан өрөгөйдүөҥ суоҕа.

42. Хоп-сип ситимэ түмүгэр, хобу-сиби хомуйааччыны бэйэтин сөрүү тардан ылар.

43. Хоп-сип кими эрэ холуннарыыга аҕалар. Киһини сымыйанан холуннарыы, хараардыы ыар аньыылаах.

44. Хоп-сип уйата киһини, түмүгэр, хоп-сип үөнэ ыһар. Хобо-сибэ, түмүгэр, оннук куулайар.

45. Хобу-сиби ыытан кэбиһэн баран, кэлин кыайан хомуйуоҥ суоҕа. Хоп-сип — үөскүүр куһаҕан үөн тэҥэ буолар. Үөн олус элбээтэҕинэ, төһө кутталлааҕын өйдөө.

46. Хобу-сиби сөбүлээн истэр тойон, сотору бэйэтэ эмиэ хоп-сип хомуйа сүүрүөҕэ. Хоп-сип син биир арыгы уонна наркотик тэҥэ буолар.

47. Кыра сирдэргэ үөскээбит хоп-сип ордук дарбатыылаах буолар.

48. Хоп-сип буоларга туох да суох буоллаҕына даҕаны, хопчут салгынтан таҥан, сымыйаттан ылан, суохтан оҥорон, таайыыттан тахсан өссө улахан хобу-сиби оҥоруоҕа.

49. Учууталын сымыйанан хараардар үөрэнээччи — кини саамай сиэрэ суох хопчут, баһа суох баайсыык буоларын умнумаҥ.

50. Хопчут дьоннор дьоҥҥо сымыйаны дарбатан сатаан кэпсиир үгэстээхтэр.

51. Улахан хопчут билбэт киһини иирдиэн, улаханнык уолутуон сөптөөх.

52. Хоп-сип үтүө санаа үөскээбэтэх төбөтүгэр үгүстүк киирэр.

53. Хопчут хобу-сиби таһан, санаатыгар, тугу эрэ ситиһэр курдук сыыһа сананар. Дьиҥэр, кини хоп-сип ситимигэр ыга сөрөнөн иһэр.

54. Хопчуттан өйдөөх дьон ыраахтан куоталлар.

55. Хопчут хараҕа куруук сүүрэкэлиир үгэстээх.

56. Хопчут чугаһа эбитэ буоллар, Үрдүк Таҥара да туһунан хоп-сип хомуйан кэпсиэ уонна үҥсүө этэ.

57. Хопчут хорооҥҥо батара буоллар, кутуйах да туһунан хоп-сип хомуйуо этэ.

58. Хоптон-сиптэн Орто Дойдуга төһөлөөх иэдээн буолбутун өйдөөн кэбис.

59. Элбэх хопчуттаах норуот эстэр кутталлаах.

60. Хоп-сип хомуйан аһыыр киһи отуора алдьанар, кута-сүрэ ыһыллар. Кини аччыктаатаҕына эрин,оҕотун, ойоҕун да хобулаталыы барыаҕа.

61. Хобу-сиби хомуйан үҥсүү суруйар дьон Үрдүк Таҥара дьүүлүгэр түбэһэллэр.

62. Дохсурҕаама, дьону үөҕүмэ, кырбаама. Арыгы иһэн дохсурҕаан дьоҥҥо куһаҕаннык быһыыланыма. Итинник быһыы эмиэ ыар аньыылаах. Эн бэйэҕин эрэ көмүскэнэргэр илиигин көтөҕөргүн умнума, ону да көмүскэнэр  таһымынан. Оттон эйигин тыыппатах дьону хаһан да үөхсүмэ.

63. Дьону дьоҥҥо кигимэ, киксэримэ. Итинтиҥ алдьархай өрүттэниэн сөптөөх.

64. Тугун да быһаарбакка эрэ кими да туората сатаама. Кини эмиэ бэйэтин миэстэтигэр сырыттаҕа дии. Сир олоҕор эн тойон уонна быһаарааччы буолбатаххын.

65. Тойоммун туоратан тойон буолуом дии санаама. Тойонуҥ туораатаҕына даҕаны, кини миэстэтэ эйиэхэ тиксэрэ биллибэт.

66. Эйигиттэн ордугу туоратан мин бастыҥ буолуом диэн эмиэ санаабатыҥ сөп этэ. Бастыҥы суох оҥорон Үрүҥ Аар Тойон уонна норуотун иннигэр ыар аньыыны оҥороҕун. Бастыҥ туораатаҕына да, эн бастыҥынан хааларыҥ биллибэт.

67. Бэйэҕиттэн ордугу абааһы көрөрүҥ эйиэхэ Адьарай Бөҕө санаата иҥмитин көстүүтэ буолар.

68. Элбэх киһи бастыҥы туората сатааһыннара норуокка төһөлөөх охсууну оҥорбута буолуой?! Өйдөөн көр!

69. Бэйэҕиттэн ордугу туората сатааһыныҥ дьиҥ абааһылыы дьайыы уонна Үрүҥ Аар Тойон үрдүк дьаһалын, Дьылҕа Тойон ыйааҕын утарыы буолаллар. Бу ыар аньыы!

70. Кыра таһымнаах киһи дьону барытын бэйэтин таһымынан сыаналаан улахан сыыһаны оҥорор. Кыра уонна Улуу кыайан өйдөспөттөр. Кинилэр айыллыылара оннук. Ол гынан баран, кыһалҕатыгар, кыра улуутааҕар ордук өйдөөх курдук сананыаҕа. Ити сир олоҕун биир иэдээнинэн буолар.

71. «Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһа кэрбээмэ» дииллэр. Саһа, ньылбыйа сылдьан куһаҕаны оҥорума. Үрдүк Таҥара хараҕа барытын көрөр, кулгааҕа барытын истэр.

72. Ордугургуур дьоҥҥо хаһан да кыһалҕаҕын биллэримэ.

73. Үтүө дьоҥҥо сокуон наадата суох, кинилэр онто да суох ханнык да бэрээдэги кэһиини оҥоруохтара суоҕа.

74. Үтүө киһини куһаҕан дьон эрэ бэрээдэги кэһэргэ тириэрдиэхтэрин сөп.

75. Акаарыны уонна халы-мааргыны хаһан да мээнэ хайҕаама.

76. Бэйэтиттэн таһыччы ордук киһи таһыгар сырыт. Оччоҕо элбэххэ үөрэниэҥ. Ол иһин дьонтон уһулуччу дьоннор обществоҕа наһаа наадалар эбээт.

77. Мээнэ дьон иннигэр түһэ сатаама. Ким эрэ эн тыл этэриҥ, саҥарарыҥ сөбүн эттэҕинэ биирдэ саҥар.

78. Олус элбэхтик саҥарар киһи — ол аата кини элбэҕи билбэт уонна тугу этэрин бэйэтэ да өйдөөбөт.

79. Алгыс тыла абыраллаах. Дьиҥнээх улахан Алгысчыт дэҥҥэ төрүүр аналлаах.

80. Улахан алгысчыт алгыһын туһаммат норуот — кини кэскилэ кыччаан эрэрин бэлиэтэ буолар.

81.  «Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үтүө санаа ордук», — диэн өбүгэлэрбит үрдүк үөрэхтэриттэн кэлбит этии сылдьар. Бу үөрэх Аар Айыылартан кэлбитэ.

82. «Бэйэтин иннигэр бүтүн тиити көрбөт, туора киһи иннигэр туораах да сытарын көрөр», — диэн эмиэ Аар Айыы үөрэҕэ.

83. Улуу муударай, улуу бухатыыр, улуу сирдьит, улуу Айыы ойууна, уһулуччу кыраһыабай дьахтар бүтүн норуот баайа уонна киэн туттуута буолаллар.

84. «Чэ, аныгыскы төрүүрбэр үчүгэйдик сылдьыам», — диэһин улахан сыыһалаах.

85. Сарсыарда уутун испит күүстээх сүүрүктээх үрэҕиҥ уутуттан билигин баһан испитиҥ — эн сарсыарда испит ууҥ буолбатах.

86. Харчыны ылаары үлэлээбэттэр, харчыны оҥороору, үксэтээри үлэлииллэр.

87. Үтүө киһи умнуллубуту үксэтэр, куһаҕан киһи ону ыһар.

88. Төһөлөөх баай-дуол сыыһа салайыыттан мээнэ ыһыллара буолуой?!

89. Ыһар, алдьатар эйгэлээх ыраахтааҕы кэллэҕинэ иэдээн үксүүр. Ону аан бастаан Ийэ Айылҕа билэн дьоҥҥо сэрэтэр.

90. Дьону-сэргэни мээнэ күлүмэ. Тугу күлүү гыммытыҥ бэйэҕэр эргиллиэн сөптөөх.

91. Кырдьыбыт, мөлтөөбүт киһини куруук маннык эбитэ буолуо дии санаама. Кини бэҕэһээ эйигиннээҕэр ордук эбитэ буолуон сөп.

92. Аар Айыыларга аньыыгын-хараҕын этэн, куһаҕаҥҥын туоратар туһунан күн аайы үҥэр буол.

93. Хаһан эрэ оҥорбут аньыыҥ Үрүҥ Аар Тойон бырастыы гымматах, алгыс ыыппатах буоллаҕына, ааспатын өйдөө.

94. «Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх», — дииллэр. Үрдүк таҥаралар үлэһит киһини сөбүлүүллэр. Үрүҥ Аар Тойон киһини Орто Дойдуга олохтоон баран: » Үлэҕинэн иитиллэн олор», — диэбитэ.

95. Эппит тылгар тур. «Үтүө киһи биир тыллаах»,- дииллэрин умнума.

96. Өбүгэлэргин ытыктаа, кинилэри намтата сатаама. Эн бүгүн кинилэри аһары түспүт буоллаххына, ити былыргы өбүгэлэриҥ үтүөтэ буоларын умнума.

97. Барыны бары кэмин-кэрдиитин ырытан толкуйдаа. Эн оһуоруҥ-бичигиҥ, ойууҥ-мандарыҥ былыргыны куоппут да буоллаҕына, онон киһиргээмэ. Аан маҥнай оччотооҕу туттар сэби-сэбиргэли толкуйдаан көр.

98. Хас биирдии көлүөнэ Аар Айыылартан анал сорудахтаах төрүүр. Ол сорудаҕы толордоҕуна, ити көлүөнэ бэйэтин ытык иэһин толорор.

99. Эдэр ыччаты үөрэтии хас биирдии киһи ытык иэһэ. Эдэр ыччакка сыыһа өйдөбүллэри иҥэрии иэдээннээх ыар аньыылаах дьайыы буолар.

100. Бэйэҥ көлүөнэҥ ытык иэһин чиэстээхтик уонна ситиһиилээхтик толорус.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх