Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — V

Аар Айыы итэҕэлэ киһини сөптөөхтүк сылдьарга, олорорго, айылҕаҕа сөптөөх сыһыаннаах буоларга үөрэтэр. Киһи иннигэр айылҕа аналын толоруу ирдэбиллэрин туруорар. Элбэх бобуулар баалларын өйдөтөр. Бары сыыһаларга аньыы-хара, сэт-сэлээн ааҕылларын, дьай кэлэрин, кут-сүр киртийэрин этэр. Дьэ, итилэри барытын ырытыы уустук. Тоҕо диэтэххэ, урукку баары төһө кыалларынан уларыппакка, токуруппакка, сымыйалаабакка киллэриллиэхтээх.

V. Булчукка, балыксыкка Аар Айыы итэҕэлинэн өйдөтүүлэр, быһаарыылар:

1. Төрөөбүт Ийэ Сиргэ, айылҕаҕа киһи сөптөөх сыһыанын туһунан үөһээ суруллубут ирдэбиллэр бары киирэллэр.

2. Бултуу бараргар уонна бултуур сиргэр тиийэн баран, Аар Айыыларгар үҥк, аал уоту оттон айах тутан сирдээҕи үтүө иччилэртэн көрдөс. Балыксыт Күөх Боллох Тойонтон, тыаҕа бултуур киһи Барыылаах Баай Байанайтан алҕаан-силээн көрдөс.

3. Бултуургар бэйэҕиҥ этиҥ түспүт маһынан арчылан. Бултуур тэриллэргин эмиэ барытын итинник арчылаа, алыастаа, ыраастаа. Баай Байанай, Күөх Боллох Тойон кири-дьайы сөбүлээбэттэр. Киртэн-дьайтан булт ханнар.

4. Сыыһа-халты туттан, халы-мааргытык саҥаран булкун ханыннарыма. Ойуурга, ууга кэлэн киһиргээмэ, онтуҥ сэттээх-сэмэлээх.

5. Бииргэ бултуу сылдьан иирсимэҥ. Иирсээни Баай Байанай, Күөх Боллох Тойон сөбүлээбэттэр, киэр хайыһаллар.

6. Бултуу тахсар күҥҥүн дьоҥҥо кэпсээмэ, элбэҕи айдаарыма. Тыл иччитэ, Оһол уола, Илбис кыыһа истиэхтэрин сөп.

7. Уокка мээнэ ону-маны, ол иһигэр булдуҥ түүтүн быраҕыма, уокка силлээмэ. Уу-чуумпутук сылдьан бултаа.

8. Бултуургар халы-мааргы дьону кытта барыма. Олус элбэх бултааччыларга кыттыһыма.

9. Бултуу барар көлөҕүн, бултуур тэриллэргин үчүгэйдик көрүн уонна тэрин. Ыраах сылдьарга сыыһа тахсыа суохтаах.

10. Төрүт билбэт сиргэр соҕотоҕун бултуу барыма. Барар буоллаххына, ол сири билэр эрэ киһини кытта барыс. Биллибэт -сэрэхтээх.

11. Ойуурга көлөҥ уонна ытыҥ улахан көмөлөрүҥ буолаллар. Үтүө ат, түргэн таба, булчут ыт сыаналарын киһи быһаарбат.

12. Арыгы ас бултуурга улахан буортулаах, мэһэйдээх уонна кутталлаах.

13. Бултуургар сөбүн көрөн бултаа. Бобуулаах булду бултаама. Тыҥырахтаах көтөрү өлөрүмэ, билбэккин тыытыма.

14. Бултааһын диэн көрүлээһин буолбатаҕын өйдөө.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх