Site icon SAKHALIFE

Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — IX

Аар Айыы итэҕэлэ киһини сөптөөхтүк сылдьарга, олорорго, айылҕаҕа сөптөөх сыһыаннаах буоларга үөрэтэр. Киһи иннигэр айылҕа аналын толоруу ирдэбиллэрин туруорар. Элбэх бобуулар баалларын өйдөтөр. Бары сыыһаларга аньыы-хара, сэт-сэлээн ааҕылларын, дьай кэлэрин, кут-сүр киртийэрин этэр. Дьэ, итилэри барытын ырытыы уустук. Уопсайынын, умнуллубуту сөргүтэр саҥаны айан суруйардааҕар ордук уустук. Тоҕо диэтэххэ, урукку баары төһө кыалларынан уларыппакка, токуруппакка, сымыйалаабакка киллэриллиэхтээх.

IX. Киһи-киһиэхэ сыһыаныгар Аар Айыы итэҕэлин быһаарыылара

1. Киһи үчүгэйигэр куһаҕанынан эппиэттээмэ.

2. Эйиэхэ аат ааттаан кэлбит киһи тоҕо кэлбитин быһаар. Үчүгэй санаалаах кэлбит буоллаҕына, үчүгэйдик сыһыаннас,  ыалдьыттат, сэһэргэс, маанылаа. Бэрт былдьаһа, хойохтоох санаалаах кэлбит киһини, ити санаатын чуолкайдаан баран, кэпсэтимэ уонна барарыгар, тэйэригэр эт.

3. Эйигин атаҕастаабатах, тыыппатах киһини тыытыма, эйигин саҥарбатах киһини саҥарыма.

4. Билбэт киһиҥ эйигин кытта билсиһэ сатаабат буоллаҕына, эн да чугаһаама.

5. Билсиһэр киһини кытта билис, ол эрээри кинини үчүгэйдик сыныйан көр.

6. Эйигин кытта дьиҥ биир итэҕэллээх киһи эйиэхэ чугас.

7. Иирсэ сатыыр киһиттэн маҥнай тэй, саҥарыма. Арахпатаҕына, сиэр-майгы быһыытынан кытаанахтык быһаарыс.

8. «Өлөрө кэлбити өһөрөр өбүгэ үгэһэ» диэн этии билиҥҥи кэмҥэ сөп түбэспэт. Суут-сокуон көмүскэлэ билигин сүрүн оруолу ылар.

9. Күүскүнэн өртөйүмэ, «күүскүнэн өртөйүмэ, күүһүлэспит күүдээх да күүһүн кыайбат» диэн өбүгэ үөрэҕэ эмиэ улахан суолталаах.

10. «Сүбэ баар сүрүн күүс, Эйэ баар элбэҕи холбуур күүс, Аһыныы баар абырыыр күүс, Ил баар, илгэлиир күүс, Билсии баар бигэ күүс», — диэн мээнэҕэ эппэттэр.

11. Бардамсыйыма, быстах дьону баттыы сатаама. Бардамсыйыы — бас-баттах быһыы. Сөбүлэһии баар — сүдү күүс. Бас-баттах киһини сөбүлээбэттэр.

12. Кыраҕа кыҥкыйдаама, оччугуйга уордайыма, улахаҥҥа уордайаргар күүһүҥ тиийиэ суоҕа.

13. Киһи диэн Үрдүк Таҥара айыыта буоларын умнума. Киһиэхэ киһилии сыһыаннаах буол уонна бэйэҕэр оннук сыһыаны ирдээ. Оччоҕо өйдөөх дьон  эйиэхэ бары сөптөөх сыһыаннаах буолуохтара.

14. Наһаа көрдөһөр киһи көрдөһүүтүн туһунан толкуйдаа уонна кыаллар буоллаҕына, толоро сатаа.

15. Эрэйдээх-муҥнаах киһини аһынар сөптөөх. Ол эрээри киниэхэ аһынаргын  эппэккэҕин уонна көрдөрбөккөҕүн тугу кыайаргынан көмөлөс.

16. Кэргэн ылар эдэр киһи уонна эрэллээх доҕор көрдөнөр киһи бэйэлэригэр сөп түбэһэри  көрдүөхтээхтэр. Онно сирэй үчүгэйэ, быһыы-таһаа тупсаҕайа улаханы быһаарбат. Кинилэр сүрэхтэрэ уонна өйдөрө эйиэхэ чугас буолуохтаахтар. Ити Таҥара үөрэтиитэ.

17. «Ойуурдаах куобах охтон биэрбэт» дииллэр, ону үчүгэйдик толкуйдаа. Дьон-сэргэ эйигин өйдүүр буоллахтарына, өлөн-охтон биэриэҥ суоҕа. «Киһи киһинэн олорор» дииллэр. Киһи киһиэхэ өйөбүлэ улахан суолталаах диэн Аар Айыы итэҕэлэ үөрэтэр.

18. Дьон үтүөтүн, көмөтүн үтүөнэн төлөө. Үйэҕэ үтүөнү, үчүгэйи, кэрэни оҥор. «Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэҕэ умнуллубат» диэн мээнэҕэ этиллибэт тыллар. «Үтүөнү оҥоруу үчүгэй киһи үгэһэ» диэн этии эмиэ былыргы өбүгэлэртэн кэлбит эбээт.

19. «Ааттааҕы арбаа, үчүгэйи үксэт, кэрэни кэккэлэт, бастыҥы маанылаа, күрэхтэһиигэ бастаабыты күндүлээ, ааты-суолу үрдэппити аатырт, өркөн өйдөөҕү өрө тут» диэн Аар Айыы итэҕэлин Үөрэҕэ буолар. Ол эрээри, ити Үөрэх: «Киһиргэһи киһиргэтимэ, уолҕамдьыны урут ыытыма, акаарыны арбаама, баһа суоҕу бастатыма, торҕону тойон оҥорума» диэн эмиэ үөрэтэрин умнума.

20. «Куһаҕаны буой, сыыһаны ый, бас-баттаҕы моһуй, уолусханы уоскут, ухханы тохтот» диэн этии кими баҕарар элбэххэ үөрэтиэн сөптөөх.

21. Дьиэҕэ киирбит киһи маҥнай эҕэрдэлиирэ, саҥарара былыргыттан олохтоммут үгэс. Киирэн баран саҥарбакка турар киһини, ол аата кини үчүгэйдик кэпсэтэ, ыалдьыттыы киирбэтэх кэтэх туох эрэ санаалаах дуу, кигиилээх дуу киһи диэн өйдүөххэ сөп.

22. Үтүө санаалаах киирбит ыалдьыт өтө көстөр үгэстээх. «Айыы киһитэ аһаҕас сирэйдээх, аламаҕай харахтаах, күн киһитэ күлүм-чаҕыл сирэйдээх, күлүмүрдэс бэйэлээх» диэн этии Аар Айыылартан кэлбит.

23. Көтөр-сүүрэр бары бэйэтигэр сөптөөҕү, дьүөрэлээҕи, биир көрүҥнээҕи кытта үөрдүһэр. Эн эмиэ бэйэҕэр дьүөрэлээх дьону кытта доҕордос. «Эн доҕотторуҥ кимнээхтэринэн мин эн кимҥин этэн биэриэҕим, өстөөхтөргүн эмиэ эт, оччоҕо өссө чуолкайдыаҕым» диэн былыр биир муударай киһи эппитэ үйэлэри уҥуордаан кэлбит. Бу Аар Айыылар Үөрэхтэригэр сөп түбэһэр.

24. «Көтөр — өҥүнэн, киһи — өйүнэн» дииллэр. Ол аата, көтөр өҥө киһини кэрэхсэтэр, оттон бар дьоҥҥо киһи өйүнэн сыаналанар диэн. Өйдөөх дьон аттыгар сырыт, кинилэрдиин кэпсэт-ипсэт, оччоҕо элбэх туһалааҕы истиэҥ, билиэҥ. «Түөкүнү кытта түбэсиһиэҥ — түөкүн буолуоҥ, үтүө киһини батыһыаҥ- үгүс үчүгэйгэ үөрэниэҥ диэн өбүгэ үөрэҕэ Аар Айыылартан төрүттэнэн кэлбит.

25. «Үгүс үтүө кыыс, дьахтар баар сирдэригэр дьон бэрээдэгэ тупсар, туох барыта ырааһырар, салгын кытта сырдыыр» диэн өбүгэлэр этэллэрэ. Бу этии аҥаара манныгын эмиэ умнубатыҥ сөп буолуо: «Дьахтар бэрээдэгэ мөлтөөбүт, тыла-өһө мээнэ барбыт сиригэр үтүөнү көрүөм дии санаама». Сири-дойдуну дьонунан-сэргэтинэн, ол дойду дьахталлара хайдахтарынан сыаналаа» диэн этии эмиэ өбүгэлэртэн кэлбит.

26. Ыалдьыты ыыстыы көрсүбэттэр. Ол эрээри ыалдьыт барарынан кини хайдах киһитин сыаналыахха сөптөөх.

27. Олус элбэхтик мичээрдиир киһини наһаа эрэнимэ. Куруутун мичээрдиир киһи хараҕын наһаа болҕомтолоохтук көр, оччоҕо ис хоһоонун барытын өйдүөҥ.

28. Туох эрэ түгэнинэн туһанан эйигин кыһарыйар киһи эн кыр өстөөҕүҥ буолар. Кини ити түгэни көрдүү сылдьыбыт.

29. Эйиэхэ киһи арыалдьыттаах кэлэр киһи, биитэр эйигиттэн дьулайар, сэрэнэр, эбэтэр эйигин угаайылаан дьэбэлэйдиир киһини бэлэмнэнэр.

30. Кигиллэн кэлбит киһи хараҕа үөннээх, кулгааҕа иһиллээри чэрэйбит буолар. Ити кигиллэн кэлбит киһи төһө өйдөөҕө сирэйиттэн тута көстөр. Акаары буоллаҕына, ол сирэйигэр сурулла сылдьыаҕа. Оттон өйдөөх киһи буоллаҕына, иһигэр кинини тоҕо кикпиттэрин толкуйдуу олоруоҕа.

31. Амарах санаалан, айыылыы майгылан. Атын дьону атаҕастаама, бэйэҕин да баттатыма.

32. «Сүтүктээх сүүс аньыылаах» дииллэр эрээри, сүтүккүн киһиэхэ барытыгар күтүрээмэ.

33. Сүүһүнэн үтүө доҕордон. Ол сүдү баай буоларын умнума.

34. Булбуккун барытын муннуҥ анныгар уктума, кыһалҕалаахха бэрсэргин, кырдьаҕаска уунаргын өйдүүр буол. Кэччэгэйи кэриэстээбэттэр.

35. Эйиэхэ үчүгэй бэлэҕи биэрдэхтэринэ, ону хайдах хардараргын толкуйдаа. Эйигин ытыктаан ити бэлэҕи биэрбиттэр, эн эмиэ ол киһини ытыктаа, киниэхэ үтүөнү санаа.

36. Киһини хомоппут буоллаххына, ону көннөрө сатаа. Үтүө киһини хомотон баран көннөрбөтөххүнэ, үс үйэ устата куһаҕан кэпсэлгэ киириэҥ.

37. «Кырдьаҕаһы кыһарыйыма, кыамматы күһэйимэ, оҕону охсума» диэн этии хаһан да эргэрбэт.

38. «Кыһалҕаҕа ылларбыты күлүмэ, иэдээҥҥэ түбэспити сэтэрээмэ, алдьархайтан алларастаама, куһаҕантан үөрүмэ, бэйэҕэр эргиллиэ» диэн дьиҥ былыргы Үөрэх эппитэ сылдьар эбээт.

39. «Кими да, тугу да сэнээмэ. Сэниир сэттээх. Сэнээбиккиттэн сиҥниэҥ» диэн мээнэҕэ эппэттэр.

40. «Эдэрдэрдиин эҥэрдэс, ыччаттардыын ыаллас» диэн этии ис хоһоонун толкуйдаа.

41. Киһи куһаҕан буолан төрөөбөт, куһаҕан сабыдыал уонна сыыһа иитии киһини куһаҕан оҥороллор. Ол эрээри ис хаан куһаҕан дьон эмиэ бааллар.

42. Куһаҕан сабыдыалы куһаҕан дьон оҥороллор. Оннук сабыдыал былыргыттан ылата баар уонна хаһан сүтүө биллибэт.

43. «Сытар таас анныгар уу киирбэт» дииллэр, ону бэйэҥ толкуйдаа.

44. Элбэх ыччаттаах киһи син биир элбэх сиэмэлээх мас тэҥэ. Айылҕа кини сиэмэтэ тарҕанарыгар этэр.

45. Тохтообокко хаамар киһини сэмэлээмэ, кини ыраах тиийиэҕэ.

46. Дьон кутуругар олорсор киһи — дьиҥнээх кураанах киһи.

47. Уһулуччулааҕы оҥоро сатаа, оччоҕо эрэ талааныҥ биллиэ.

48. Умнуллубут улууну хатылыыр уонна салгыы хаамтарар киһи эмиэ улуу киһи эбээт.

49. Кими эрэ улуу диэтэхтэринэ күлүмэ, тоҕо инньэ дииллэрин ырытан толкуйдаа.

50. Үөрэнээччигин бүгүҥҥүтүнэн көрөн сыаналаа. Өскөтүн кини бэҕэһээҥитин курдук буоллаҕына, ол аата сайдыбатах, бүгүн кини бэҕэһээҥитинээҕэр туох уларыйыылааҕын үчүгэйдик көр-иһит. Үүнүү-сайдыы диэки хаампыт буоллаҕына, дьэ, дьиҥнээхтик үөрэт. Оттон төттөрү барбыт үөрэнээччигин саҥа эйгэни көрдөтө бэйэҕиттэн арааран ыыт. Бэҕэһээҥитин курдук хаалбыты бэҕэһээҥи кэмигэр хааллар, бүгүҥҥү күн киниэхэ, ол аата кэлбэтэх.

51. Кэпсэппэт тойону кытта кэпсэтэ, киниэхэ тоҥхойо сатаама. Кини бүгүн эрэ тойон ээ.

52. Дуоһунастаах тойон дорооболоһуон иннинэ дорооболоһо сатаама.

53. Дуоһунаһынан тойон бүгүн эрэ тойон буоларын умнума. Кини сарсын ким эрэ «үтүөтүнэн» кыра тойон буолуо, оттон өйүүн, баҕар букатын тохтуо.

54. Айылҕаттан тойон буоларга ананан төрөөбүт киһини кытта үчүгэйдик кэпсэт. Кини, баҕар, дуоһунаһа суох буолуо, ол эрээри Аар Айыылар кинини тойон буоларга анаабыттар ээ.

55. Аатыгар эрэ тойон туохха нааданый?! Айылҕаттан ыраах, дьиҥнээх олох, үлэ ис хоһоонноруттан ыраах, олоххо үтүөнү оҥорбот тойон тугу абырыаҕай?!

56. Тойон диэн тойон буолуохтаах. Кини билиитинэн, өйүнэн, сатабылынан, өтө көрүүтүнэн эмиэ тойон буолуохтаах. Тойон киһи диэн бастыҥ киһи, баһылык киһи, бас-көс киһи, баараҕай өйдөөх, барҕалыыр кыахтаах, бар дьонун сирдиир аналлаах, маартан, бадараантан бастыҥ суолга таһаарар киһи буолуохтаах. Тойон диэн Тойон. Тойон көтөр диэн хотой аата. Ол аата, Тойон киһи  диэн киһи хотойо буолар. Хотой кыыл көтөрдөртөн  төгүрүччү ордугун, өйдөөҕүн, күүстээҕин, үрдүгүн быһыытынан кини көтөрдөр баһылыктара, ыраахтааҕылара буолар. Ол аата, Тойон киһи киһи-аймах ыраахтааҕыта буолуохтаах.

57. Тойон буолуу диэн суут-сокуон, сэрии, сэрии сэбин, былаас күүһүнэн дьоҥҥо тойоргуу, кинилэри күһэйэ, баттыы тахсыы буолбатах. Ити күүстэр көмөлөрүнэн суор, тураах, мэкчиргэ да ыраахтааҕылыахтарын сөп.

58. Үрдүкү былааска тахсан баран, хайдах ыраахтааҕыгын муударай кырдьыксыт дьонтон бүөмнээн ыйытар буол. Итини тулалыыр дьоҥҥуттан ыйыттаххына, төбөҕүн эргитиэхтэрэ, акаары оҥоруохтара.

59. Куруутун хайҕал тыл, уруйдуур музыка, баай-талым остуол, эргиччи мичээр ханнык баҕарар ыраахтааҕыга буортулаахтар.

60. Былыр биир эрэ ыраахтааҕы олору билээри, мээнэҕэ боростуой ырбаахыны кэтэн дойдутун кэрийбэтэҕэ эбээт! Киһи киһиэхэ дьиҥнээх сыһыанын билии ордук ыраахтааҕыга уустук.

61. Киһи киһиэхэ сыһыанын уулусса умнаһыта ордук билэрэ чуолкай.

62. Дыбарыастарга баар мичээрдэр төһөлөөх сымыйаларын быһаарар наһаа үчүгэй буолуо этэ.

63. Киһи киһиэхэ сыһыанын дьиҥ ис кистэлэҥин, араас дьон илиитигэр киирбит, көмүскэлэ уонна көмүскэнэр кыаҕа суох дьонтон ордук ким билиэҕэй?

64. Үйэлэр киһи киһиэхэ сыһыанын сааһылыы иликтэр.

65. Саа-сэп күүһүнэн олохтоммут сыһыан — ол сымыйа сыһыан. Итинник сыһыан сарсын сууллуон сөп.

66. Үрдүк Таҥараны умнуу киһи киһиэхэ сыһыаныгар кини кыыллыйыытыгар тириэрдэр.

67. Батталлаах сыһыан бахтайарга аналлаах.

68. Күүс өттүнэн олохтоммут киһи киһиэхэ сыһыана кэлтэгэй буолар. Кини кэлтэгэйдээн туора түһэ сылдьан мэһэйдиэн сөп.

69. Үрүҥ Аар Тойон үрдүк дьаһалынан аламай маҥан Халлаантан Айыы Сарыала арылыйан кэлэн, Үрдүк Халлаантан, үрүҥ Күн анныттан үрүҥ Күүс үрүлүйэн кэлэн Айыы сирин ыраастыаҕа, алыастыаҕа, арчылыаҕа, араҥаччылыаҕа, Айыы аймаҕын алдьаммыт санаатын абырахтыаҕа, абырыаҕа, атын тыал алкыйбытын, түспа сүүрээн буомурдубутун көннөрүөҕэ, күүс-уох биэриэҕэ. Өрөгөй-талаан үрдүөҕэ, өрө үүнүү күүһүрүөҕэ. Онно эрэниҥ, сиэр-майгы тупсуоҕа, олох-той оннун булуоҕа, киһи киһиэхэ сыһыана айыылыы буолуоҕа.

Exit mobile version