Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — IV
Аар Айыы итэҕэлэ киһини сөптөөхтүк сылдьарга, олорорго, айылҕаҕа сөптөөх сыһыаннаах буоларга үөрэтэр. Киһи иннигэр айылҕа аналын толоруу ирдэбиллэрин туруорар. Элбэх бобуулар баалларын өйдөтөр. Бары сыыһаларга аньыы-хара, сэт-сэлээн ааҕылларын, дьай кэлэрин, кут-сүр киртийэрин этэр. Дьэ, итилэри барытын ырытыы уустук. Тоҕо диэтэххэ, урукку баары төһө кыалларынан уларыппакка, токуруппакка, сымыйалаабакка киллэриллиэхтээх.
IV. Масчыкка-отчукка Аар Айыы итэҕэлин сүрүн өйдөбүллэрэ:
1. Аар Айыылартан, сирдээҕи үтүө иччилэртэн көҥүлэ суох оту-маһы тыытыма, алдьатыма.
2. Өскөтүн эн дьиэ-уот, күрүө-хаһаа туттаары мас кэрдэр буоллаххына, Аар Айыыларга үҥэн-сүктэн көрдөс, аал уоту оттон сирдээҕи үтүө иччилэри айах тутан кинилэртэн көҥүллэт. Инньэ гымматаххына, аньыы ааҕыллыа. Кэрпит маскынааҕар өссө элбэх мас үүнэрин иһин, үлэҕэр дэҥ-оһол тахсыбатын, тутууҥ мал буоларын иһин көрдөс. Ити булгуччулаах.
3. Ким да инник көрдөспөккө күөҕү алдьатара, оту-маһы тыытара сатаммат. Бэйэҕэр туттаргар сөптөөх эрэ оту-маһы ылан туһан, наһаа барыма.
4. Дьиэ-уот туттар буоллаххына, дьиэҥ олоҕо алҕаммыт, ыраастаммыт буолуохтааҕын умнума.
5. Оту оттуургар син биир итинник сиэри-туому оҥороҕун, көрдөһөҕүҥ. Ходуһаҕа киирэн күөҕү мээнэ ходуйан барыы көҥүллэммэт.
6. Үлэ барыта дэҥнээх-оһоллоох буолуон сөп, ол иһин сиэр-туом ыытаргар, алҕанаргар ону ахтан көрдөһөҕүн. Ити Аар Айыылартан кэлбит былыргы үөрэх буолар.
7. Ити үлэлииргэр уоту-күөһү эмиэ сэрэхтээхтик тутун. Үлэлиир сиргэр айдаарыма, аныгы музыка тыаһын күүгүнэтимэ.
8. Үлэлээбит сиргин бүтэн баран үчүгэйдик хомуй, ыраастаа. Оттообут оккун күрүөлээ, кэрдибит маскын тас.
9. Ити айыылартан көҥүллэтэн ылбыккын үчүгэйдик сөпкө туһан. Оттообут оккун, кэрдибит маскын сытытыма, сөптөөх кэмигэр туһаҕа таһаар.
10. Үлэлииргэр хаары-самыыры, курааны-куйааһы барытын учуоттаан үлэлээ. Үлэлииргэр күн-дьыл уларыйыытын барытын эрдэттэн сылыктаан билэ үөрэн.
+7 (999) 174-67-82