Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — III

Аар Айыы итэҕэлэ киһини сөптөөхтүк сылдьарга, олорорго, айылҕаҕа сөптөөх сыһыаннаах буоларга үөрэтэр. Киһи иннигэр айылҕа аналын толоруу ирдэбиллэрин туруорар. Элбэх бобуулар баалларын өйдөтөр. Бары сыыһаларга аньыы-хара, сэт-сэлээн ааҕылларын, дьай кэлэрин, кут-сүр киртийэрин этэр. Дьэ, итилэри барытын ырытыы уустук. Уопсайынан, умнуллубуту сөргүтэр саҥаны айан суруйардааҕар уустук. Тоҕо диэтэххэ, урукку баары төһө кыалларынан уларыппакка, токуруппакка, сымыйалаабакка киллэриллиэхтээх.

 III. Төрөөбүт Ийэ сиргэ, айылҕаҕа киһи сөптөөх сыһыаныгар Аар Айыы итэҕэлэ эмиэ туспа ирдэбиллээх:

Олортон эмиэ сүрүн ирдэбиллэри эттэххэ манныктар:

1. Киһи айылҕа баһылыга буолбатах. Кини айылҕа сорҕото, чааһа буолар. Айылҕаны баһылыы, айылҕаҕа тойон буола сатаама, Ийэ айылҕаҥ иһигэр сөптөөхтүк олор.

2. Айылҕаттан сөптөөхтүк ылан аһаа, таҥын, дьиэҕин-уоккун оҥоһун, күрүөҕүн-хаһааҕын тэрин. Сөпкө оттоо-мастаа, сүөһүгүн иит.

3. Айылҕаны алдьатыма, уоту-күөһү ыытыма, алдьархайы оҥорума. Ууну, тыаны киртитимэ, быртаҕырдыма, өлбүт киһиэхэ сылдьыбыт буоллаххына, 40 хонукка бултаама, балыктаама, тыыланыма, кыһын күөлү ортотунан ааһыма. Ууну, уоту, сири-дойдуну, салгыны киртитии улахан аньыы! Уокка куһаҕаны быраҕыма, бөххүн, куһаҕаҥҥын ууга кутума, ойуурга ыһыма. Ити аньыы.

4. Булду эһэрдии бултаама, кутталлаах, алдьатыылаах сэбинэн-сэбиргэлинэн бултаама. Булт эн кэннигэр, үйэлэргэ хаалыахтаах. Атын дьону ыҥыран аҕалан булду эстэримэ. Күүстээх сэбинэн-сэбиргэлинэн сылдьан элбэҕи бултуурга дьулуһума. Үрүҥ Аар Тойон  эппитэ: «Айылҕаттан бэйэҕэр сөптөөҕү эрэ ыл. Элбэҕи алдьатыма, садаҕалаама. Айылҕаҥ баайын эргиэн мала оҥостума. Элбэх иҥсэлээх дьону дойдугар таһыма. Онтуҥ куһаҕан түмүктээх буолуо», — диэн.

5. Айылҕаҕа айдаарыма, улаханнык тыаһаама-ууһаама. Аан Алахчын Хотун уонна түөлбэ иччилэрэ итини сөбүлээбэттэр. Ийэ Айылҕа уйулҕатын хамсатыма.

6. Кыылы-сүөлү, куһу-куобаҕы, балыгы бултуургар кыратын, оҕотун кыргыма. Хойут наада буолуо. Маны тутуспатаххына, Баай Байанай киэр хайыһыа.

7. Ийэ сиргэр сынньанаргар, үлэлииргэр, бултуургар куруутун Аар Айыыларга үҥэ — сүктэ, сирдээҕи үтүө иччилэртэн көрдөһө сырыт.

8. Ийэ сиргин таптаа, оччоҕо кини эмиэ эйигин таптыаҕа. Ийэ сири таптаабат эрээри киниэхэ чугаһыы, киниттэн ону-маны былдьаан ыла сатаама, онтуҥ ыар аньыы,  үүнэн турар күөх ойууруҥ, бултуур балыгыҥ, куһуҥ, куобаҕыҥ, тайаҕыҥ, туртаһыҥ, чубукуҥ, уларыҥ, баай-дэлэй сир аһа, ып-ыраас уу, минньигэс салгын, сылааны аһарар сиккиэр тыал — бу барыта Ийэ сириҥ бэлэҕэ буолар. Кини итини эйиэхэ анаан оҥорбута, үүннэрбитэ, ииппитэ-үөскэппитэ, бэлэмнээбитэ. Онно кыратык да халы-мааргытык сыһыаннаһарыҥ, сыыһа саҥарарыҥ барыта аньыы, ону өйдөө!

9. Киһи барыта айылҕаттан бэйэтигэр сөптөөҕү эрэ ылара, кинини киртиппэтэ, алдьаппата буоллар, Ийэ Айылҕа киһини өссө да өр иитиэ-аһатыа этэ. Ону өйдөө, маны кэһэр ыар аньыы!

10. Бэлэм ас-таҥас халлаантан саккыраабат. Барытын Ийэ Айылҕаҥ биэрэр. Киниттэн сөптөөхтүк ылан аһыырга-таҥнарга үөрэн.

11. Ийэ Айылҕаҥ тыыннаах, сүдү үтүө санаалаах күүс, тыын буоларын умнума. Ийэ Айылҕа олус үтүө санаалаах, ол гынан баран атаҕастаатаххына, кытаанахтык иэстэһиэн сөптөөх. Ону өйдөө!

12. Ийэ Айылҕаны Аар Айыылар көмүскүүллэр. Ити сүдү көмүскэл буоларын умнума.

13. Ийэ Айылҕаҕа таҕыстаххына, туох барыта кулгаахтаах, харахтаах, ону өйдүүр наада. Кыратык да сыыһа быһыыланныҥ, саҥардыҥ даҕаны Ийэ Айылҕа ону тута билэр.

14. Ийэ Айылҕаҕа тахсыаҥ иннинэ Аар Айыылартан үҥэн-сүгүрүйэн көрдөс. Айылҕаҕа таҕыстыҥ да туох эрэ үчүгэйи оҥоро сатаа: ыраастаа, саламата ыйаа, алҕаа, ууну, ойууру, хонуулары, көтөрү-сүүрэри уот алгыһын ыытан ыраастаа, чэгиэрт, тупсар, элбэт. Ону Ийэ Айылҕаҥ тута билиэҕэ. Итини хас сырыыҥ аайы толор. Өскөтүн эн чахчы алгыстаах буоллаххына, алҕаабыт миэстэҥ үрүҥ тунаҕынан бүрүллүөҕэ, айыы сарыалынан сандаарыа, Аан Алахчын, сир-дойду, түөлбэ иччилэрэ үөрүөхтэрэ, эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор дьиэрэҥкэйдээн тэбиэхтэрэ, Сир Ийэ налыйыа, наскыйыа, барыта ала бэлиэ буолуо. Оттон саталаах, дьайдаах аньыылаах-харалаах киһиттэн Айылҕа тута курустуйа түһэр. Оннук киһи өр Аар Айыыларга үҥэн-сүгүрүйэн ыраастанан баран айылҕаҕа тахсыан наада.

15. Ийэ Айылҕаҕа күргүөмүнэн сылдьыы, айдаарыы олус улахан сыыһалардаах. Итиннэ аньыы ааҕыллар. Аныгы араас музыканы тыаһатыы, часкыйыы, хаһыытааһын-ыһыытааһын Ийэ Айылҕа уйулҕатын аймыыр. Ийэ Айылҕаҕа быһаарбакка, чуолкайдаабакка эрээри оһуокайдаан барыы эмиэ табыллыбат. Оһуокай барар сиригэр барыахтаах.

16. Айылҕаҕа сылдьан иирсии, этиһии, охсуһуу, арыгылааһын, наркотигы туттуу булгуччулаахтык утарыллар.

17. Оту-маһы туһата суохха алдьатыы, кыылы-сүөлү мээнэ өлөрүү эмиэ ыар аньыы.

18. Мээнэ эппэттэр: «Үтүө киһи хоммут отуутун оннун кыайан булбаттар», — диэн. Ол аата, кини кыра да сыыһы хаалларбат, оту-маһы алдьаппат, уотун оттуммут сирин суох оҥорон баран барар.

19. Мээнэҕэ эппэттэр: «Куһаҕан киһи биир хоммут отуутун онно уон сылга оспот», — диэн. Ол аата, кини айылҕаны оччо улаханнык алдьатар, кири-дьайы, бөҕү-сыыһы хаалларар.

20. Аар Айыы итэҕэлэ: «Салаҥ киһиттэн хара тыа маһа барыта ытыыр», — диир. Сатаабакка сата баһын тардан айылҕаны алдьатыы туһунан этиллэр. Иккиһэ сатаан уһаммат киһиэхэ этиллэр өйдөбүллээх.

21. Киһи техниканан сэбилэнэн айылҕаны алдьатыытын Аар Айыы итэҕэлэ кытаанахтык утарар, киһи Ийэ Айылҕаны утары абааһы күүһүн туһаныытын курдук  ылынар.

22. Айылҕаҕа Айыы күүһэ айар-тутар, оҥорор-тупсарар, үүннэрэр-үксэтэр, ыраастыыр-чэгиэрдэр, алгыыр-араҥаччылыыр, тилиннэрэр, абырыыр-быыһыыр, айыылыы тыынныыр күүс буолар.

Оттон абааһы күүһэ айылҕаны алдьатар, хара буорунан, туус тукулаанынан көрдөрөр, өлөрөр-өһөрөр, сиир-аймыыр, ыһар-тоҕор, суох оҥорор, уоттуур, хара тордоҕунан көрдөрөр, өлөрөр-өһөрөр, сиир-аймыыр, ыһар-тоҕор, суох оҥорор, уоттуур, хара тордоҕунан көрдөрөр, быртаҕырдар, киртитэр, дьайдыыр күүс быһыытынан биллэр. Маны барытын арааран өйдүүр хайаан да наадалаах.

23. Ийэ Айылҕа барыбыт Ытык Ийэбит буолар, онон киниэхэ сыһыан эмиэ оннук буолуохтаах.

24. Айылҕаны харыстааччы аатыраары сымыйалыыр, көрүҥ биэрэр, көлдьүнү дойҕохтуур сыыһа. Ийэ Айылҕаҕар чугас, кинини үчүгэйдик билэр буоллаххына эрэ, кинини дьиҥнээхтик таптыаҕыҥ уонна көмүскүөҕүҥ.

25. Айылҕаттан күүстээх Аан Дойдуга үөскүү илик, Айылҕаттан өйдөөх, кыраһыабай уонна үрдүк эмиэ. Ол иһин киһи-аймах айылҕа таһымыгар чугаһыы сатыыр уонна ону кыайбакка мунар-тэнэр, сыыһа суолларынан барар. Ити көстүү дьиҥнээх олоххо көстө сылдьар.

26. Киһи айылҕа оҕото дэнэр. Ол аата, Ийэ Айылҕаҕар төрөппүт ийэҕэр сыһыаннаһарыҥ курдук сыһыаннаһарыҥ сөптөөҕүн өйдөө.

27. Киһи уонна Ийэ Айылҕа быстыспат ситимнээхтэрин эрэ тухары Орто Дойдуга олох баар буолуоҕа. Ийэ Айылҕаны кытта киһи-аймах ситимэ быһыннаҕына, сиргэ киһи олорон бүтүөҕэ.

28. Цивилизация киһини айылҕаттан тэйитэр дьайыылаах. Онон төһө кыалларынан айылҕаттан тэйбэтэх цивилизацияны олохтуу сатыыр булгуччулаах. Ити гармонияны сатаан олохтообут норуот сиргэ баһылыыр оруолу ылыаҕа.

29. Алаастарыгар хаалбыт дьон норуот эбиллиитигэр элбэҕи биэрэллэр.

30. Арыгы, табах, наркомания саха дьонугар улахан быһыттар буолаллар. Ити быһыттары кыайара буоллар, саха норуота сайдыа этэ. Ийэ Айылҕа ити дьаллыктартан хомойор, итирик киһи мээнэ лабысхата кинини киртитэр.

31. Аҕа Халлаан уонна Сир Ийэ айыылыы ситимнэрин куруук өйдүүр буол, эн эмиэ онтон үөскээбитиҥ.

32. Хаар, самыыр барыта туһалаах буолбатах.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх