Site icon SAKHALIFE

Аар Айыы итэҕэлэ уол оҕону иитии туhунан

…Былыргы итэҕэлбит уол оҕону сөпкө иитэн Айыы эр киһитэ оҥоруу туһунан улахан туспа Үөрэхтээх этэ. Уол оҕо ыалга төрөөтөҕүнэ, уот иччитэ Хатан Тэмиэрийэ үөрэрэ. Кини: “ Бу уол үтүө киһи буолан аһатыа, сиэл быраҕан сыт таһаарыа, сылаас холумтаннаах, аал уоттаах, алаһа дьиэлээх Айыы киһитэ буолан сүөһү иитэр, булт бултаан үөрдүө-көтүтүө. Өссө биир аһатар, айах тутар киһи көһүннэ”, — диэн үөрэрэ, күлүбүрүү, бычыгырыы умайара.

    Аан Дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун: “Ураа муостааҕы ууһатар, сыспай сиэллээҕи сыһыыларга тэнитэр, ырааҕынан олохсутар, киһини-сүөһүнү үксэтэр,баайы-дуолу барҕардар, үбү-аһы үрүлүтэр үтүө киһи төрөөтө. Саатаан көрөр хатыҥнарбар салама ыйыаҕа, кэтээн көрөр кэрии тыабын киэргэтиэҕэ, Ийэ сирин чэбдигирдиэҕэ, күөх тыатын көмүскүөҕэ, алаас,  сыһыы сирдэрин нүөлсүтүөҕэ, быйаҥы баһыаҕа, уйгуну олохтуоҕа”, — диэн үөрэн-көтөн, толуу-хаан бэйэтинэн хотолдьуйа хааман уол оҕо төрөөбүт алаһатыгар чугаһыыра.

      Оттон баай хара тыа иччитэ Баай Байанай: “Ох сааннан ойдоох бууру охторор, уоттаах саһылы ойуурга бултуур, хагдаҥ эһэни хатан үҥүүннэн үөлэр, илиитигэр тутуурдаах, көпсө сөгөлөөн сүгэһэрдээх, аартыгар айалаах, тумул сирдэргэ туһахтардаах, ойуур тыаҕа уоттаах, үгүс сиргэ үүтээннээх үтүө булчут буолар киһи төрөөтө, — диэн көх-нэм буолан, күлүмүрдүү үөрэн күөх элэмэс буурдарын көлүнэн уол оҕо төрөөбүт ыалыгар ыстаннарар.

    Күөх уулар иччилэрэ Күөх Боллох Тойон күндү балыктаах улуу хомотуттан быган олорон: “Үрүҥ көмүс хатырыктааҕынан күнүн дьонун күндүлүүр, аалыы көмүс хатырыктааҕынан айыы дьонун абырыыр ааттаах киһи төрөөтө. Ааттаах муҥханан аҕыс улууһу аһатыа, баартаах баадьынан бар-дьонун абырыа. Иллэҥ кэмигэр туулуо, тымтай, куйуур сүгэһэрдэниэ, тыынан, оҥочонон сүүрдүө, бастыҥ балык аһылыктаныа, үтүө балыгынан өлүүлэниэ, ириэнэх балык ирээттэниэ, тоҥ балык тиэйиилэниэ”, — диэн эмиэ үөрэн олорон алгыыр-сиилиир, амарах тыллары этэр.

   Дьэ, бу уол оҕо хайдах, хантан айыллан үөскээтэ, төрөөтө. Аар Айыы итэҕэлин быһыытынан аньыыта-харата суох өлбүт дьон Ийэ Куттарын Салгын Куттара өрө көтөҕөн таһааран Үрүҥ Аар Тойон эйгэтигэр тириэрдэр. Онно тиийэн өссө ырааһырбыт Ийэ Куту Айыыһыт Үрүҥ Аар Тойонтон көрдөһөн ылан оҕолонор дьоҥҥо эр киһиэхэ уу дьулайынан иҥэрэр. Эр киһи ону Ийэ буолуохтаах дьахтар кургумугар тириэрдэн оҕо үөскээн бу уол оҕо төрөөбүт. Оҕо үөскүүрүгэр ходьоҥ имэҥи түһэрэн Эдьэҥ Иэйэхсит эмиэ көмөлөспүт.

  Оҕо төрөөбүтүн үһүс күнүгэр оҕоломмут үөрүүлээх дьоннор Айыыһыты атаарар улахан малааһыны тэрийбиттэр. Чугастааҕы эдэр дьахталлар оҕолоноору, сирэйдэрин арыыннан бистэ-бистэ, күлбүттэр-салбыттар. Былыргы итэҕэл быһыытынан оннук улаханнык күлбүт-үөрбүт дьахтарга  Ахтар Айыыһыт сотору кэминэн эр киһинэн оҕо Ийэ Кутун тириэртэрэн оҕолонор үөрүүнү биллэриэхтээх.

   Оҕо төрөөтүн кытта, Дьылҕа Тойон бу  оҕо инники дьылҕатын дьылҕалаан, аҕыс кырыылаах таас остоолбоҕо Уһун Дьурантаайы Суруксукка суруйтарар. Ол мүлчүрүйбэт дьылҕа буолар. Оҕо улаатан киһи буолуохтааҕа, тугунан дьарыгырыахтааҕа, төһө баай-тот киһи буолара, хаһан, кими кэргэн ылара, төһө оҕолонуохтааҕа, төһө сааһыгар тиийэн өлүөхтээҕэ онно барыта суруллар.

    Үрүҥ Аар Тойон анатыылаах, Чыҥыс Хаантан ыйаахтаах, Одун Хаантан  оҥоһуулаах туспа, ураты киһи төрөөбүт буоллаҕына, бу Аар Айыылар бэйэлэрэ Дьылҕа Тойону кытта бу оҕону дьылҕалаһаллар, үрдүк аналын түстүүллэр.

    Уол оҕо төрөөн, аҕыйах хонугунан дьон ахсааныгар киирээтин, төрөппүттэрэ кинини үөрэтэр-иитэр киһини булаллар. Оннук киһи оҕо эһэтэ,  чугас аймах кырдьаҕас, муударай киһи буолуохтаах.

    Үөрэтэр-иитэр киһи  оҕо ону-маны өйдүүр, билэр буолаатын, ол аата, үс сааһыттан үөрэтэн-иитэн барар. Кини оҕону куһаҕан дьон сабыдыалларыттан көмүскүүр. Оҕо сыыһа быһыытын-майгытын тута көннөрөн үтүө суолларга сирдиир. Оҕо сыыһа саҥарарын, сыыһа өйдөбүллэрин тута көннөрөн иһэр. Оннук сыыһа дьайыылары “аньыы!”  диэн тылы истээтин, тохтоон курус гына түһэргэ, толкуйдуурга үөрэнэр. Оҕо үөрэтээччититтэн: “Аньыы! диэн тугуй?” — ыйытар. Онно үөрэтээччи: “ Үөһээ Халлааҥҥа дьону, айылҕаны салайар таҥаралар — Аар Айыылар бааллар. Кинилэр киһи куһаҕан быһыытыгар, сыыһатыгар, тылыгар аньыы ааҕаллар. Аньыы диэн — Аар Айыылар сэмэлээһиннэрэ ааттанар. Таҥара сэмэтигэр тиксии — ыар буруйдааһын. Онон туох эрэ сыыһаны оҥордоххуна “аньыы!” диэн буойдулар даҕаны, тута тохтуу түһүөхтээххин. Оччоҕо аньыы ааҕыллыбат” — диэн оҕону өйдөтөр. Өйдөөх, айылҕаттан үтүө, көнө майгылаах, умнугана суох оҕо  бу үөрэҕи түргэнник ылынар уонна үчүгэй, куһаҕан диэни түргэнник  өйдүүр, ылынар. Кини хойут бэйэтэ үөрэтээччи буолуон сөптөөх. Оҕо кыра сааһыгар итинник ытык кырдьаҕас үөрэҕин барыыта хайаан да наадалаах. Маннык иитиллибит дьоннортон дьиҥнээх Айыы дьоно тахсаллар.

   Уол оҕо биэс сааһыттан бойбурун кыанан барар. Бу кэмтэн саҕалаан үөрэтээччи кинини элбэхтик айылҕаҕа илдьэ сылдьар, кыраны бултата үөрэтэр. Оҕо айылҕаны билэн, өйө-санаата үрдээн, боппуруостара, билэ-көрө сатыыра үксүүр. Үөрэтээччи үлэтэ улаатар. Бу түгэҥҥэ кини билиитэ-көрүүтэ улахан буоллаҕына эрэ, дьоҕурдаах оҕо интэриэһиргиир боппуруостарыгар толору эппиэттэһэр кыахтаах. Өйдөөн кэбиһиҥ, бу дьиэтээҕи улахан үөрэтии-иитии оскуолатын ааспыт оҕону  салгыы үөрэтии-иитии буолар. Кини үчүгэй-куһаҕан диэни үчүгэйдик билэр, Үөһээ Аар Айыылар тустарынан үгүс кэпсэли  истибит, ону тылыттан-тылыгар тиийэ өйдүүр. Таҥара, абааһы эйгэлэрин, үөрэтээччитин үөрэҕин быһыытынан, эмиэ үчүгэйдик билэр, дьон-сэргэ быһыытын-майгытын ис санаатынан сөптөөхтүк ылынар, Аан Дойду тутулун туһунан араас космическай хабааннаах үгүс боппуруостары төбөтүгэр илдьэ сылдьар, аны Ийэ Айылҕа ис кистэлэҥнэрин үөрэтэн эрэр оҕо ээ, бу.

   Кини Уот — Хатан Тэмиэрийэ, Аан дойду — Аан Алахчын диэн иччилэрдээхтэрин уруккуттан билэр. Аны үөрэтээччититтэн ойуур-тыа,  булт, Баай Байанай, күөх уулар — Күөх Боллох Тойон диэн иччилэрдээхтэрин билэр. Кини сыыйа үөрэтээччититтэн ити үтүө иччилэртэн көрдөһөр алгыстары алгыырга үөрэнэр.

   Өссө былыр уол оҕону биэс сааһыттан сатаан сэриилэһэргэ, айыы дьонун араҥаччылыырга, күн дьонун көмүскүүргэ үөрэтэллэрэ. Биэс саастаах уол оҕону  уоттаах чоҕунан сыгынньах этигэр тамнаан сыыйа туохха да таптарбат аһарыык оҥороллоро. Ити кэнниттэн  салгыы мултугур төбөлөөх оноҕоһунан, мас батыйанан охсуолаан, мас үҥэнэн сэрэнэн анньыалаан аһартара үөрэтэллэрэ. Түмүгэр, уол оҕолор, туохха да таптарбат буолан хаалаллара. Сатаан көмүскэнэр, охсуһар буола үөрэнэллэрэ. Бу олоххо наһаа туһалаах уонна сорох кэмнэргэ наадалаах этэ. Аар Айыы итэҕэлэ этэринэн, ити ньымаларга үөрэтии эмиэ айыылыы ис хоһоонноох этэ. Ол аата, араас охсуһуу, көмүскэнии албастарыгар үөрэнэн дьону-сэргэни, оҕону, дьахтары, кырдьаҕаһы,  төрөөбүт түөлбэҕин көмүскээ. Оттон ити кыаххын куһаҕаҥҥа — дьону-сэргэни халааһыҥҥа, кырбааһыҥҥа, өлөрүүгэ-өһөрүүгэ туһаннаххына, эн ыар аньыыны оҥостоҕун. Оттон эн халабырдьыты, дьоҥҥун-сэргэҕин атаҕастыыр, өлөрөр-өһөрөр дьону утары охсуһарыҥ сөптөөх диэн үөрэтэллэрэ уонна куруутун бэлэм буол дииллэрэ.

   Уол оҕо 7-8 сааһыгар чугас сирдэргэ улахан дьону кытта көҥүл сылдьара. Көлөнү миинэрэ, кыраны бултуура, туһаҕы, сохсону  сатаан иитэрэ.  Кини хайа-сахха  улахан киһилии дуоспуруннаахтык туттара. Бу сааһыттан саҕалаан үөрэҕэ эмиэ ыарыыр этэ. Уол оҕо бу сааһыттан саҕалаан сылгыны көрөргө-иитэргэ үөрэнэрэ. Аты көрөргө-харайарга, миинэргэ, көлүнэргэ улахан үөрэҕи барара. Кыра соҕус булду бултууругар сөптөөх ох саа, батыйа оҥорон биэрэллэрэ. Көмүскэнии үөрэҕин саҥа кэрдиис кэмигэр тахсара, бу үөрэх саҥа, уруккутааҕар уустук, ньымаларыгар үөрэнэрэ. Олортон биири аҕыннахха, аты миинэн, ат үрдүгэр олорон охсуһууну, көмүскэниини үөрэтэрэ. Бу сааһыттан саҕалаан атын саҥа  идэлээх үөрэтээччилэр үөрэтэн киирэн бараллара. Уол оҕолор кэлин ханнык идэлээх дьон буолалларын мындыр кырдьаҕастар таба таланнар, сүбэлээннэр, онно үөрэтии саҕаланара. Холобур, ким тимир, мас ууһа, ким булчут, ким үлэһит, ким эмчит, отоһут о. д. а. Оттон ойуун, сороҕор Айыы ойууна буолуохтаах оҕо туспа талыллан эмиэ туспа үөрэҕи барара. Бу сааһыгар тиийбит оҕо таҥараҕа үҥүүнү-сүгүрүйүүнү таах сатыыр буолуохтаах. 9-10-11 саастаах уолаттары үөрэтии өссө уустугурар.  Бу  саастарыгар уолаттар оту оттооһун, маһы мастааһын, сири оҥоруу курдук үлэлэри сатыыр, билэр буолуохтаахтар. Күүстэрэ-уохтара эбиллэн иһэрин быһыытынан, араас эрчиллиилэр эмиэ элбииллэр, уустугураллар. Аттаах да, сатыы да сылдьан охсуһуу, көмүскэнии ньымаларын билиэхтээхтэр. Бэрээдэк өссө кытаатар. Күүһүнэн, кыаҕынан өттөйүү кытаанахтык сэрэтиллэр. Кэһэр түбэлтэҕэ Ытык Кырдьаҕастар Сүбэлэрэ дьүүллээһинэ буолар. Уолаттар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара дьиҥнээх айыы киһитэ айыы киһитигэр сыһыаннаһар ирдэбиллэригэр сөп түбэһэн улахан доҕордуу, айыылыы буолуохтаах. Бу кэмтэн билгэлээһин, инникини өтө көрүү үөрэҕэ киирэр. Ону барытын Аар Айыыларга үҥэн—сүгүрүйэн уонна  тус бэйэ дьоҕурунан, айылҕаны кэтээн көрүүнэн билии быһыытынан ыытыллар. Атын хараҥа күүстэри, үөрдэри ыҥырыы, кинилэртэн ыйыталаһыы, ыар аньыы уонна абааһы сабыдыалын быһыытынан сыаналанан кытаанахтык бобуллар. Бу кэмҥэ уолаттар орто булду бултуу үөрэнэллэр. Булду оҕунан үчүгэйдик ытыы олус сыаналанар. Үөрэтээччилэртэн сөптөөх, сиэрдээх эрэ боппуруостары ыйыталаһыы көҥүллэнэр. Уолаттар бу саастарыгар дьиэ үлэтин, кыайар өттүлэрин барытын сатыы үөрэнэллэр. Идэнэн арахсар үөрэнии улаатар. Ол эрээри, кинилэр, сүрүн биирдии кырдьаҕас үөрэтээччилээхтэр. Кинилэр, син биир уруккуларын курдук, уолаттар  иитиилэригэр сүрүн баһылыыр оруолу ылаллар.

12-15 саастарыгар уолаттар ортоку олук үөрэҕин бараллар. Кинилэр үөрэнэн бүтүүлэригэр улахан дьон буолан эрэр ортоку олук үөрэҕин бүтэрбит, идэлэрин баһылыыр суолга үктэммит эдэр айыы уолаттара буолаллар. Бэрээдэк, ирдэбил өссө кытаатар, ол эрээри, үөрэнээччилэр үтүө иитиилээх буоланнар, ону чэпчэкитик ааһаллар. Кинилэр Аар Айыыларга үҥүүнү-сүгүрүйүүнү бары холкутук сатыыллар, дьиэ үлэтин, оту-маһы булууну,  сүөһү иитиитин барытын билэллэр. Сэрии буолар, өстөөх суоһуур түбэлтэтигэр кинилэр эдэр, чэпчэки сэрииһиттэр быһыытынан кыттыыны ылаллара. Идэни баһылааһыҥҥа саҥа үрдүк таһымнарга тахсаллар.

 16-19 диэри саастарыгар кинилэр ситии-хотуу үөрэҕин бараллара. Аар Айыы алгыстарын судургу өттүлэрин ыыта үөрэнэллэрэ, алгыыллара. Бу түһүмэҕи бүтэриилэригэр араас ньымалары баһылаабыт эдэр буойуннар буолаллара. Ситии-хотуу түһүмэҕэ эдэр уолаттарга бэрт элбэх, олоххо туһалаах үөрэтиини биэрэрэ. Уолаттар кэргэн ылан, дьиэ-уот тэринэн олоруу туһунан үчүгэй таһымнаах үөрэҕи ааһаллара. Аҕалара-ийэлэрэ, эһэлэрэ уолаттар барар үөрэхтэригэр сүүнэ улахан сабыдыаллаахтара. Кинилэр уолаттар айыы киһитэ буоларга,  салгыы олох олорорго, идэ ыларга, бэйэни сайыннарыыга, үтүө киһи буоларга төһө сөптөөх  уонна таһымнаах үөрэҕи баралларын кыраҕытык кэтээн көрөллөрө. Дьэ, ол иһин, ыччаттар төһө да сурукка-бичиккэ, наука билиниллибит төрүттэрин үөрэтиигэ дьарыгырбатахтарын иһин, дьиҥ Аар Айыы үөрэҕин баран,  үтүө дьон буолан тахсаллара. Бу уһун олус туһалаах үөрэх устатын тухары уолаттар киһиэхэ бэйэтигэр баар итэҕэстэри утары охсуһуу,  кинилэри кыччатыы улахан систиэмэтигэр үөрэнэллэрэ. Киһиэхэ баар сүрүн итэҕэстэрин: ымсыы, ордугумсах, иҥсэлээх буолууну, киһиэхэ куһаҕаны баҕарыыны, киһиэхэ сыыһа кыыһырыыны, киһини үөҕүүнү, кэнниттэн саҥарыыны, киһи туһунан сымыйаны, хобу-сиби хомуйууну о.д.а. утары бу үөрэх улахан охсуһууну ыытара. Уолаттар бэйэлэригэр баар итэҕэстэри үөрэтээччилэр көмөлөрүнэн көннөрөллөр. Бу эмиэ уһун сындалҕаннаах үлэ этэ. Бу үөрэҕи эр киһи дьахтарга, кэргэҥҥэ, оҕоҕо, кырдьаҕастарга сыһыаныгар улахан чуолкай үөрэтиилэр, быһаарыылар, иитэр суолталаах этиилэр бааллара. Онон уолаттар ыал аҕата буоларга, оҕону иитиигэ, кырдьастары көрөргө-харайарга анал улахан иитиини барбыт, онно бэлэм дьон тахсаллара. Ийэ суолтатын өйдөөһүн Аар Айыы итэҕэлэ баар эрдэҕинэ үрдүк таһымнаах этэ.

 Айыылыы майгылаах, үлэни-хамнаһы сатыыр, кыайар, бэйэни көмүскэнии үөрэҕин барбыт, олоххо, үлэҕэ анал идэлэрдээх, өй-санаа, күүс-уох өттүнэн сайдыылаах эдэр ыччат бөлөҕө итинник иитиллэн тахсан иһэрэ норуокка саҥаттан-саҥа үтүө күүс кутулла турарын курдук суолталааҕа.  Былыргы Аар Айыы үөрэҕин биир сүрүн күүһэ итиннэ сытара.

Аҕа ууһун баһылыктара, Айыы ойууттара норуоттара үчүгэй астаах-таҥастаах буолуутугар олус кыһаллаллара. Ас-таҥас дэлэй буоллаҕына дьон-сэргэ чэбдик, күүстээх-уохтаах, тэтиэнэх ыччаты биэрэр кыахтааҕын кинилэр наһаа үчүгэйдик өйдүүллэрэ. Ол иһин элбэх сүөһү иитиллэр кыахтаах, үчүгэй бултаах-алтаах бүтэй, нүөл сирдэргэ олохсуйарга кыһаллаллара уонна оннук сири-уоту таба тайанан булаллара. Сылгы, ынах сүөһү элбээһинигэр наһаа улахан болҕомтолорун уураллара. Былыргы киһи олоҕун сүрүн илгэтэ ити этэ. Кыһыҥҥы өттүгэр муҥха тэрийэн, быһыт быһан элбэх балыгы хоторон норуот бүттүүн аһыыр усулуобуйатын тэрийэллэрэ. Аһыыр ас, таҥнар таҥас баар буоллаҕына, итинник үөрэх  норуокка тэнийэн, туһалаах буолуоҕун ити мындыр бэйэлээх салайааччылар аһара бэркэ өйдүүллэрэ.

Биир сүрүн кыһамньылара биистэр икки ардыларыгар, дьоҥҥо-сэргэҕэ иирээн тахсыбатын курдук үлэлээһин этэ. Айыы ойууттара: «Дьон иирээниттэн Аар Айыылар кэлэйэллэр, сирдээҕи үтүө иччилэр хомойоллор, бары киэр хайыһаллар. Онон иирээн, мөккүөр, этиһии, охсуһуу тахсыа суохтаах. Кыра да иирээн улаханы үөскэтэр кутталлаах. «Тыалынан саҕаламмыт холорук буолар» диэн былыргы үөрэх этиитэ итини быһаара, кэпсии сылдьар» диэн үөрэтэллэрэ. Кинилэр салгыы: «Эйэлээх норуоту ким да кыайбат, элбэх оҕу ким да тосту туппат» диэн өссө дириҥэтэн, өйдөтөн биэрэллэрэ. Аар Айыы итэҕэлэ уолаттары ити курдук үөрэтиитэ, иитиитэ дириҥ ис хоһооннооҕо, суолталааҕа итинтэн көстөр.

Элбэх үчүгэй иитиилээх, чэгиэн-чэбдик ыччаттардаах биис кэлин норуокка баһылыыр оруолу ылара. Күүстээх биис баһылыыр оруолу ыллаҕына, норуот түмсүүтэ өссө күүһүрэр, улаатар. Оччоҕо үөрэтии, иитии өссө үрдүк таһымнаахтык барар. Түмүгэр, Аар Айыы итэҕэлигэр, бэйэлэрин норуоттарыгар наһаа улахан бэриниилээх дьон үөскээн тахсаллар. Өйдөөн көрүҥүтүй, П.Головин бойобуода саха 23 бастыҥ киһитин, ол иһигэр Айыы ойуунун Уһун Ойууну, Дыгын икки уолун Чаллаайыны, Бөдьөкөнү ыйаталаан өлөрүөн иннинэ киһи сатаан эппэт ынырык накаастабылынан накаастаабыта уонна сахалартан сымыйа көрдөрүүлэри ыла сатаабыта. Ол сымыйа көрдөрүүлэр түмүктэринэн П. Головин сахаларга улахан геноцид оҥоруохтаах этэ. Ону баара, ити ынырык накаастабылынан биир да саха сымыйа көрдөрүүнү биэрэрэ ситиһиллибэтэҕэ. Өбүгэлэрбит дьэ, чахчы киһи  киэҥ туттар, чахчы сүдү дьоннор эбиттэр!!! Ити накаастабылы, бэл, П. Головинныын бииргэ сылдьар нуучча дьоно сөбүлээбэтэхтэрэ, бэркэ кэлэйэн сурукка-бичиккэ киллэрбиттэрин билигин ааҕабыт, билэбит.

Уол, кыыс оҕолору айыы дьоно оҥорор иитии систиэмэтин айбыт итэҕэл бу улахан итэҕэл буолар. Оннук туспа иитии систиэмэлээх Аар Айыы итэҕэлэ былыр саха норуотугар бэрт элбэҕи биэрбитэ. Бу иитии уолаттары, кыргыттары өйдөрүн-санааларын кыра саастарыттан бэрээдэктиир, сайыннарар, тосту-туора, сымыйа үөрэхтэртэн, дойҕохтортон быыһаан, тута Аар Айыы итэҕэлигэр киллэрэр, кинилэр айылҕаттан туох талааннаахтарын, дьоҕурдаахтарын сайыннарар, Ийэ Айылҕаҕа сөпкө олорорго үөрэтэр. Үөрэх сыыһа тылы-өһү, халы-мааргы туттууну тута көннөрөн, өйдөтөн иһэр. Итирдэр-иирдэр оҥоһуктары, үүнээйилэри, аһы туттууну таһыччы утарар. Дьэ, ол иһин, былыргы саха ойууттара, эмчиттэрэ итирдэр утахтары оҥорууну, наркотиктары туттууну саха дьонугар хаһан да үөрэппэтэхтэрэ. Кинилэр итинниктэри оҥоруу кистэлэҥнэрин уонна олор буортулаахтарын былыргыттан билэр этилэр. Ол иһин бэйэлэрин норуоттарын куһаҕан дьаллыктартан быыһаабыттара. Бу манна Аар Айыы итэҕэлэ сүрүн оруолу оонньообута чуолкай. Түмүгэр, саха былыргы киһитэ итирдэр, иирдэр утахтары, буруону билбэт этэ. Сиэргэ-туомҥа туттуллар буруолар эмиэ туох да наркотическай дьайыыта суох этилэр, үксүн онно кытыан, сэппэрээк, хатыҥ сэбирдэҕэ, сиэл, сир сыта (бухарааскай от) туттуллара. Саха сиэригэр-туомугар ол буруо дьоҥҥо дьайар сыаллаах туттуллубата. Ити буруону сиэргэ-туомҥа ыҥырыллар күүстэр сөбүлүүллэр диэн өйдөбүлтэн тахсан буруолатар этилэр.

Уол, кыыс оҕолору тус-туһунан иитии, кинилэр половой олоҕу кэргэннии буоллахтарына, саастарын ситтэхтэринэ биирдэ билиэхтээхтэр диэн Аар Айыы итэҕэлин ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрии этэ. Былыргы саха өйдөбүлүнэн, итинник ыраас сылдьан холбоспут уоллаах кыыстан үчүгэй оҕолор төрүүллэр диэн этэ. Бу эмиэ былыргы итэҕэлбит ирдэбилэ, үөрэтиитэ буолар. Онон Аар Айыы итэҕэлэ норуоту чөл, чэгиэн-чэбдик, күүстээх-уохтаах, үрдүк өйдөөх оҥорууга олус улахан суолталааҕа. Дьэ, ол иһин былыр бу аҕыйах ахсааннаах омук уһулуччу өйдөөх, талааннаах, күүстээх-уохтаах дьоннордоох этибит.

Бу үөрэх биир үчүгэй, наадалаах өрүтүнэн ыччат ытык кырдьаҕастар тылларын-өстөрүн өйдөөн истэр уонна онтон бэйэтигэр туһалааҕы ыла, туһана үөрэниитэ этэ. Былыргы дьон өйдөөх ытык кырдьаҕас дьону олус үрдүктүк тутар, ытыгылыыр этилэр. Бу эмиэ Аар Айыы үөрэҕэ буолар. Ытык кырдьаҕастар ыраахтааҕыны, биис ууһун баһылыктарын кытта тэҥҥэ тутуллаллара. Ити умнуллубутун кэннэ норуокка сөптөөх иитии сүппүтэ. Аар Айыы итэҕэлэ бобуллуоҕуттан сахаларга былыргы иитии систиэмэтэ сүппүтэ. Билиҥҥи саха мэйиитэ, этэ-хаана араас информация, араас наадата суох, сороҕо наадалаах билии-көрүү хаата буолан сылдьар. Ол иһин былыргы итэҕэлбит туһунан суруйуулар ити булкааһык билии таһымыгар, үксүгэр экстрасенсорика мөлтөх көрүҥүн быһыытынан буолаллар. Дьэ, ол иһин Аар Айыы итэҕэлин, дьиҥнээҕин, төһө кыайарбынан суруйабын, норуоппар тириэрдэ сатыыбын.

Аар Айыы итэҕэлэ уолаттары, кыргыттары үлэни-хамнаһы сатыырга үөрэтэр. Ким үлэни-хамнаһы сатыыр, ким күүстээх-уохтаах, чэгиэн-чэбдик — ол үчүгэйдик олорор, элбэҕи оҥорор, оҕолорун үчүгэйдик иитэр. Үлэҕэ дьоҕурдаах, элбэҕи сатыыр киһи дьоллоох киһи. Тоҕо диэтэххэ, олох үлэнэн оҥоһуллар. Үлэлээн дьиэ-уот тэринэҕин, сүөһү иитэҕин, оҕо-уруу төрөтөн, иитэн-аһатан дьон оҥортуугун. Үлэ эйигин күүскүн-уоххун, өйгүн сайыннарар, киһи оҥорор. Билигин сир үрдүгэр олорор сайдыылаах баай дойдулар үксүн сиртэн хостонор баайы соролоон сиэн байдылар, техническэй өттүнэн байдылар. Биһиги кинилэри үтүктэбит, улуулар диэн кинилэргэ сүгүрүйэбит. Ити быстах көстүү. Сиртэн хостонор баай бүтүөҕэ. Оччоҕо, ити, сири модун техниканан хастаран аһаабыт, байбыт дойдулар эстиэхтэрэ. Тоҕо диэтэххэ, ити дойдулар норуоттара үгүстэрэ үлэни — оҥорон таһаарар үлэни, сатаабат дьоннор. Кинилэр сиртэн ылан аһы-үөлү оҥорууга үлэни сатыыр омуктарга баһыйтарыахтара. Дьэ, ол иһин, кытай былыргы улуу бөлөһүөгэ Конфуций, кытай норуотугар хаһан да илиинэн хара үлэни үлэлииргитин быраҕаайаҕыт диэн кэс тылын эппитэ. Дьиҥин ыллахха, техниканан сэбилэммит Европа, Америка дьоно Орто Дойду олоҕор улахан охсууну оҥордулар. Кинилэр сир бары норуоттарын, кинилэр олорор климаттарын усулуобуйатын, сирдэрин айылҕатын, кини туспатын, баайын-дуолун, норуот төрүт үгэстэрин, айылҕаларыгар сөп түбэһиилэрин аахсыбакка, сэриилээн ыла-ыла, бэйэлэрин үтүгүннэрэн киирэн барбыттара. Эбиитин итэҕэллэрин күүс өттүнэн суох оҥорбуттара. Бу олохтоох омуктары айылҕаттан тэйитии, өйдөрүн бутуйуу, инники кэскиллэрин букатыннаахтык быһыы, суох оҥоруу этэ. Бу этии сөптөөҕүн билигин олох кырдьыга дьиҥнээхтик дакаастаата. Түмүгэр, элбэх араас омуктар, эмискэ баар буола түспүт туспа өйдөөх-санаалаах, үөрэхтээх, итэҕэллээх, техническэй сайдыылаах дьон кыһараҥнарыгар киирдилэр. Бу Орто Дойду былыргы цивилизациятын эһиигэ хардыы буолар. Ити курдук Орто Дойдуга «Ким күүстээх — ол баһылыыр» диэнинэн сирдэтии үгүс иэдээннэри аҕалла. Түмүгэр, Ийэ Айылҕабыт айгыраата, Орто Дойду олоҕо ончуоланна, туох барыта киртийдэ, сүлүһүннэннэ, дьайданна. Ол барыта киһини, тыынар-тыыннааҕы, күөҕү утары туһаайда, кинилэри сүһүртэ. Хас биирдии омук бэйэтинэн айылҕаҕа сөпкө олорон кэлбитэ буоллар, билигин сайдыы үрдүк, киһи уонна айылҕа чөл буолуо этилэр. Планетаны аҥаар кырыытыттан тоҕо кэһэр, былдьыыр, алдьатар, сир баайын хостоон Ийэ Айылҕаны күөдэл-таһаал оҥоруу бу билиҥҥи цивилизацияны бэйэтин кытта суох оҥоруоҕа.

Киһи-аймах! Эн! Төһө да алмааһы, көмүһү хостоон киэргэн,онтун барыта сиргэ төннүөҕэ. Бүгүн алмаас тымныы уотун толбонугар үөрэн-көтөн, көмүһүнэн симэнэн тураҕын, онтон үөрэриҥ-көтөрүҥ ити барыта быстах көстүү, күннээҕи көлдьүн, ааһар албын. Бу көстүү, дьиҥинэн, киһи акаарытын, албыҥҥа, сымыйаҕа кииримтиэтин көрдөрөр бэлиэ буолар.

Киһи-аймах! Эн! Ити оннугар Ийэ Сиргин чэлгийэр күөх сад, долгуйар бурдуктаах бааһына, өҥ-быйаҥ сирэ, сылгылардаах сыһыы, хороҕор муостардаах хонуу, күөрэгэйдээх алаас, быс да сыа, бас да арыы уйгулаах дойду оҥорон, ыччаккын сөпкө ииппитиҥ, ыраас санааламмытыҥ буоллар, Аар Айыылар Аламай Маҥан Халлаантан  амарах харахтарынан көрөн айхаллыа-уруйдуо, Айыы Сарыалын ыытан аҕыс өттүгүттэн араҥаччылыа, алгыа-силиэ, арчылыа этилэр!

Ол эрээри, биһиги Аар Айыыларбыт улуу Үөрэхтэригэр, үтүө санааларыгар, саха норуота самнан биэрбэт саргытыгар эрэниэҕиҥ, мээнэҕэ «уол оҕо уон уорҕалаах, уон эттээх-хааннаах» диэбэттэр ээ. Онон инники өттүбүтүгэр, улуу туман уостуута, урукку сыыһалар умнуллуулара, араас сиргэ сүүрбүт, тойотторго тосхолломмут, үптээхтэргэ үҥпүт, үгүс дьоҥҥо элэҥнээбит, күн тахсыан иннинээҕи күүрээн күдэриктэр күүгээннэрэ сүтүүтэ, аҕыс албын араҕыыта, тоҕус албын сүтүүтэ, кинигэ суругунан киллэҕэһин оҥоруу киибэһэ тохтуута, улуу чолбоннор алтыһыылара, уоттаах сулус улуу халлааҥҥа тахсыыта, күммүт үөһэ ойуута уол оҕо уон уорҕалааҕа, уһуктаах бэйэлээҕэ, улуу өйдөөҕө, уһулуччу тыллааҕа, уҥуора көстүбэт кытылга үөскээн Үөрэхпин салгыаҕа, сиппэтэҕин ситэриэҕэ, кыайтарбатахпын кыайыаҕа, үтүмэн үрдүккэ таһаарыаҕа, Аар Айыыларга иһитиннэриэҕэ, аламай күннүү сырдатыаҕа, аар-саарга аатырдыаҕа, Айыы аймаҕар аҕалыаҕа, айхал-уруй оҥоруоҕа, Айыы сарыалынан куустарыаҕа, анаан-минээн үөрэтиэҕэ, ааспат-сүппэт үйэлиэҕэ!

Домм! Домм! Домм!

Exit mobile version