Аар Айыы итэҕэлэ олох төрдүнэн үлэни ааҕар

Киһи-аймах обществотыгар үлэ сүрүн суолталааҕын, кини олох төрдө буоларын туһунан үгүс суруйуу да, тылынан кэпсээн да, научнай быһаарыы да үгүс. Аар Айыы Итэҕэлэ үлэни, чуолаан айар-тутар, оҥорон таһаарар үлэни олох төрдүнэн ааҕар. Ол иһин, киһиэхэ үлэ суолтатын туһунан үгүс ирдэбиллэри туруорар. Үлэни сатаабат уонна кыайбат буолуу — иэдээн дииллэрэ, былыргы ытык кырдьаҕастар. Айыы киһитэ оҕотун үлэни сатыыр гына иитэрэ.
Былыр баайдар үлэлээбэт этилэр диэн төрүт сыыһа өйдөбүл диэххэ наада. Элбэх сүөһүлээх, элбэх сирдээх-уоттаах киһи элбэхтик үлэлээтэҕинэ, үлэни үчүгэйдик тэрийдэҕинэ эрэ, сөпкө олорор кыахтаах. Ол иһин, былыргы дьон оҕолоро үлэни сатаан үлэлии, үлэни салайа үөрэнэригэр кыһаллар этилэр. Оҕону кыра сааһыттан итинник иитэллэрэ. Биллэн турар, үлэни сатаан үлэлиир киһи үлэни сөпкө салайан ыытар, тэрийэр. Былыргы дьон үлэлэрэ илии үлэтэ этэ. Илии үлэтин атыннык хара үлэ дииллэр. Илии үлэтигэр оҕону үөрэтии, туһугар эмиэ, туспа оскуола этэ. Өйдөөх-санаалаах дьон оҕону күүһүн-уоҕун сөпкө учуоттаан күүһүн эспэт, төттөрүтүн, сайыннарар, бөҕөргөтөр курдук тэрийэн үлэлэтэр этилэр. Оҕону олус көлүйэр, күүһүн, уҥуоҕун хардары ыытардыы үлэлэтэр дьону бар-дьон сөбүлээбэт, халы-мааргы, акаары дьонунан ааҕар этэ.
Сөпкө үлэлээтэххэ, киһи илии үлэтигэр өйө-санаата, күүһэ-уоҕа олус сайдар. Наука этэринэн, киһи икки ытыһа кини мэйиитин икки полушариятын кытта ыкса ситимнээхтэр. Ити кырдьык, киһи икки ытыһынан кини мэйиитин үлэтин барытын быһаарыахха сөп. Биллэн турар, илии үлэтэ киһини сайыннаран аҕаллаҕа дии.
Кытай былыргы улуу филособа Конфуций сир үрдүгэр хара үлэни сатаан үлэлиир норуот бүтэһик хаалыаҕа диэн үөрэхтээх. Итини кытай норуота умнубакка, чиэстээхтик, улуу өбүгэлэрин кэриэһин толоро сылдьар. Былыргы саха муударай дьоно үлэ туһунан этиилэрэ олус үгүс. Аар Айыы Итэҕэлигэр ити муударай дьон элбэх каноническай ирдэбиллэр киирэллэригэр олук укпуттар. Олортон манныктары тириэрдиэххэ сөп:
1. Үлэ киһи олоҕун төрдө.
2. Үлэ баай-дуол төрдө. Уорума, халаама, дьону албыннаама. Ол эрээри, үлэлээн байарыҥ, үчүгэйдик олороруҥ сөп.
3. Үлэни сатыыр, кыайар буолуу улахан дьол. Кырыйдаххына, кыайарыҥ кыччыыр, сатабылыҥ хаалар. Сатабылгар, идэҕэр ыччаты үөрэт.
4. Сатаабаты үөрэт, кыайбаты, кырдьыбыты кыһарыйыма.
5. Идэлээх уонна үлэни сатыыр киһи ханна да өлөн-охтон биэрбэт.
6. Идэ уонна үлэҕэ сатабыл дьонуҥ биэриилэрэ, бэйэҥ бэрдиҥ буолбатах, Үрдүк Таҥара анала.
7. Илиини араарбакка үлэлээһин элбэҕи инники хаамтарар.
8. Үлэ элбэх сатабылы, ньыманы, толкуйу ирдиир.
9. Үлэҕэ сүбэ оруола улахан. “Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар”, — дииллэр.
10. Хардаҕаһы хайа охсубат, салаа оту быһа охсубат буолуу — иэдээн.
11. Үлэ үлэһит киһини сөбүлүүр.
12. Сатабыла суох киһиттэн үлэ сатарыйар. “Салаҥ киһиттэн хара тыа маһа ытыыр”, — диэн мээнэҕэ эппэттэр.
13. Үлэ иирээни сөбүлээбэт.
14. Үлэҕин айылҕаны кытта ситимнээ. Айылҕа хаамыытын, хаар, самыыр хаһан түһэрин барытын бил. Инньэ гымматаххына, үлэҥ барыта таах хаалыа.
15. Атын дьон үлэтин ытыктаа. Кинилэртэн эмиэ туохха эмэ үөрэн.
16. Үлэ сөптөөх буолуохтаах. Самыыр түһэ турдаҕына, быһыт быһан ууну тохтотор киһини буой. Кини үлэһит буолбатах, кини алдьатааччы.
17. Алдьатар үлэлээх дьону өйдөт. Ылыммат буоллахтарына, ити аньыылааҕын эт. Түктэрини Таҥара өйдөтүө, көннөрүө.
18. Алдьатар үлэлээх дьон олоххо үгүс. Аан Дойду, Аар Айыылар Ийэ Айылҕа алдьаныытыгар кыыһыраллар. Сөптөөх дьаһал кэлиэ.
19. Алдьатар үлэлээх, этэри ылыммат дьону Аан Дойду, Аар Айыылар эрэ өйдөтөр кыахтаахтар. Ол өйдүтүү кытаанах түмүктэрдээх буолуоҕун умнума.
20. Үлэһит киһи үс үйэҕэ үтүө өйдөбүлү хаалларар.
21. Дьоллоох киһи эрэ, улаханнык кырдьан өлүөр диэри үлэлиир. Үлэттэн эрдэ тэйии — сор.
22. Үлэни кыайбат буолуу — эмиэ сор. Ол иһин, кырдьыбыт дьон этэллэрэ: “Кырдьыы баар эбит, улахан кырыыс”, — диэн.
23. Үлэ төлөбүрдээх буолуохтаах. Босхо үлэ Таҥара этиитин утары.
24. Киһи бэйэтигэр үлэлиирин, киниэхэ төлөбүрүн Таҥара биэрэр. Оттон, киһи киһиэхэ үлэтин үлэлэппит төлүүр.
25. Төлөммөтөх үлэ ыар аньыылаах, бу үлэ үлэлэммэтэҕин тэҥэ буолар.
26. Киһи үлэтин уоруу — ыар аньыы. Киһи баайын-малын уорууга, эмиэ киһи үлэтин уоруу курдук аньыы ааҕыллар.
27. Үлэ баарын тухары киһи баар, киһи баарын тухары үлэ баар.
28. Үлэ хаһан да бүппэт. Үлэ бүттэҕинэ, олох хаамыыта тохтуур. Үлэ бүтэрэ — иэдээн. Үлэ бүппэтин!
29. Үлэ диэн олох. Кинилэр биир ситимнээхтэр. Киһи сиргэ олороору, аһаары, таҥнаары, оҕолорун иитээри үлэлиир. Ити Таҥара анала.
30. Үлэни абааһы көрүү, олоҕу абааһы көрүүгэ тэҥнээх.
31. Батталлаах үлэ ыар аньыылаах. Дьону баттааһын Таҥара үөрэҕин утарыы буолар.
32. Үлэ үөрүүлээх-көтүүлээх буолуохтаах, оччоҕо кини тахсыылаах.
33. Үлэ сынньалаҥнаах буолуохтаах, оччоҕо кини кыайыылаах.
34. Үлэ үчүгэй аһылыктаах буолуохтаах, оччоҕо кини күүстээх.
35. Үлэлиир кыахтаах эрээри, үлэлээбэт — олоҕу харгыстыыр.
36. Үлэ сөп туһаайыылаах уонна туһалаах буолуохтаах.
37. Кыратыттан үлэлии үөрэммит киһи үлэни сатыыр.
38. Үлэ оҥорор күүс.
39. Дьон үлэттэн тэйдэҕинэ — иэдээн кэлэр.
40. Айылҕа үлэни сөбүлүүр. Айылҕаҕа киһи үлэтэ наада.
41. Айылҕа ситимигэр киһи туһалаах үлэтэ улахан суолталаах.
42. Айылҕаҕа хамсыыр-харамай барыта үлэлиир, туһаны оҥорор, ыраастыыр, көннөрөр, ситэрэр, уоҕурдар.
43. Аан Дойду хамсааһына — үлэ улуу көстүүтэ. Аан Дойду хамсыыр буолан олох баар диэн өйдөө.
44. Элбэх киһи сатаан сөпкө үлэлээһинэ муҥура суох баай диэн дириҥник толкуйдаа.
45. Сөптөөх үлэ — дуоһуйуу төрдө буоларын үчүгэйдик ырыта санаа.
46. Ийэ сиргэ үлэ сөпкө тэриллэрэ буоллар, киһи барыта баай буолуо этэ дии санаабаккын дуо?
Салгыыта тахсыа.
Аан дойдуга, Ийэ Айылҕаҕа, киһиэхэ Айыылыы сыһыан — III
“Аар Айыы Итэҕэлэ” 3 чаас.Дьокуускай 2005, 169-172 стр.
СӨ ААР АЙЫЫ ИТЭҔЭЛИН тэрилтэтэ.
+7 (999) 174-67-82
