Аар Айыы итэҕэлэ — күн сирин көтүрүллүбэт көмүскэлэ

Саха норуотун историятыгар көмүс буукубанан суруллар улахан ситиһии олугун уурбут киһинэн билиҥҥи кэм Айыы ойууна Владимир Алексеевич КОНДАКОВ буолар. Дьэ, кырдьык, бу Улуу Киһи сүдү үлэтинэн ситиһилиннэ!
Ол курдук:
2011сыл ахсынньы ый 16 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы Аар Айыы итэҕэлин тэрилтэтэ,
2012 сыл тохсунньу ый 13 күнүгэр Сунтаардааҕы Аар Айыы итэҕэлин тэрилтэтэ,
2012 сыл бэс ыйын 20 күнүгэр Ньурба Хатыҥ Сыһыытын Аар Айыы итэҕэлин тэрилтэтэ тэриллибиттэрэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аар Айыы итэҕэлин тэрилтэтэ — 2014 сыл муус устар ый 17 күнүгэр Россия Федерациятын Саха Сиринээҕи юстиция министерствотынан бигэргэммитэ. Онон саха итэҕэлэ — Аар Айыы итэҕэлэ 1696 сыллаахха бобуллан баран иккистээн норуотугар төнүбүтэ. Владимир Алексеевич Аар Айыы итэҕэлин сүрүн
төрүтүн,
философиятын,
историятын
6 чаастаах «Аар Айыы итэҕэлэ» диэн сүрүн үлэтигэр түмэн сурукка киллэрбитэ.

Манна итэҕэл бары каноннара:

  • Космологията.
  • Ытык сэһэннэрэ.
  • Ытык дьонноро: Аар Айыы итэҕэлин 12 Айыы ойууннара, Уһун Ойуун баһылыктаах Айыы Боотурдара,
  • Аар Айыыларга үҥүү-сүгүрүйүү Алгыстара, Айыы ойууна ыытар улахан Доммо — «Ыһыах Алгыһа».
  • Улахан Алгыс — Доммнор.
  • Саха төрүт итэҕэлин сиэрдэрэ-туомнара.
  • Оҕону, ыччаты иитии үөрэҕэ.
  • Харысхал үөрэҕэ.
  • Духовнай литература: «Айыы ойууна» эзотерическай роман, «Аар Айыыларга Айан» духуобунай поэма.
  • Алгыстары чочуйан духуобунай поэзия үрдүк чыпчаалыгар таһаарбыта.
  • Духовнай музыка, итэҕэл ырыата тойуга: композитор В.В. Ксенофонтовтыын айбыт «Аар Тойоҥҥо Алгыс» опера 2011 сыл күһүн туруоруллубута.
    Биһиги онон Үрдүк Таҥараны — Үрүҥ Аар Тойону сахалыы уруйдуур-айхаллыыр музыкалаахпыт.
  • Аар Айыы итэҕэлин ыытар дьону — улахан Алгысчыттары бэлэмнээһини 1998 сылтан саҕалаабыта. Айыы ойуунун дьиҥнээх духуобунай үөрэҕин барбыт, көҥүл ылбыт Аар Айыы итэҕэлин ыытар идэлээх дьон — Алгысчыттар бааллар. Аар Айыы итэҕэлин Алгысчыта анатыылаах идэ.
  • Аар Айыы итэҕэлин Улахан алгыстара ыытыллар Дьиэтэ — Айыы Арчыта Саха сиригэр аан бастакынан Сунтаарга 1999 сылга тутуллан, Айыы ойууна В.А Кондаков алҕаан, үлэлии турар.
  • 2004 сылга 12 сэргэлээх Айыы Аартыга, Аар Айыыларга анал улахан алгыс ыытыллар түһүлгэтэ оҥоһуллубута. Айыы Аартыгын сэргэлэрин Владимир Алексеевич Кондаков бырайыагынан саха улахан ууһа Дорофей Харлампьевич Яковлев чочуйан оҥорбута.

Бу барыта Улуу Айыы ойууна Владимир Алексеевич Кондаков сүдү үлэтэ.

Биһигини өйөөбүт, дурда-хахха, тирэх буолбут саха чулуу дьонугар махталбытын биллэрэбит. Тыл-өс өттүнэн бигэргэппит филологическай наука доктора, профессор, Тюркскай Академия академыга Николай Егорович Петровка. Наука өттүнэн бигэргэппит философскай наука доктора, профессор, СӨ Духуобунаһын Академиятын академыга Михайлов Виктор Даниловичка. Итэҕэли чинчийээччи философскай наука доктора, профессор, академик, Россия наукатын уонна үөрэҕириитин үтүөлээх деятелэ Ксенофонт Дмитриевич Уткиҥҥа. Владимир Алексеевич үгүс сылларга үлэлэспит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык кырдьаҕастарын Үрдүкү Сүбэтин салайааччытыгар Григорьева Люлия Николаевнаҕа. Кытаанах түгэннэргэ ылыннарыылаах тылынан биһиэхэ күүстээх өйөбүл буолбут СӨ Юстициятын министерствотын хамыыһыйатын салайааччытыгар Харайбатова Ольга Михайловнаҕа.

Үрдүкү Үөрэтээччи, Улуу Айыы ойууна Владимир Алексеевич норуотун туһугар оҥорбут үтүөтэ үйэлэри уҥуордуо.

Аар Айыы итэҕэлин салайар Айыы ойуунун сырдык аатын, кини толорор үрдүк аналын чөлүгэр түһэрэн суруйда, өйдөттө, үөрэттэ. Айыы ойууна, Алгысчыт-Эмчит айыылыы эмтиир ньымаларын, алгыстарын, ыытар сиэрдэрин-туомнарын хомуйан, түмэн, уһун кэмҥэ үөрэтэн-чинчийэн чөлүгэр түһэрдэ, сурукка киллэрдэ. Күн ууһун дьонугар, айыы аймаҕар Үрүҥ Аар Тойону, Аар Айыылары уруйдаан-айхаллаан, үҥэн-сүгүрүйэн көмүскэл көрдөһөр кыаҕы биэрдэ.

Төрүт эйгэни — Аар Айылҕаны чэбдигирдэр улахан Алгыс — Доммнору ыытан Аар Айыылыы эмтээһиҥҥэ киэҥ суолу арыйда. Дьон сыыһатыттан сатарыйбыт, алдьаммыт Ийэ Айылҕаны алҕаан норуот чэгиэн-чэбдик, чиргэл эттээх-сииннээх, дьилэй куттаах-сүрдээх буоларын ситиһэр суолу ыйбыта.

Саха омук саргыта сайдар суола-ииһэ:

Биир итэҕэл,
Ийэ тыл аба-хомуһуна, үтүө сиэр-туом,
биир эйгэ,
биир туһаайыы,
биир өй-санаа,
биир сомоҕо туохха да кыайтарбат кэтит кэскиллээх биир куттаах-сүрдээх омук.

Айыы ойуунун сэрэтиитэ:
• үтүктээйи, иилиҥкэй буолума,
• кулутуйууттан босхолон, ээл-дээл буолума,
• атын омук медицината, культурата өтөн киириитэ кини итэҕэлин өйө-санаата, философията, тыына киириитэ буоларын умнума.
• Айылҕаны көмүскээ!

Ыччаты иитиигэ умнуллубут итэҕэли, айыы ойууннааһын культууратын кытта ситимнэһэн үөскээбит үтүө үгэстэрин, бобууларын, сэрэтиилэрин, Харысхал үөрэҕин чинчийэргэ ыйыы-кэрдии, дьиҥнээх айыылыы эйгэлээх дьоҥҥо кыах бэрилиннэ.

Итэҕэли норуокка киллэрэргэ улахан сэрэхтээх буолар наада. Сыыһа итэҕэл, алҕас өйдөбүллэр, тиэрэ сиэрдэр-туомнар киириэ суохтаахтар. Ити улахан буортулаах, норуокка ыар охсуулаах уонна кыайан көннөрүллүбэт алҕас буолуо.

Итэҕэл сыыйа киириэхтээх. Дьон-сэргэ итэҕэли дьиҥ ис сүрэҕинэн өйдүүр өйүнэн ылынан итэҕэлгэ кэлиэхтэрин наада. Ол иһин норуоту итэҕэлгэ аҕалыы, итэҕэл туһалаах ирдэбиллэрин үөрэтии күүскэ барыахтаах.
Итэҕэл үрдүн таһымнаах, киэҥ эйгэлээх буолуохтаах. Кыараҕас өтөх иһинээҕи, араас үтүктээйи билиилэр өйдөбүллэринэн сирдэтэн, мунньах ыытан итэҕэли киллэриллибэт.

Аар Айыы итэҕэлэ киһи сайдыытын, олоҕун уйгутун үтүө суолунан ыытары туһулуур. Айыы киһититтэн итэҕэл ирдэбиллэрин тутуһары ирдиир эрэ буолбакка, киһини үрдүккэ ыҥырар,

Кэрэҕэ угуйар,
өрө тардар,
улуу Эрэли үөскэтэр.

Ийэ айылҕа иһигэр сөпкө олорорго, кинини харыстыырга үөрэтэр. Саха киһитэ аньыыны-хараны оҥорбокко, иитэр илгэтин — Ийэ Айылҕатын иһигэр сөпкө олорон, айыы киһитэ буоларга кыһаллар.

Саха саҥалаах сахалыы куттаах-сүрдээх дьон атарах-сатарах барымыаҕыҥ, уҥа-хаҥас хайыһымыаҕыҥ Аар Айыы итэҕэлин абырыыр, араҥаччылыыр улуу күүһүгэр эрэниэҕиҥ, Үрүҥ Аар Тойон көмүскэлигэр киирэн

Көнөр үйэ
Көнө уһун суолун
Көнтөһүттэн күүскэ тутуһуҥ!
Үүнэр үйэ
Үлүскэннээх сүүрүгэр
Үрүҥ суолу сүтэрбэккэ устуҥ!
Кэлэр үйэ
Кэмэ суох кэрдиитигэр
Кэккэлэһэр күүскэ киириҥ!
Салгыы үйэ
Саргылаах саҥа аартыгар
Соргу дьолу тутуһуҥ!
Самнан охтон биэримэҥ!
Уруй күүһэ уруйдаатын!
Алгыс күүһэ алҕаатын!
Арчы күүһэ арчылаатын!
Араҥаччы күүһэ араҥаччылаатын!
Саҥа үүнэр сардаҥа
Сандаарыйа тыктын!
Саһарҕата күүһүрдүн!
Үтүө өттө кыайа туттун!
Үрүҥ өттө баһыйа турдун!
“Эргэтээҥҥи үрүҥ суола буоллун!”
Эргэ өттө тирэх буоллун!
Саҥа өттө сайдыы суолугар киирдин!
Домм! Домм! Домм!


— диэн Улуу Айыы ойуунун Владимир Алексеевич Кондаков алгыһынан түмүктүүбүн.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх