Аар Айыы итэҕэлин сyрyн ирдэбиллэрэ — II

Аар Айыы итэҕэлэ киһини сөптөөхтүк сылдьарга, олорорго, айылҕаҕа сөптөөх сыһыаннаах буоларга үөрэтэр. Киһи иннигэр айылҕа аналын толоруу ирдэбиллэрин туруорар. Элбэх бобуулар баалларын өйдөтөр. Бары сыыһаларга аньыы-хара, сэт-сэлээн ааҕылларын, дьай кэлэрин, кут-сүр киртийэрин этэр. Дьэ, итилэри барытын ырытыы уустук. Уопсайынан, умнуллубуту сөргүтэр саҥаны айан суруйардааҕар уустук. Тоҕо диэтэххэ, урукку баары төһө кыалларынан уларыппакка, токуруппакка, сымыйалаабакка киллэриллиэхтээх.

II. Оттон дьахталларга Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ манныктар:

  1.  Үчүгэй ийэ буоларга оҕо эрдэхтэн бэлэмнэн. Эн сиргэ биир сүрүн иэһиҥ үчүгэй ийэ буолуу, чэгиэн ыччаты тэнитии буоларын умнума.
  2.   Асчыт бастыҥа, кыптыыйдаах мындыра, оһуордьут уустуга буол.
  3.  Түргэнник, ыраастык тутта үөрэн, онно элбэхтик эрчилин.
  4.  Үтүө эр киһини нөҥүөһүлүү сатаама, киниттэн чорбойуом диэн искэр да, таскар да санаама. Итинник быһыы эйигин үрдэппэт.
  5.  Кэргэҥҥин, оҕолоргун истиҥник таптаа. Ити эйигин үрдэтиэ, күүһүрдүө, ааккын ааттатыа.
  6.  Бэйэҥ айыылыы иитиилээх буоллаххына, киһи бастыҥар кэргэн таҕыс. Чахчы оннук дьахтар буоллаххына, эриҥ онно эппиэттэһэр, сөп түбэһэр киһи буолуохтаах.
  7.  Иитэр сүөһүнү күрүөлэс, төрөтөр оҕоҕун төлкөлөс.
  8.  Аар Айыыларга үҥк, Күн Таҥараттан көрдөс, Айыыһыттан ааттас, Иэйиэхсити кэлэтимэ.
  9.  Чугас дьоҥҥор уотуҥ өрүү сылаас, аһыҥ өрүү минньигэс, тэллэҕиҥ уоттаах, уоһуҥ обуйуктаах, хараҕыҥ мичээрдээх буоларын умнума.
  10.  Таҥара кыһалҕалааҕын өйдүүр, аһынар, харайар буолаар.
  11.  Баайгын-дуолгун үксэтэ, кэргэниҥ булбутун кэккэлэтэ тураар. Уолбат ойбонно оҥор, дэлэй аста тэнит.
  12.  Оҕолонор оҥоһуулаах, ыччаттанар ыйаахтаах буоларга күн аайы Аар Айыылартан көрдөс.
  13.  Саталаахтык саҥарыма,

                     Сэттээхтик кэпсээмэ,

                     Олоҕо суоҕу онолуйума,

                     Сымыйаны сыыйыма,

                     Хобу-сиби хомуйума,

                     Аан Алахчын Хотун өһүргэниэ.

14.  Кырдьаҕаска кыһамньылаах, эрэйдэммиккэ эйэҕэс, аччыктаабыкка аһыныгас, тулаайахха көмөлөөх буолаар. Тулаайаҕы атаҕастаама, бэйэҥ оҕолоргор кэлиэ.

15. Эккин-сииҥҥин бөҕөргөт, кэрэ дьүһүҥҥүн кырдьыаххар диэри сүтэримэ. Өйгүн-санааҕын үчүгэй эйгэҕэ тут. Куккун-сүргүн күннэтэ Аар Айыыларга үҥэн-сүгүрүйэн ырааһырт.

16.  Арыгыга айманыма, табахха тардыһыма, ол эйиигин таҥнары тардыаҕа.

17. Албан ааты баҕарар буоллаххына, бэйэҥ ситис. Аҕаҥ, ийэҥ үтүө ааттара эйиэнэ буолбатах.

18. Бастыҥы баһааҕырдыма, үтүөнү үөҕүмэ, килбиэннээҕи киртитимэ, көнөнү токурутума. Инньэ гыннаххына, кириҥ-дьайыҥ элбиэ.

19. Киһи кэнниттэн үөҕүмэ, ойоҕоһуттан одуулаама. Иннин инчиэлээмэ. Онтуҥ бэйэҕэр төннүө.

20.  Ханнык баҕарар аньыыны-хараны, буруйу билиннэххэ, Аар Айыыларга үҥтэххинэ, оччоҕо ол боруостаныан, ааһыан, ыраастаныан сөп. Арай киһини өлөрбүт киһи аньыыта сүгүн ааспат.

21.  Аныгылыы сиэри батыстаҕым диэҥҥин мээнэ барыма, бас-баттах тыллаһыма, айаххыттан тахсар тылларгын өйдөөн саҥар.

       Саҥаран, этэн баран ол сыыһа тылларгын кыайан хомуйуоҥ суоҕа, оттон ол сэтэ-сэлээнэ эйиэхэ түргэнник кэлиэҕэ.

22. Аар Айыылартан амарахтык көрдөһөөр, Үтүө күүстэргэ сүгүрүйэр буолаар.

23. Оҕолоруҥ, кэргэниҥ тустарыгар көрдөһөргүн эмиэ умнумаар.

24. Оҕолоргун эмиэ Аар Айыы ирдэбилин толорорго кыраларыттан үөрэт, кинилэргэ сөптөөхтүк үҥтэр. Ол эйиэхэ үчүгэй түмүктэри аҕалыаҕа.

25. Оҕолоргун сайыннар, Үөрэт, өйдөөх дьон оҥортоо. Айыы сиэрин кэһимэ. Атын биллибэт уонна абааһы күүстэрин ыҥырыма, алдьархай кэлиэ, аам-дьаам буолуо.

26. Иҥсэлээх, оботтоох буолума, оччоҕо үйэҕэр байыаҥ суоҕа. Олорор сиргэр, дьоҥҥор-сэргэҕэр Айыы күүһүн, Айыы сарыалын ыҥыра сырыт. Ол абырыа, арчылыа, араҥаччылыа, алдьархайтан быыһыа.

Мантан да атын ирдэбиллэри этэ туруохха сөп. Ити киһи тус бэйэтин олоҕор сөптөөх, туһалаах сүрүн ирдэбиллэри эттим.

Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрин билии уонна толоруу Айыы киһитэ буоларга бастакы хардыы буолар. Үҥэр-сүгүрүйэр киһи кэлин кэҥээн, аны айылҕа чөллөөхтүк турарын иһин көрдөһүөхтээх, атын дьон туһугар эмиэ үҥүөхтээх.

Аар Айыылар сүрүн ирдэбиллэрэ сиргэ олохтонноҕуна, онно үгүс киһи кыттыстаҕына, бу итэҕэл олоххо киирэр кыахтаныаҕа. Ол иннинэ итэҕэли киллэрии искусственнай хайысхаланыаҕа, көннөрү ситэтэ суох эйгэлээх дьон бөлөҕөр эрэ кубулуйуоҕа. Оттон оннугу оҥоро сатыыр туох да туһата суоҕа киһиэхэ тута өйдөнөр.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх