Аар Айыы итэҕэлэ киһини сөптөөхтүк сылдьарга, олорорго, айылҕаҕа сөптөөх сыһыаннаах буоларга үөрэтэр. Киһи иннигэр айылҕа аналын толоруу ирдэбиллэрин туруорар. Элбэх бобуулар баалларын өйдөтөр. Бары сыыһаларга аньыы-хара, сэт-сэлээн ааҕылларын, дьай кэлэрин, кут-сүр киртийэрин этэр. Дьэ, итилэри барытын ырытыы уустук. Уопсайынын, умнуллубуту сөргүтэр саҥаны айан суруйардааҕар ордук уустук. Тоҕо диэтэххэ, урукку баары төһө кыалларынан уларыппакка, токуруппакка, сымыйалаабакка киллэриллиэхтээх.
XII Киһи тутта-хапта сылдьыытыгар ирдэбиллэр манныктар:
1. Аар Айыыларгын, Ийэ Сиргин ытыктаа, үҥэ-сүктэ сырыт.
2. Ууга, уокка силлээмэ. Ити аньыы.
3. Утары көрсүбүт киһигин хаҥас өттүнэн аас. Уҥа өттүнэн өстөөх ааһар.
4. Сүөргүтүк туттан-хаптан, тиискинэн быһа хадьырыйан быһаҕа суох аһаама. Айаххын чамырҕатыма, илиигин салаама.
5. Аһыы олорон элбэҕи саҥарыма. Аһыы олорор киһиттэн боппуруос ыйытыма. Алҕаска ыйытан баран, эппиэт ыла охсоору, кини диэки күлтэччи көрөн олорума. Кини аһыы олорорун умнума.
6. Атын киһи саҥара олордоҕуна быһа түһүмэ. Оттон эн этэргин быһа түһэр дьону утарылас. Кинилэр эйигин утарылар
7. Маҥнай саамай кырдьаҕас муударай дьон саҥараллара сөп. Ол кэмҥэ элбэхтик саҥара олорор эдэр киһини буойус. Кини биитэр өйө тиийбэт, биитэр иитиллибэтэх халы-мааргы киһи.
8. Сыыһа саҥа сэттээҕин өйдөө. Элбэҕи сыыһа саҥарыах кэриэтэ, төрүт саҥарбатах ордук. Аан Дойду кулгааҕа чуор, хараҕа кыраҕы.
9. Киһиргэнимэ. Киһиргээн кирсиҥ быстыан сөп. Киһиргэнии — быһа этинии буолар.
10. Элбэх дьоҥҥо киириэҥ иннинэ, таҥаскын-сапкын, сэбэрэҕин көрүн.
11. Эр киһиэхэ, кырдьаҕаска, дьахтарга, оҕоҕо барыларыгар тус-туспатык сөпкө сыһыаннас.
12. Дьону кытта билсиигин күүһүргээһинтэн саҕалаама.
13. Бас баттах тыллаһыма, бэйэҕин олус билиилээҕинэн ааҕыныма.
14. Эйигин утарар дьон этэллэрин иһит.
15. Дьону холуннарыма, ол эрээри сыыһаларын ый. Сыыһаларын ыйбат буолуу сыыһа сыһыаны үөскэтэр уонна элбэтэр.
16. Дьону холуннарыыны иһит уонна ону дьоҥҥо кэпсээмэ. Холуннарааччы хайдах киһитин туһунан толкуйдаа.
17. Дьону холуннарыы туох эрэ сыаллаах-соруктаах уонна сымыйа доҕуһуоллаах барарын өйдөө.
18. Сороҕор, оннооҕор киһи төрүт өйүгэр да киирбэтэх буруйун киһиэхэ сүктэрэр түбэлтэлэрэ баар буоларын өйдөө.
19. Куһаҕаны үтүктүмэ. Үтүктүү куһаҕаҥҥа аҕалар.
20. Хаамаргын-сиимэргин, тутта-хапта сылдьаргын өйдөөн көрүнэр буол.
21. Ханнык баҕарар киһи тутта-хапта сылдьарыттан кини кимэ өтө көстөр, биллэр. Итини көннөрү мындыр да дьоннор билиэхтэрин сөп.