back to top
Четверг, 3 октября, 2024

Старый сайт

Айыы итэҕэлин сурун төруттэрин туhунан кылгастык — IV

3.  Хайдах үҥүллэрий? Айыы доммнорун туһунан

Үөһээ Мэндэл Халлаан хотугулуу- илин өттүттэн  соҕуруулуу илинигэр диэри Аар Айыылар бааллар. Кинилэргэ ити туһаайыыларга хайыһан үҥүллэр. Үҥээччи сиргэ олбоххо олоруон, тобуктуон сөп эбэтэр букатын атаҕар туран эрэн үҥүөхтээх. Үҥэригэр хас Аар Айыы ахсын сиргэ тиийэ тоҥхойуохтаах.

   Улахан Үҥүү Айыы ойуунун эбэтэр Алгысчыт салалталарынан ыытыллыахтаах. Маннык улахан анал үҥүүнү үҥэргэ аналлаах киэҥ түһүлгэлэргэ ыытыллыахтаах.

   Оттон Айыы киһитэ күн ахсын Аар Айыыларга бэйэтэ үҥүөхтээх, аньыытын-харатын ыраастаныахтаах. Онно кини бэйэтэ үҥэр-сүктэр анал миэстэлээх буолуохтаах. Ити миэстэтин бэйэтэ үчүгэйдик тэриниэхтээх.

   Үҥүүгэ анаан мин уон икки Айыы доммнорун «Айыы доммноро» диэн кинигэҕэ суруйан киллэрбитим. Олору үҥэргэ-сүктэргэ туһаныахха сөп. Кинилэри мин өссө тупсарар, чочуйар, көннөрөр санаалаахпын. Онон ити кинигэни булан аах уонна үҥэргэ туһан.

(В.А. КОНДАКОВ «Айыы доммноро» кинигэтэ 1998 сыллаахха тахсыбыта. Кэлин Доммнору чочуйан көннөрөн тупсаран 2005 сылга «Алгыстар — эн көмүскэллэриҥ» диэн дьоҕус алгыс кинигэ буолан бэчээттэммитэ. 2023 с. «Алгыстар — эн көмүскэллэриҥ» өссө эбиллэн таҕыста.)

https://sakhalife.ru/ajyy-ite%d2%95elin-surun-t%d3%a9rutterin-tuhunan-kylgastyk
https://sakhalife.ru/ajyy-ite%d2%95elin-surun-t%d3%a9rutterin-tuhunan-kylgastyk-ii
https://sakhalife.ru/ajyy-ite%d2%95elin-surun-t%d3%a9rutterin-tuhunan-kylgastyk-iii

Похожие статьи

Подписаться
Уведомить о
guest
0 комментариев
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии

Последние статьи

0
Оставьте комментарий! Напишите, что думаете по поводу статьи.x