Бу сайын, сир-дойду силигилии ситэн турдаҕына, талыы-талба Таатта сиригэр, айылҕа анаан айбыт Кыыс Амма кытылыгар турар Чычымах бөһүөлэгэр биллэр суруйааччы, прозаик, учуутал, Улуу Өксөкүлээх удьуорун тэниппит Реас Алексеевич Кулаковскай 110 сааһыгар анаммыт нуучча дуобатыгар бүтүн республикатааҕы аһаҕас турнир буолан ааста.
Эһээбит Реас Алексеевич бэйэтэ дэгиттэр киһи этэ. Суруйарын таһынан дуобакка, саахымакка олус үчүгэйдик оонньуура. Бултуурун сөбүлүүрэ, саанан үчүгэйдик ытара. Сыаҥкаларга оруоллары толорор, бэркэ ыллыыр, гитараҕа, мандолинаҕа да оонньуура үһү. Эдэригэр атаҕар да кыанар эбит. Кини 1935 сыллаахха Саха сирин II Спартакиадатыгар атах оонньуутугар Кынаттаах Буоһукап – Саха тыйаатырын биллэр артыыһа Дмитрий Босиков кэнниттэн иккис миэстэ буолан, спорт маастарын нуорматын толорбута. Ону кэлин сааһырбытын кэннэ ол күрэхтэһии боротокуола көстөн, оччотооҕу Уус Алдан спордун кэмитиэтин салайбыт Семен Ильич Черноградскай бу үрдүк ааты Бороҕоҥҥо дьиэтигэр аҕалан туттарбыта.
Турнирга ырааҕы ыраах диэбэккэ, суол-иис алдьаммытын да аахсыбакка, элбэх кыттааччы мустубут. Таатта, Чурапчы, Амма, Уус Алдан, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Бүлүү, Кэбээйи уонна Дьокуускай куорат дуобаччыттара ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кэлбиттэр. Састаап олус күүстээх – 5 гроссмейстер, 4 спорт маастара, 23 маастарга кандидаттар уонна элбэх разрядтаах эдэркээн көлүөнэ ыччаттарбыт күөн көрүстүлэр, күрэс былдьастылар.
Күнэ да туран биэрбитэ сүрдээх, тэрээһинэ да ааттаах, эчи айылҕата да кэрэтин! Бу бэйэлээх киһи хараҕа туолар, киэҥ-куоҥ дойду мүөттээх салгынын дуоһуйа тыыннахха, Дьаам хайатын анныгар Амма Эбэ үүт курдук сылаас, ып-ыраас уутугар чомполонноххо, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх, турукка киириэх, суруйааччы-бэйиэт буолан барыах курдук ээ!
Дьэ, күрэхтэһиибит саҕаланна, туртан тур бүтэн истэ, кыайыылаахтар бастакы очукуоларын суруннулар, хотторбуттар кыайтарыы хомолтотун биллилэр. Балаһыанньа улам-улам тыҥаан истэ, лидердар биллитэлээн бардылар. Онон бастакы бөлөххө (гроссмейстердар уонна маастардар) аан дойду 11 төгүллээх чемпиона, аан дойду гроссмейстера Гаврил Колесов тулуппата, бастыан бастаата уонна Кулаковскайдар аймах анаабыт бириистэрин 50 000 солкуобайы уу харчынан тутта. Иккис миэстэни Амматтан сылдьар гроссмейстер Андрей Федотов ылан, Амма нэһилиэгиттэн (баһ.э.т. А.А.Бытыков) “Телемир” маҕаһыын сертификатын, үһүс миэстэ буолбут Чурапчы гроссмейстера Матрена Ноговицына Уус Алдан улууһун администрациятын (баһ. В.И.Аммосов) бирииһин туттулар. Иккис бөлөххө (маастарга кандидаттар, разрядтаахтар уонна разряда суохтар) бастакы миэстэни Ытык Күөлтэн Анатолий Мурунов ылла уонна Таатта улууһа (баһ. А.С.Бурцев) туруорбут бирииһинэн – бензогенераторынан наҕараадаланна. Анатолий Григорьевич “Тааттаҕа дуобат сайдыыта” диэн бэйэтэ суруйбут бэртээхэй кинигэтин хас да киһиэхэ бэлэх уунна. Иккис миэстэҕэ Чурапчыттан Марианна Федорова таҕыста уонна Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ туруорбут бирииһин 20 000 солкуобайдаах сертификаты тутта, онтон үһүс миэстэни Дьокуускайтан Артем Федоров ылары ситиһэн, Харбалаахтааҕы чох разреһа (сал. П.Д.Рахлеев) олохтообут бирииһин ылла. Ону таһынан дуобат республикатааҕы федерацията (Р.М. Платонов) олохтообут хас да анал бириистэри туттардылар.
Онон бары ыҥырыыбытын ылынан, ыраахтан-чугастан кэлэн кыттыбыт, күрэхтэһиини киэргэппит дуобатчыттарга, күүс-көмө буолбут, бирииһинэн көмөлөспүт дьоммутугар: Таатта улууһун спордун кэмитиэтигэр (Н.Сабарайкин) уонна Уус Алдан улууһун спордун кэмитиэтигэр (Е.Алексеев), Чычымах олохтоохторугар (К.Софронов), Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин коллективыгар (дир. А.Н.Корякина, А.Дарбасова), Харбалаахтааҕы чох разреһыгар (дир. П.Д. Рахлеев, П.Е.Захаров) уонна бу күрэхтэһиини хара бастакыттан өйөөбүт, тэрийсибит С.С. Соровка, сирдээх-уоттаах киһибитигэр Д.Е. Афанасьевка, күрэхтэһиини салайбыт, кыттыбыт, судьуйалаабыт дьоммутугар М.С. Ноговицынаҕа, И.А. Токусаровка, В.П. Варламовка, В.В. Ивановка дириҥ махталбытын тиэрдэбит!
Барыгытыгар ситиһиини, дьолу-соргуну баҕарабыт уонна дуобат тумара хонуутугар көрсүөххэ диэри диибит!
Арыйаастар ааттарыттан Айым
От ыйын 20 к., 2024 с.