![](https://sakhalife.ru/wp-content/uploads/2021/06/image-22-06-21-08-16-2.jpeg)
Бэс ыйын 22 күнэ кутурҕан уонна кэриэстэбил күнэ буолар. Бүгүн улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин салаатын салайааччыта Евгений Данилов уонна эдэр ыччат 1941 сыллаахха Турукта суолунан сатыы уоттаах сэриигэ барбыт 700-тэн тахса хорсун буойуттарга ананар “Мин мантан сэриигэ барбытым” диэн өйдөбүнньүк бэлиэҕэ тийэн сибэккэ дьөрбүтүн уурдулар.