“Һок? Һэптиэ!” кинигэ биһирэмэ
2Vtzquo5W
Саха суруйааччылара аан дойду литэрэтиирэтин араас жанрыгар ураты халыыптарга холонон суруйаллар. «Айар» кинигэ кыһатыгар олус кэрэхсэбиллээх кинигэ быйыл күһүн атыыга тахсыбыта.
Кылгас кэпсээн диэни истибиккит? Санааны, иэйиини кылгастык бэргэнник этэр туспа маастарыстыба, сатабыл. Саха тыла бэйэтэ олус дьоһун, уһун-киэҥ тыл. Кини санаатын уһуннук этэрин сатыыр да, сөбүлүүр да. Ол сиэринэн, чулуу кылгас кэпсээн жанрга кинигэ тахсыыта – бэлиэ түгэн.
Ахсынньы 13 күнүгэр Надежда Логлоҕор «Һок? Һэптиэ!» чулуу кылгас кэпсээннэрдээх кинигэтин биһирэмэ буолан ааста. Ыытааччы Огдо бэлиэтээбитинэн, ааптар сөбүлүүр чыыһылата 13 буолан, биһирэм чуо бу күн түбэспитэ соһуппата эрээри, тэрээһин кэмигэр тоҕо эрэ барыта (кэмпиэт, бэчиэнньэ арааһынан ахсаана, бэлэх-туһах көрүҥнэрэ) тура-тура 13 сыыппараҕа иэҕэйбитэ эмиэ ураты суолталанна. Оннооҕор Логлоҕору сэҥээрэн кэлбит дьон ахсаана үс төгүл 13 буолбута дьикти!
Биһирэмньиттэр Надежда Логлоҕор суруйааччы суолугар дьоһуннук киирбитин бэлиэтээтилэр. Элбэх тыла суох көҥөс иэйиини тоҕу тэбиир кэриэтэ бэрт кылгастык суруллубут дьүһүйүү, санатыы, аахсыы, тобуллуу, толкуй, сэрэйии, ахтыы, сэрэтии сэдэх кыымнара кылам гыннылар, «Һок? Һэптиэ!» кинигэҕэ чахчы тиһиллибитин итэҕэйдилэр. Аттынааҕы ыалларыгар сонуннаһа киирбиттии чэй, кофе истилэр, минньигэс амсайдылар, биктэриинэ таайан бириис хомуйдулар, кэмпилимиэннэрдээх кинигэлэри атыыластылар.
Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыга баар, эбэтэр ayar.ru саайтан сакаастыаххытын сөп: https://ayar.ru/catalog/knigi/khudozhestvennaya_literatura/sovremennaya_proza/ok_eptie_chuluu_kylgas_kepseenner/?sphrase_id=79267
+7 (999) 174-67-82