Күндү Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара!
Балаҕан ыйын 10 күнүгэр, күнүс 13 :00 чаастан. Кулаковскай аатынан култуура киинин аттыгар баар Карл Маркс аатынан сквергэ, «Ырыа ыллыгар» «Өйдөбүнньүк ыскамыайалар» — үтүө ааттары үйэтитэр тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
Быйылгы тэрээһиммитигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитигэр, бука бары ахтар-саныыр ырыалардаах «Чороон» ансаамбыл биир бастакы салайааччытыгар, ырыаьытыгар Владимир Мохначевскайга уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгунугар, Сахатынан сирин туһунан элбэх истиҥ-иһирэх ырыалары айан, ыллаабыт Ангелина Файрушинага анаан туруоруллуохтара.
Тэрээһиҥҥэ бииргэ алтыспыт айар куттаах доҕотторо ыллаан, ахтан кыттыыны ылыахтара.
Кэлэн Үтүө түгэҥҥэ кыттыс, ааспыт кэрэ түгэннэри үйэтитис!