Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын үлэһиттэрэ Майаҕатта Бэрт Хара дойдутугар
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын үлэһиттэрэ Майаҕатта Бэрт Хара дойдутугар — Уус Алдан улууһугар
Атырдьах ыйын 17-19 күннэригэр Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ, Матрена уонна Алексей Павловтар салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын делегацията Майаҕатта Бэрт Хара олоҕун-дьаһаҕын, үөскээбит кэмин историятын үөрэтэ Уус Алдаҥҥа баран кэллибит. Майаҕатта Бэрт Хара испэктээкили туруорар, тыйаатыр сүрүн режиссера Александр Титигиров, тыйаатыр уонна киинэ артыыстарын Георгий Бессонов, Юрий Афанасьев, тыйаатыр худуоһунньуга Егор Аммосов уонна тыйаатыр литературнай үлэһитэ Диана Сутакова кыраайы үөрэтээччилэри, уопсастыбынньыктары, олохтоох дьаһалта, култуура уонна түмэл үлэһиттэрин көрүстүлэр.
Экспедиция Уус Алдан Тумулун аҕа баһылыга Василий Петрович Алексеев көрсөн, нэһилиэгин билиһиннэрбитэ. Кыраайы үөрэтээччи, саха тылын учуутала Акулина Степановна Сокольникова Сэһэн Ардьакыап олорбут ытык сирдэринэн, Мөккө булгунньаҕынан, Дьарааманан, Дьиэрэ сайылыгынан, Хамыас күөлүнэн, Хаарты алааһынан, экскурцияны тэрийбитэ, алгыстаах алаадьынан, быырпаҕынан күндүлээн, төрүт аһынан аһаппыта уонна олохтоох ааптар, суруйааччы Надежда Алексеевна Аржакова-Иванова кинигэлэрин бэлэх биэрбитэ.
Дьарааматтан Хардыыга Сыгын Бороҕон пааматынньыгар тиийэн, «Төрүт Бороҕоттор» төрүччү кинигэтин ааптара, краевед Степан Степанович Алексеев-Төрүт Бороҕон сырытыннарар маршрутунан, былыргы бороҕоттор уутуйан олорбут алаастарын илэ харахпытынан көрөн, Кыыс Хаҥаҕа тиийэн хоммуппут.
Айан иккис күнүгэр, Майаҕатта Бэрт Хара төрөөбүт, Кыыс Хаҥа ытык кэрэ сирдэрин Гаврил Гаврильевич Портнягин билиһиннэрдэ. Алгысчыт Николай Николаевич Костромин алгыс көтөҕүү сиэрин-туомун ыытан, «Майаҕатта Бэрт Хара» испэктээги туруорарга көҥүл ыллыбыт.
Бэрт ууһун нэһилиэгэр Сыырдаахха тиийэн, эбэҕэ экскурция, олохтоох дьаһалта эдэр аҕа баһылыга Илья Прокопьевич Ильин көрсөн, кыраайы үөрэтээччилэри, уопсастыбынньыктары кытары төгүрүк остуолга «Майаҕатта Бэрт Хара» испэктээк тула санаа атастаһыыта буолбута.
Үһүс күн сарсыардаттан Уус Алдан улууһун аҕа баһылыга Василий Иванович Аммосов кытары көрүстүбүт. Сэһэргэһии кэнниттэн улуус түмэлигэр сырыттыбыт, Мүрү эбэ, Томтор ытык сирдэрин билистибит.
Салгыы Күбээйинэн 2 Лөгөй нэһилиэгин ытык сирдэрин краевед Роман Яковлевич Бережнев билиһиннэрдэ. Тулуна нэһилиэгин аҕа баһылыга Петр Егорович Бурнашев айаммытыгар тэҥҥэ сылдьыста. Олохтоох кыраайы үөрэтээччилэри уонна култуура үлэһиттэрин кытары көрсөн, санаа атастастыбыт.
Үс күн устата, былыргы Бороҕоттор аҕа уустара уутуйан олоро сылдьыбыт ытык кэрэ сирдэрин устун умсугутуулаах айаҥҥа сылдьан, Тумул, Сыырдаах, Тулуна уонна Уус Алдан аҕа баһылыктарын көрсөн, удьуор утумун туоһулуур суолталаах экспедицияҕа сырыттыбыт.
Павел Васильевич Пермяков-Тэлэкэ:
Сырыыны барытын үөһээнэн-аллараанан түмэл үлэһиттэрэ киинэҕэ устан, хаартыскаҕа түһэрэн, күннээҕи дневниккэ суругунан үйэтитэн, хаһыаттарга сырдатыы үлэтин ыыталларын таһынан, айан түмүгүнэн күһүн НПК уонна аһаҕас уруоктар буолуохтара. Биһиги, бороҕоттор бу айан түгэх өбүгэбит, саха ааттаах бүттүүнэ бэркэ билэр, билинэр, киэн туттар национальнай дьоруойбут Майаҕатта Бэрт Хара сырдык аатын үйэтитиигэ олук охсон, түгэх өбүгэбит Майаҕатта туһунан билиини-көрүүнү кэҥэтэригэр баҕарабыт.
+7 (999) 174-67-82